Хоту дойду хоһууттара сэргэх кэпсэтиини тартылар, түһүлгэҕэ үҥкүүлээтилэр

Бөлөххө киир:

А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын уораҕайыгар «Хоровод надежды» диэн бэртээхэй бырааһынньык буолла. Эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, долганнар, чукоткалар үҥкүүлэрэ бу күн көҕүлүттэн тутулунна, сэргэх кэпсэтии буолла диэн пресс-сулууспаттан иһитиннэрдилэр. 


Аал уот иччитин айах тутан күндүлээһинтэн далааһыннаах тэрээһин саҕаламмыт. Салгыы киэҥ, дьоһун кэпсэтии үҥкүү-ырыа аргыстанан ыытыллыбыт. Соторутааҕыта эрэ Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин бастакы ханаалыгар «Эскимо күнүгэр» көстүбүт «Гиркилэн» эбэҥки ансаамбылын салайааччы Анастасия Куличкина бырааһынньыгы тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыытта дииллэр.

—Биһиги бу тэрээһиммитинэн Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын Ассоциацията тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиибит. Бу үбүлүөйдээх тэрээһини саҕалааһыммыт буолар, — диэбит. Хотугу норуоттар үҥкүүлэрин харыстыыр, ыччакка иҥэрэр, сайыннарар, бары норуоттар култуураларын дириҥник өйдүүр, билиһиннэрэр сыаллаах-соруктаах тэрээһини иккис төгүлүн ыыталларын эппит.

Түһүлгэҕэ толору мустубут ыалдьыттарга учуонайдар уонна хоту дойду норуоттарын үҥкүүлэрин үөрэтэр, тарҕатар дьон бу үҥкүүлэргэ хамсаныы-имсэнии суолтатын, уратытын, ырыатын туһунан сырдаппыттар. Эбэҥкилэр иилии эргийэр ураты үҥкүүлэрин туһунан РНА Сибиирдээҕи салаатын  Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын уонна тылларын-өстөрүн чинчийэр институт учуонайдара, филология наукатын дуоктара Александр Варламов уонна филология наукатыгар кандидат Маргарита Яковлева; эбэҥки норуотун култууратын тарҕатар Галина Керегяева уонна  Өлөөн эбэҥкилэрин бэрэстэбиитэлэ Егор Николаев олус үчүгэйдик, киһи эрэ сэргээн, кэрэхсээн истиэҕин курдук кэпсээбиттэр. «Хэйро» долган үҥкүүтүн Милания Спиридонова уонна Ева Миронова көрдөрбүттэр. Бу үҥкүүнү тохсунньуга, уһун хараҥа түүннэр кэннилэриттэн күн көстүүтүгэр, муус устар ортотугар эбэтэр бүтүүтүгэр тугуттар төрөөтөхтөрүнэ үҥкүүлүүллэр эбит. Эбээн һээдьэтин арааһын ытык киһи Михаил Едукин уонна «Долгунча» фольклор ансаамбылын салайар Зинаида Никулина билиһиннэрбиттэр. Дьүкээгирдэр үҥкүүлэрин туһунан  Валентина Семенова олус интэриэһинэйдик кэпсээбит. Туундара уонна тайҕа дьүкээгирдэрин үҥкүүлэрин  култуура уонна ускуустуба кэллиэһин преподавателэ Светлана Степанова устудьуоннарын кытары көрдөрбүтэ кэрэхсэбили ылбыт.

Пресс-сулууспа лауроветланнарга—чукчаларга иилии эргийэр үҥкүүлэрэ суох диэн суруйар. Ол эрээри, атын үҥкүүлэригэр кинилэр тириини хайдах имитэллэрин, иистэнэллэрин, табаны эккирэтэллэрин, балыктыылларын, бултуулларын-алтыылларын, көтөрү-сүүрэри, кыылы-сүөлү хамсаныынан көрдөрөллөр. Ураһаларыгар оһохторун иилии эргийэн үҥкүү хамсаныытынан кэпсэтэллэрин туһунан билиһиннэрдилэр диэн этэллэр.

Маргарита Яковлева быһаарбытынан, холобур, ырыаҕа «дэвэй» диэн таҥаска оһуору эбэтэр таас хайаҕа уруһуйдуурга туттуллар «охра» диэн өйдөбүллээх эбит. «Оссуорай» чууму өрө тардыыны, хомуйууну быһаарар диэбит.

