2016 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уу суолунан таһаҕаһы тиэйии түмүктэннэ. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, барыта этэҥҥэ ааста. Нэһилиэнньэ олоҕор сүрүн суолталаах бородуукта (бурдук, саахар, туус, чэй, мас арыыта, эт кэнсиэрбэтэ, үүт-эт, курууппа, мокоруоннай) улуустарга барыларыгар тиэрдиллибитин туһунан маны үүннүүр-тэһиинниир «Якутопторг» АУо генеральнай дириэктэрэ Родион Федоров иһитиннэрдэ. Барыта 2800 т ас-үөл тиэйиллибититтэн, аҥара Бүлүү умнаһын улуустарыгар, уоннааҕыта Халыма үс улууһугар, Абыйга, Аллайыахаҕа, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Өлүөхүмэҕэ баар бириистэннэргэ тиэрдилиннэ. Итини тэҥэ, 2016 сыл саҥатыгар кыһыҥҥы суолунан 9 тыһ. т бородуукта тиийэн турар. Бу олус эппиэтинэстээх тэрээһин буолар. Хоту улуустар кииннэригэр эрэ буолбакка, ыраах сытар нэһилиэктэргэ сыллааҕы нуормаларын илдьэллэр.
Эһиилги тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии саҕаламмыт
Тустаах тэрилтэ салайааччыта Родион Федоров: «Билигин 2016 сыллааҕы былаан туолбутун да иһин, налыйан олорбокко, 2017 сылга кыһыҥҥы суолунан бородууктаны тиэйии тэрээһинин саҕалаатыбыт», – диир. Бэлэмнэнии быһыытынан улуустар сайаапка биэрбиттэрин түмэн, төһө бородуукта тиэйиллиэхтээҕин чопчулууллар. Тохсунньуга бородууктаны тиэйиигэ үлэлиэхтээх биирдиилээн предпринимателлэр (тимир көлөлөөхтөр) кытталларыгар куонкурус биллэрэллэр.
Тэтэрээккэ суруллубут иэс
Хомойуох иһин, бу хайысхаҕа кыһалҕа баар эбит, ону ааһан улахан. «Якутопторгтан» бородуукта атыыласпыттартан үгүстэрэ төлөһө иликтэрэ биллэр. Сорохтор иэстэрэ 2010 сылтан ыйанан сылдьар. 2003 сылтан 2014 сылга диэри иэстэрэ 108 мөл. солк. тиийбит. Итиннэ 2015 сыллааҕы иэһи уонна быйылгыны эптэххэ, 150 мөл. сол буолар. Иэс туохтан үөскээтэ? Оператордар уонна килиэби астааччылар «Якутопторгтан» тиийбит бородууктаны, бурдугу нэһилиэнньэҕэ атыылаан баран, ол харчытын кыайан төннөрбөттөр. Сүрүн төрүөт туохханый? Ыраах сытар нэһилиэктэргэ бородууктаны атыылааччылар иэс биэрэ олороллор, ол иэһи тэтэрээккэ эрэ суруйаллар. Иэс ылбыт дьон үксүлэрэ биэнсийэлээхтэр. Ый ортото биэнсийэ, оҕо босуобуйатын харчыта кэллэҕинэ эрэ төлөһөллөр. Оттон булчуттар түүлээхтэрин, балыктарын атыылаан харчыластахтарына эрэ эмиэ утары уунардаах буолаллар. Үлэтэ суохтар сыл устата кур иэскэ сылдьаллар. Маҕаһыын үлэһиттэрэ бородууктаны саба баттаан баран сыппаттара чуолкай, үксүлэригэр иэс биэрэллэр. Онон бу социальнай хабааннаах боппуруос. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэнньэҕэ уу харчы аҕыйах. Улуус кииннэригэр маннык быһыы-майгы тахсыбат эбит.
Бүддьүөт көмөлөһөр кыахтаах дуо?
Бу кыһалҕа социальнай боппуруос буоларын быһыытынан элбэх оҕолоох ыаллар, инбэлииттэр иэстэрин бүддьүөт уйунуон сөп дуо диэн ыйытыы үөскүүр. «Якутопторг» генеральнай дириэктэрэ Родион Федоров сөптөөх үлэ, тэрээһин ыытылыннаҕына, кыаллыан сөп диир. Ол курдук, кыаммат ыаллар оҕолоро күһүн оскуолаҕа үөрэнэ баралларыгар форма атыылаһалларыгар бүддьүөттэн көрүллэр үбү сүрүн суолталаах бородууктаны атыылаһыыга биэриэххэ сөп диэн этэр. РФ промышленноһын уонна эргиэҥҥэ миниистирэ Денис Мантуров элбэх оҕолоох ыалларга, инбэлииттэргэ кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн бородууктаны босхо атыылаһалларыгар социальнай карточканы түҥэтээри гыммытын 2018 сылтан киллэрэргэ быһаардылар. Москва мэрэ Сергей Собянин дьоҕус биэнсийэни ылааччылар, элбэх оҕолоох ыаллар бородууктаны ыйга биирдэ анаан маҕаһыыннартан босхо атыылаһалларыгар аналлаах социальнай карточканы биэртэлээтэ. Онон хоту улуустарга олорор кыаммат ыалларга итинник хабааннаах көмө оҥоһуллара буоллар, хас эмит сыллаах иэстэриттэн син төлөрүйүө этилэр.
