Хаһан баҕарар идэлэригэр бэриниилээх, үлэлэринэн олорор, этэргэ дылы, “умайа” сылдьар дьон баар буолаллар. Уһук Хоту командировкаҕа бара сылдьан, биир оннук киһини, буолаары буолан, биир идэлээхпин көрсүбүтүм.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Туйаара Семенова Усуйаана улууһун тэлэбиидэнньэтигэр соҕотоҕун үлэлиир. Дириэктэр, эрэдээктэр, режиссер, суруналыыс, оператор, сороҕор монтажер уонна тыаһы-ууһу таҥааччы – кини. Этэргэ дылы, “6 в 1”. Бэйэтэ кэпсэтэр, суолун-ииһин булунар, дьону кытта алтыһар, уһулар, таҥар. Камератын кыбынаат, “Бураҥҥа” олорсон туундараҕа да айанныыр, табаларынан Хотугу Муустаах муораҕа да тиийэр. Кыһын Усуйаанаҕа суолу хаар тибэн, массыыналар икки миэтэрэлээх хаарга батыллан, тыын суолталаах таһаҕас тиэрдиллибэккэ турарын кини тиийэн устан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сырдаппыта. Ыарахаттартан толлубат, тугу барытын тобулар, хоһуун уонна олус үлэһит, ону тэҥэ сэмэй, бэйэтин туһунан кэпсэнэрин сөбүлээбэт киһи!.
Туох да диэтэр, мин маны соһуйа көрбүтүм. Тэлэбиидэнньэҕэ хамаанданан үлэ буоларын билэбит. Муҥ саатар, суруналыыска оператор баар буолааччы. Ону баара, кириисис ыган, хотугу улуустарга штаттары кыччатыы баран, биирдии-иккилии эрэ киһи хаалбыт эбит.
Туйаара Яковлевна Усуйаанаҕа тэлэбиидэнньэ филиалын салайааччытынан ананан кэлбитэ номнуо 13 сыл буолла. Дьонун-сэргэтин, сирин-уотун сөбүлээн, иккис дойду оҥостон, олохсуйан олорор. Тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр уопсайа 20 сыл үлэлээбит уопуттаах суруналыыс.
— Үлэм сүрдээх интэриэһинэй. Усуйаана улууһа дириҥ историялаах, хотугу эргимтэҕэ биир кырдьаҕас улуус буолар. Ол эрээри, көрөргүт курдук, суол-иис ситимэ наһаа уустук. Улуус иэнэ олус киэҥ, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн олус ыраах сыталлар. 50 көстөөх сиртэн матырыйаал хомуйан кэлэбит. Сорох сэлиэнньэлэргэ бөртөлүөт эрэ сылдьар, кыһыҥҥы да суол суох. Мин бу үлэлээбитим тухары Юкагир диэн муора кытылыгар турар бөһүөлэккэ тиийэ иликпин. Тоҕо диэтэххэ, онно бөртөлүөт эрэ тиийэр, ол да былдьаһык буолар, миэстэҕэ тиксибэккин.
Урут 2004 с. мин бастаан кэлэрбэр 8 штаттаах этибит. 1997 с. улуус дьаһалтата анал тэрил ылан, штат көрөн, дьиэ-уот булан, телестудияны тэрийбитэ. Нэдиэлэҕэ иккитэ биэрии оҥорон олохтоох эфиргэ тахсар этибит. Өссө оҕо студиятын үлэлэтэрбит. 2003 с. бары “Саха” НКИХ иһигэр киирбиппит.
Билигин олохтоох эфиргэ 45 мүнүүтэлээх биэриилээхпин. Бээтинсэ аайы тахсар. Сонуннары биэрэбин, туспа рубрикалардаахпыт, интэриэһинэй дьонтон интервью ылабын, аны тэрилтэлэр уочаратынан тахсаллар. Холобур, полиция сводката, социальнай, култуура тэрилтэлэрэ тиһигин быспакка тахса тураллар.
