Уһук Хоту олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр Россия иһигэр сынньана барар-кэлэр бырайыастарын ороскуота төлөнөр.

«О государственных гарантиях и компенсациях для лиц, работающих и проживающих в районах Крайнего Севера и приравненных к ним местностях» сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэриини «Биир ньыгыл Россия» баартыйаттан депутаттар көҕүлээбиттэрэ диэн СИА суруйар. Михаил Мишустин дьаһалынан сынньана барааччылартан бырайыаһынан туһаналларыгар  ыспыраапка ирдэммэт буолуоҕа.

Маннык компенсация уруккутун курдук икки сылга биирдэ бэриллэр.

edersaas.ru