Чукоткалар сатабыллаах механизмнара
«Якутопторг» генеральнай дириэктэрэ Родион Федоров хампаанньа кирэдьиит ылбакка үлэлиэн сөп диир. Чукоткаҕа «Якутопторг» курдук судаарыстыбаннай «Чукотопторг» тэрилтэ үлэлиир уопутун туһаннахха, ити кыаллар кыахтаах. «Чукотопторг» кирэдьиит ылбакка үлэлии олорор. Судаарыстыбаттан көрүллэр субсидия харчыта оройуоннарга уонна нэһилиэктэргэ быһаччы тиийэр эбит. Ол харчыны бэйэлэрэ көрөн-истэн, киһи олоҕор сүрүн суолталаах бородуукталар сыаналарын түһэриигэ туһаналлар. Ол курдук, кэлин тиһэҕэр субсидия үбэ «Чукопторга» төннөн кэлэр. Бу механизмы өрөспүүбүлүкэ эмиэ туһаныан сөп. Бүгүн олохтоох «Якутопторг» хампаанньа судаарыстыбаттан көрүллэр субсидия үбүн тиэйии ороскуотугар (тимир суол, тимир көлө, сөмүлүөт) туһанар. Бородууктаны атыылаһыыга биир да солкуобай кыттыспат.
Чукоткалар механизмнарын туһанар сыалтан тустаах олохтоох хампаанньа анал бырайыагы СӨ бырабыыталыстыбатын салалтатыгар бэлэмнээн сотору киллэриэҕэ. Бастаан утаа аҕыйах улууска боруобалаан көрүөххэ сөп.
«Якутопторг» АУо генеральнай дириэктэрэ Родион Федоров:
– «Якутопторг» сүрүн суолталаах бородууктаны тиэрдээри, баантан кирэдьиит ылар. Маны ыларбытын өрөспүүбүлүкэ мэктиэлиир буолан, биһиги кыайан төлөспөтөхпүтүнэ, бааннар иэспитин бүддьүөттэн туталлар. Төһө кыалларынан иэспитин төлөһө сатыыбыт. Баантан 230 мөл. солк кирэдьиит ылабыт, ону икки сыл иһигэр 115 мөл. солкуобайдыынан төннөрүөхтээхпит. Хоту улуустарга кытыы сытар нэһилиэктэр иэстэрин кыайан төлөөбөттөрө тэрилтэ экэниэмикэтигэр тута биллэр, кыһалҕаны үөскэтэр.
Кыһын таһаҕаһы тиэйиигэ кыһалҕалар бааллар. Ол курдук, Дьокуускай куоракка баар базабыт улахан көдьүүһэ суох буолан эрэр. Инники өттүгэр сабыллыан даҕаны сөп. Тоҕо диэтэххэ, таһаҕас барыта Аллараа Бэстээххэ мунньуллар. Быйыл Өлүөнэ баһыгар уу таһыма түспүтүгэр, биһигини тимир суол абыраата. Аллараа Бэстээххэ сөптөөх база наадатын кэм-кэрдии көрдөрдө. Оччоҕуна кэлбит таһаҕаһы онно сыымайдаан баран, тимир көлөлөргө тиэйэн, хоту улуустарга ыытар быдан судургу буолуо этэ. Холобур, бүгүн тимир суолунан кэлбит таһаҕаһы Аллараа Бэстээхтэн Дьокуускайга баар базаҕа аҕалан, өрө-таҥнары сыымайдаан, наардаан массыыналарга тиэйэн, төттөрү Аллараа Бэстээҕинэн ыыта олорорбут сатамньыта суох уонна ороскуота улахан. Онон ороскуоту аччатар инниттэн Аллараа Бэстээххэ «Якутопторг» базата тутуллуон наада. Акционернай уопсастыба быһыытынан дохуот киллэрэргэ кыһаллыахтаахпыт, аҥардас социальнай сакааһы эрэ толоруо суохтаахпыт.
«Якутопторга» үһүс сылбын генеральнай дириэктэринэн үлэлиибин. Маҥнай үлэлии кэлэрбэр тэрилтэ кирэдьииккэ иэһэ элбэх этэ. Быдан ночооттоохтук үлэлии олороро. Ону лаппа аччатан, дохуоту киллэрэргэ күүскэ үлэлии сылдьабыт. Хаалбыт икки ыйга итини ситиһиэхпит. Ороскуоттаахтык үлэлиир базаларбытын саптыбыт. Итини сэргэ, Ленскэйгэ, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ баар базаларбытын арендаҕа биэрдибит.