Өлөөн улууһуттан төрүттээх Христофор Григорьевы Хотугу сир дьонун «аҕатынан» күн бүгүҥҥэ диэри дириҥ ытыктабылынан ахталлар.
edersaas.ru
Христофор Григорьев оскуолаҕа хара ааныттан үчүгэйдик үөрэнэн, инники олоҕор бэлэмнэнэн барбыта. Эдэркээн Куруступуор инники былааннарын уонна баҕа санааларын олоххо киллэрэн, чахчы чаҕылхай уонна дириҥ ис хоһоонноох олоҕу олорбута.
1966 с. ССКП Өлөөннөөҕү райкомун иккис сэкиритээрин эппиэттээх дуоһунаһыгар анаммыта. Сотору кэминэн Өлөөн оройуонун дьоно кинини бастакы сэкиритээринэн мэктиэлээн талбыттара.
Христофор Григорьев оройуон бастакы салайааччытынан үлэлиир кэмигэр улууска таба иитиитэ хаһааҥҥытааҕар да сайдыбыта, 33 тыһыынчаттан тахса төбөҕө тиийбитэ. Ол да иһин, улуус хаста да бүтүн сойуустааҕы уонна Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарынан буолбута.
Оччолорго Христофор Афанасьевич баартыйа райкомун бастакы сэкиритээригэр диэри үүммүт хотугу норуоттартан бастакы бэрэстэбиитэл этэ. Кэлин Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин аппаратыгар хотугу сир норуоттарын дьыалаларыгар отделы салайбыта. 1989 с. Хотугу норуоттар ассоциацияларын бастакы сэкиритээринэн талыллыбыта.
Билигин баара буоллар, 90 сааһын туолуохтаах Христофор Афанасьевиһы бар дьоно умнубат. Уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай деятель Х.Григорьев экономика боппуруостарыгар историческай, бөлүһүөктүүр уонна психологическай анаарыылара хас да кинигэ буолан бэчээттэммиттэрэ. Бүгүн кини уус-уран хабааннаах биир суруйуутун ааҕааччыларга билиһиннэрэбит.
«Бэтэрээн» сайылык ыаллара
1980-с сылларга куоракка бэйэтигэр олорор дьоннорго даача (сайылык) учаастактарын биэрии бобуулаах этэ. Ол гынан баран, сэбиэскэй норуот Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыайыытын 35 сыла туоларынан сибээстээн, СӨ Миниистирдэрин сэбиэтин көҕүлээһининэн уонна Дьокуускай куорат үлэһиттэрин дьокутааттарын сэбиэтин исполкомун быһаарыытынан, сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр даачаны туттарга кооперативы тэрийбиттэрэ уонна Дьокуускай куоракка Үрүҥ Күөл оройуонугар бэртээхэй уһаайбалары тыыран биэрбиттэрэ.
Ити сайылыкка биһиги, кэргэммин кытары, атын бэтэрээннэр курдук, бэрт баҕайы дьиэни туттубуппут, аймахтарбыт уонна билэр дьоммут көмөлөспүттэрэ. Сайылыкпытыгар ньир-бааччы ыал буолан олорбуппут, 20-тэн тахса сыл устата оҕуруот араас аһын, хортуоппуйу муҥура суох үүннэрбиппит. Кооператив дьонноро эйэ-дэмнээхтик, иллээхтик олорбуппут, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһүү бөҕө, аһыныгас сүрэх дьиҥнээҕэ, ким ханнык омугуттан тутулуга суох көрсүө сыһыан манна баара. Үөрүүлээх ыһыахтар уонна үбүлүөйдэр манна ыытыллар этилэр. Куорат дьокутааттарын сэбиэтин уонна дьаһалтатын салайар да, эппиэттээх да үлэһиттэрэ, куорат атын да бэтэрээннэрэ мэлдьи ыалдьыттыыллара.
2000 с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, элбэх уордьан уонна мэтээллэр кавалердара Василий Семенович Негнюров уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт, Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Степан Егорович Дадаскинов «Бэтэрээн» сайылык ыаллара» диэн дьоҕус кинигэни таһаартарбыта. Ити кинигэҕэ мин уонна кэргэним туһунан ахтыыны киллэрбиттэр этэ.
Биллиилээх бэйиэт Степан Дадаскинов «Бэтэрээннэр даачалара» диэн хоһоону суруйан ити кинигэҕэ бэчээттэппитэ. Ааспыты ис дууһаттан ахтыы (ностальгия) уонна үрдүк күүрүүлээх ода стилинэн суруллубут айымньынан бэтэрээннэр олус астынарбыт уонна билигин да киэн туттабыт. Биһиги чугас, элэ табаарыспыт Степан хоһоонун ыкса дьоннорбутун уонна табаарыстарбытын ахтарбытыгар аан бастакынан саҕалыыбыт эбэтэр түмүктээн бүтэрэбит. Оннук дьикти абылаҥнаах хоһоон.
2001 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Соловьев Степан Николаевич» диэн кинигэҕэ «Уоланнар уҕараабат доҕордоһуубут» С.Н.Соловьев туһунан эр дьоннор доҕордоһууларыгар сыһыаннаах улахан ахтыыны бэчээттэппитим. Кини Хаҥалас улууһуттан төрүттээх мин кэргэним биир дойдулааҕа, ыаллыы нэһилиэк киһитэ этэ. Билигин биһигини кытары кини суох, орто дойдуттан барбыта.
Мин хас утуйан турдаҕым аайы доҕорум, уус-уран тыл маастара Степан Дадаскинов ити хоһоонунан уһуктар курдукпун, бэтэрээн дьоннорум уонна чугас доҕотторум күн сырдыгар, төрөөбүт орто буордарыгар уонна дойдуларыгар мэлдьи баар курдуктар, онтон дууһам үөрэр, сырдыыр…
Степан Егорович сайылыкка турар биһиги дьиэбитигэр сотору-сотору сылдьан ааһар идэлээҕэ. Кэргэним ас бэлэмнии охсон, ыалдьытын минньигэс аһынан уонна итии сахалыы үүттээх чэйинэн күндүлүүрэ. Киһибит кэпсээнэ бүппэт, ыал кырдьаҕас ийэтин кытары тоҕо-хоро сэһэргэһэ олорор буолар. Арай биирдэ иһиттэхпинэ, мин кэргэним араадьыйанан кэпсээн чоргуйар. Суруналыыспыт чэйдии-чэйдии кэпсэтэ олорон, пленкаҕа түһэрэн ылбыт эбит. Ону биир араадьыйанан биэриитигэр холбоон иһитиннэрбит. Онтон билэн-истэн, көрөн бэйэтин ити үөһэ аахпыт хоһоонугар сэрии ыар сылларыгар үлэ фронугар хоту үлэлээбит, ыарахаттары, тоҥууну-хатыыны ааспыт, балыксыт кыыс туһунан икки строкаҕа алта эрэ тылынан киллэрбит этэ .
2004 с.
Андрей Кривошапкин, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, СӨ норуодунай суруйааччыта:
«Мин норуоттар дьыалаларыгар отделга Христофор Афанасьевич быһаччы салалтатынан үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Кини миэхэ сиэрдээхтик уонна ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Бэл, миигин бэйэтин ханыытын курдук көрөр курдуга. Биһиги элбэхтик кэпсэтэрбит. Мин киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Кинини бэйэм дьиҥнээх сүбэһиппинэн ааҕабын».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru