Хоту дойду хоһууна — айанньыт Дугуйдан

21.07.2022
Бөлөххө киир:

Ыраах, аан дойдуга тымныы полюһунан аатырбыт Өймөкөөн хаардаах хайаларын арҕастарын быыһыгар бүгэн турар Үчүгэй нэһилиэгэр саха аттарынан Англияҕа диэри айанныыр соруктаах айанньыт Никита Гресси кэлбитэ.

edersaas.ru

Кини омугунан дьиҥинэн нуучча гынан баран, дьонноро Англияҕа эмигранныы барбыттарынан, англичанин быһыытынан биллэр. Бу саха аттарынан айанныыр сүҥкэн бырайыакка кини саха аттарын талар  уонна аргыс эдэр киһини булунар санаалааҕа. Бу кини бырайыагын Аан дойдутааҕы атынан айанныыр уопсастыба үбүлүүр буолбута. Онон,  Өймөкөөҥҥө кэлэн бырайыагын олоххо киллэрэргэ үлэлэһэн барбыта. Кини Винокуровтар сылгыларын баазатыгар кэлэн Дугуйданныын билсэн, бэлэмнэнии үлэтин ыыппыттара.

Биллэрин курдук,  аан дойду үрдүнэн хамсык сатыылаабыта. Гресси дойдутугар Англияҕа төннөн баран кэлбэккэ өр буолбута. Оттон Дугуйдан ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан өр кэтэспитэ. Онтон биир үтүө күн аҕатын, дьонун-сэргэтин кытары сүбэлэһэн баран, күтүөтүн Мичил Неустроевы кытары айаҥҥа турунарга быһаарыммыттара. «Тоҕо саха аттарынан саха хоһууттара айанныа суохтаахтарый, сахалар туох итэҕэстээхпитий, саха сылгытын иитэр, көрөр дьон бэйэбит Дьөһөгөйбүт оҕотун тулуурун тургутарбыт тоҕо сатамматый?».

Дьэ,  итинник кытаанах санааны ылынан,  Хоҥор, Хаастаах, Сунтаар, Айан диэн аттарынан унньуктаах уһун айаннарыгар туруммуттара. Оттон Никита Гресси: «Бу сахалар мин бырайыакпын туһаннылар, плагиаттаатылар» — диэн киэҥ айдааны тардыбыта. Сахабыт сирин биллэр-көстөр дьонноро уолаттарбытын суолга тоһуйан, өйдөтүү үлэтин ыытарга кытары холоно сылдьыбыттара. Оттон уолаттарбыт айаннарын тохтоппотохторо. Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан чугас доҕордоро Ньургун Габышев кэпсэтэн-ипсэтэн, хайдах айаннаан иһэллэрин, туох ыарахаттар баалларын билиһиннэрэн испитэ. Ол курдук,  айан аарыктаах аартыгынан, Өймөкөөн үрдүк хаардаах уорҕаларын хайа тыыран, хоту дойду хоһууннара: Дугуйдан Винокуров уонна Мичил Неустроев, Дьөһөгөй оҕолорун арҕастарыгар чоҥкунас кырыаны бүрүнэн, айаннарын салҕаан испиттэрэ. Аара дэҥ-дэҥ быһа охсон ааһар түөлбэлэрэ, үүтээннээх булчуттар, сылгы ииттэр баазалаах сылгыһыттар да, бары дьоһуннук көрсөн, үтүө өйөбүл буолбуттара. Биллэн турар,  уолаттар маннык айаҥҥа хаһан да турумматах буоланнар, билэллэрэ-көрөллөрө аҕыйах да буоллар, санааларын күүһүнэн иннилэрин хоту дьулуруйан испиттэрэ. Бу маннык ыраах айанныылларыгар, Англия арҕаа баарын истэн эрэ билэр Өймөкөөн хоһууннарыгар, онно хайдах тиийэллэрэ бэйэтэ туспа уустук тургутуу үөскээн тахсыбыта. Ол иһин инстаграмҥа уонна Ньургун Габышевка маннык ис хоһоонноох сурук суруйбутум.  Уолаттар айанныыр хайысхаларын уларыталларыгар сүбэлээбитим. Ол курдук, Аҕа дойдуну көмүскүүр ытык сэриигэ Саха сириттэн 45 тыһыынча талыы аты арҕаа сэриигэ хомуйан ыыппыттарын туһунан суруйбутум уонна «По следам боевой славы якутских лошадей в годы Отечественной войны» диэн курдук ааттаан, Москваҕа диэри  тиийдиннэр, онтон табылыннаҕына Берлииҥҥэ да тиийиэхтэрин сөп диэн сүбэлээбитим. Оччоҕуна Гресси бырайыага төрдүттэн уларыйан, үҥсүһэр-харсыһар күүһэ сөллөн тахсар диэн. Онон,  уолаттар Москваҕа диэри  айанныыр буолбуттара.