«Долгунча» фольклор ансаамбылын салайар Зинаида Никулина эбээннэр бэйэлэрин күн оҕолоробут дииллэрин, былыргы үйэни уҥуордаатахха, сэриигэ киирэргэ ыҥырар һээдьэ баарын эппит.

—Улахан тыас, дорҕоон сирбитигэр-уоппутугар куһаҕан санаалаах киһи эбэтэр үчүгэйи оҥорбот, үөтэтэ суох туох эрэ чугаһаата, онон дьиэ кэргэни, табалары харыстыырга, көмүскүүргэ оноҕостору уонна ох сааны бэлэмнэнэ охсуохха диэн биллэрии буолар эбит. Маны сэргэ, үҥкүүнэн үөрүүлэрин-көтүүлэрин кэпсииллэрэ. Ол курдук, эр дьон үчүгэйдик бултуйдахтарына, ураһаларыгар илиилэрин сарын-сарыннарыгар уурсан баран олорон үҥкүүлүүллэр эбит. Тэтимнэрэ түргэтээһинэ, таһырдьа ыстаналлара үһү, — диэн, онтон да атын элбэҕи сэһэргээбит, биис ууһун һээдьэтэ эмиэ баара биллэрин иһитиннэрбит.

Дьүкээгир кырдьаҕастарын сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ Валентина Семенова :

— Үөһээ Халыма, ойуур дьүкээгирдэрин үҥкүүтэ лондол дэнэр. Онтон өссө биир  үҥкүүнү Аллараа Халыма Андрюшкино дьүкээгирдэрэ 2005-2006 сылларга булан таһаарбыттара. Ол (лохогайнули) үҥкүүгэ «мала мала» диэн иилии эргийэр үҥкүүгэ ыҥырар тыл баар. Уратылара диэн, ити бастакы эппит үҥкүүм — сиэр-туом үҥкүүтэ. Эбээннэр, чукоткалар, сахалар үҥкүүлэриттэн уратыта ии ортотугар кубаны хамсанан-имсэнэн көрдөрөр икки сүрүн үҥкүүһүттээхтэр. Кинилэр кубалар кынаттарын дайбаан көтөллөрүн, араастаан кэрэтик хамсаналларын көрдөрөллөр, айылҕа тыаһын-ууһун үтүктэн араас дорҕоону таһааран иһитиннэрэллэр, — диэбит.

«Русское Устье» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Татьяна Шкулева Аллайыахаҕа хотугулуу-илин Русское Устье диэн былыргы нуучча сэлиэнньэтэ баарын, манна былыр Улуу Новгородтан өссө Иван Грознай саҕана кыһалҕаттан куотан кэлбит нууччалар удьуордара баалларынан, бу ураты дьонноох-сэргэлээх сиринэн биллэрин бэлиэтээбит.  Кинилэр былыргы өбүгэлэрин тылын-өһүн, култууратын, «Ручеек» диэн хоробуоттарын, Ороһуоспа бырааһынньыгар манна көскө кэлиэхтэрин иннинэ, өбүгэлэрэ үҥкүүлүүр «Омуканово» үҥкүүлэрин харыстаан илдьэ сылдьаллара сөхтөрөр диэбит.

* * *

Түһүлгэ хойукка диэри араас уотунан сандаарбыт. Иилии эргийэр үҥкүү тохтоло суох бииртэн-биир салҕанан, дьону өссө ордук эрчимирдибит. Үөрүүлээх бырааһынньыкка мустубут ыалдьыттарга бу күн Татьяна Бандерова салайааччылаах «Колымчанка» дьүкээгир этнофольклорнай ансаамбыла, Анастасия Куличкина салайар «Гиркилэн» эбэҥки, эбээн дьахталларын «Индигир» (салайааччы  Тамара Северьянова), «Аймулдан» эбээн ыччатын  (салайааччы Дария Мартынова) ансаамбыллара тэрээһини ситэрэн-хоторон биэрбиттэр. Бырааһынньыкка сылдьыбыт дьон олус астынан, дуоһуйан, махтал тылларын этэн тарҕаспыттар.

Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0