Кэлин Дьокуускайга кэлбиттэрин кэнниттэн «Русское географическое общество» Саха сиринээҕи салаата (салайааччы Егор Борисов) Саха автономиятын 100 сылын көрсөр тэрээһиҥҥэ сыаллаан-соруктаан, бырайыак тосхоло оннук ааттаммыта. Онон,  Москваҕа диэри айанныыр буолбуттара. Ол да буоллар,  уолаттарбытыгар өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн күттүөннээх көмө оҥоһуллубатаҕа. Уолаттарбыт хас эмэ сылы быһа дьиэлэрин, дьиэ кэргэннэрин хаалларан айанныыллара, биллэн турар, уустук тургутуу этэ. Ким да билбэтэ: бу унньуктаах уһун айан хайдах салаллыан, араас ыарахаттар хас тоҕой ахсын тоһуйан, хас кэрии ахсын кэтээн кэнтик иитэн турбуттара. Ол курдук,  аттар боккуоптарын саайыы хайдах курдук уустугун «Үс Хатыҥҥа» илэ көрөн итэҕэйбитим. Саха сылгыта, Дьөһөгөй оҕото барахсан бэйэтэ тыйыс, дьэбир да диэххэ дуу,  сигилитэ, көҥүл өртүнэн туйахтарыгар боккуобу саайтарыыны ылымматын көрдөрбүттэрэ. Атахтарыттан быалаан охторо сытыаран, кэлгийэн эрэ баран боккуоп саайаллара. Оттон соҕуруу дойду сылгылара олох да хамсаабакка туран биэрэр эбиттэрин элбэхтэ көрбүтүм. Саха сылгылара ол курдук көҥүл, чоруун сигилилээхтэрин туһунан Дугуйдан ахтан аһарбыта. Аара улахан массыына халтарыйан кыл мүччү, хата улахан эчэтии оҥорботоҕо. Аны балай да айаннаабыттарын кэнниттэн Мичил ата Айан көнтөһүттэн боккуобуттан иилистэн, көлөттөн өлбүтэ. Онтон өр өтөр буолбакка иккис ата Сунтаар хараҕын мутукка тэспитэ. Инньэ гынан,  Мичил эчэйбит атын илдьэ төннөргө күһэллибитэ. Оттон Дугуйдаан соҕотоҕун айанын салҕаабыта.

Манна даҕатан эттэххэ урбаанньыт Владимир Федоров уолаттарбытыгар «Соболь» диэн сабыс саҥа массыына атыылаһан,  дьоһуннаах өйөбүл оҥорбутугар Дугуйданнаах, Мичил улаханнык махтаммыттара. Бу күттүөннээх көмө иһин Саха сирин олохтоохторо урбаанньыт Владимир Федоровка бары махтаныах кэриҥнээхпит. Айан тургутуктара итинэн эрэ  муҥурдамматахтара.

Биир  сарсыарда Дугуйдан өттөнөн турар аттарын аттыгар туртас киирэн, сүр улаханнык хаһыытаабытыгар, Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар үргэннэр, өттөнөн турбут тоһоҕо мастарын тоҕута тардан, тыаны кэппиттэрэ. Саха сылгылара дойдубут бу туһунан баар этэ диэбиттии, лиҥкинэс тайҕа быыһынан аҕыйахтык элэҥнээн хаалбыттара. Дугуйдан соҕотох, икки атаҕар туран хаалбыта. Кини эдэр, тэтиэнэх, кыанар буолан аттарын кэнниттэн түһүнэн кэбиспитэ. Дьэ, ол курдук,  хас эмэ чааһы быһа сырсан, Үрдүк Айыылартан көрдөһө испитэ. Инньэ гынан,  аттарын күөйэ ырааҕынан сүүрэн тиийэн, кыл мүччү тохтотон туппута. Бу кый ыраах, тайҕа быыһыгар соҕотох туран хаалыы дьэ саныахха амырыын суол.

Ити курдук,  араас уустуктары көрсөн, дойду 17 эрэгийиэнин уҥуордаан Саха чулуу уола Дугуйдаан айанын түмүктүүр биэтэгэр аны тапталлаах уола Дархан кэлэн холбоһон, айаннаабыта бу олус үчүгэй холобур. Аҕа уонна уол. Дархан аҕатынан киэн туттуон туттар. Бу үлүгэрдээх унньуктаах уһун айаны, ыҥыыр үрдүгэр Эр Хоһуун Дугуйдан, ыраах тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн дойдубут тэбэр сүрэҕэр, Улуу Москуба куоракка улахан тургутуулары туораан, саха сылгытын тулуурун, кыаҕын арылхайдык көрдөрөн үктэннэ. Бу айанын тухары Дугуйдан хаһан да айан ыарахаттарын туһунан ахтыбакка, өрүү үтүө майгытын, судургу эр киһилии уу сахалыы да,  нууччалыы да икки тылынан ыраастык кэпсии-ипсии испитэ сөхтөрөр. Аны Саха сирин, саха сылгытын туһунан хас сылдьыбыт сирин ахсын билиһиннэрэн  сөхтөрдө. Хомуска да бэркэ оонньуур эбит. Аны саха уустарын оҥоһуктарын ымыы, харысхал гынан илдьэ сылдьара, саха быһаҕын туһунан кэпсиирэ бэйэтэ туспа умсулҕаннаах сэһэн. Үгүс эдэр дьон холобур туттуохтарын сөп, бу дьулуурдаах хорсун быһыыны. Манна кини саха аттарын тулуурдарын сэргэ, саха хоһуун эр бэрдин тулуурун, дьаныарын, өй-санаа өртүнэн булгуруйбат күүстээҕин көрдөрдө.

Манна даҕатан эттэххэ  Дугуйдан олох кыратыгар, тоҕус ыйдааҕар уонна үс саастааҕар ийэлээх аҕатын кытары атынан Хабаровскай кыраайга айанныы сылдьыбыт кэмнэрдээх эбит. Бу Дьөһөгөй оҕотун өрө тутан иитиинэн өрдөөҕүттэн дьарыгыран, сыспай сиэллээҕи Өймөкөөн хайаларын быыһыгар ууһатар, тэнитэр хоһуун, үтүө майгылаах, дьарыктаах дьиэ кэргэни киһи сөҕөр эрэ. Аны Дугуйдан ийэтэ сэбиэскэй кэм саҕана умайа турар ыалларын  дьиэтиттэн, кыра оҕолору уонна кыаммат инбэлиит кырдьаҕаһы быыһаан турардаах эбит. Онон,  Дугуйдаан ийэлээх, аҕата дьэ, кырдьык даҕаны хоту дойду сэмэй, үлэһит, хоһуун дьоно эбиттэр. Онон,  кинилэр туйахтарын хатара сылдьар уоллара Дугуйдаан, кырдьык да,  олоххо кинилэри холобур оҥостон маннык күүстээх, дьулуурдаах санаалаах буола улааппытыгар итэҕэйэ саныыгын.  Ирина Христофоровна уонна Семен Львович Винокуровтарга  маннык чулуу ыччаты иитэн таһаарбыттарыгар улахан махталбын этэбин.

Онон, саха сылгытыгар, Дьөһөгөй оҕотугар өлбөөдүйбэт мэҥэ өйдөбүнньүгү, бу үлүгэрдээх будулҕаннаах кэмнэргэ  Дугуйдан соргулаахтык дугуйан оҥордо. Саха Хоһуун эр бэрдигэр Сахабыт сирин бары дьонун-сэргэтин аатыттан махталбытын аныаҕыҥ.

Түмүккэ бу Саха сирин, саха норуотун, саха атын аатырдыбыт хорсун киһиэхэ, өрөспүүбүлүкэ  дьаһалтата дьиэ кэргэнигэр күттүөннээх көмө оҥоруон баҕарабыт.

“Саха сирэ”, edersaas.ru саайтка анаан  Василий ГОГОЛЕВ-УЙУЛҔАН, суруйааччы  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0