Соҕотох хаалбыппынан сибээстээн, улуус дьаһалтата олохтоох тэлэбиидэнньэ баар буолуохтаах диэн өйөөн, муниципальнай-хааһына тэрилтэтин тэрийэн, биир штат биэрбиттэрэ. Онон эдэр үлэһиттээхпин, кини нэдиэлэҕэ биирдэ биэрии монтаһын оҥорор.
Миниистир Александр Борисов олохтоох эфири өйүүр. Хайалаах, суола-ииһэ суох сиргэ сытарбытынан, олохтоох эфир улуус киинигэр Депутатскайга эрэ баар. Онтон сыыппараҕа көстөхпүтүнэ, ыраах нэһилиэктэргэ эмиэ көстүө диэн баһылыкпыт этэрэ эрэли үөскэтэр. Бэйэбит дьоммутугар олохпутун-дьаһахпытын көрдөрө, информацияны тиэрдэ олоруохтаахпыт. Дьон даҕаны бэйэ сонунун көрөрүн ордорор.
— Үлэҥ төһө ыараханый?
— Бэйэҥ да билэриҥ курдук, үлэбит нуормата суох. Өрөбүлгэ да үлэлииргэ бэлэммит, камерабытын ыллыбыт да, барабыт. Биирдэ 50 көстөөх Хаһааччыйаҕа барбыппыт. Тааҥ уута киирэн, массыынабыт уунан устан иһэр курдук. Массыына иһэ эмиэ уу! Кэннибититтэн “Камаз” иһэр буолан, көмөлөһөн, хата, ууга барбатахпыт. Туундараҕа, табаһыттарга, балыксыттарга, Хотугу Муустаах муора кытылынан сылдьааччыбын. “Буранынан”, табанан сылдьарга анал халыҥ таҥастаах буоллаххына эрэ, бүтүн ордоҕун.
— Дьиэ кэргэниҥ ону хайдах ылынарый?
— Суруналыыс киһини дьиэ кэргэнэ өйүүр эрэ буоллаҕына, үлэлиир. Ордук дьахтарга ыарахан идэ. Үлэм быыһыгар буолан, оҕолорум түргэн баҕайытык улааппыттарын өйдөөбөккө да хааллым. Хата, этэллэр ээ: “Маамабыт, эн наар командировкаларга сылдьар буолан, биһиги бэйэбитин көрүнэргэ, ас астыырга, таҥас суунарга үөрэннибит. Ол устудьуоннуурбутугар көмөлөстө”, — диэн.
— Ханнык тиэмэлэри ис сүрэххиттэн, кыһаллан туран сырдатаҕын?
— Долгуйан турар сырдатар тиэмэлэрим – соҕотох дьахтар, ыал арахсыыта, арыгылааһын кыһалҕалара. Чөл олоҕу сырдатабын. Улууспутугар арыгылааһын сытыытык турар. Ол эрээри судаарыстыбаннай бэлиитикэ ыытыллан, кэнники дьон өйө-санаата уларыйда. Маҕаһыыннар да бэрээдэктэнэн эрэллэр. Туочукаларга атыылыыры бобор, хааччахтыыр сокуон суоҕа атахтыыр. Биһиэхэ арыгыттан аккаастаммыт нэһилиэктэр баар буолуохтарын баҕарабын.
— Арай атын үлэҕэ ыҥырдыннар, сатаан үлэлиэҥ этэ дуо?
— Суруналыыс диэн универсал буоллаҕа. Бэйэм ханнык баҕарар үлэҕэ үлэлиэхпин сөп дии саныыбын. Суруналыыс киэҥ эйгэҕэ сылдьар киһи, уста сылдьан тугу барытын көрөр, үөрэнэр, элбэх дьону кытта алтыһар. Ол иһин суруналыыстар атын да эйгэҕэ бардахтарына, түргэнник бэйэлэрин булаллар, ханнык баҕарар үлэҕэ бэлэмнэр. Мин сүүрбэ сыл үлэлээтим, былааммыт, үлэбит өссө элбээн, тэлэбиидэнньэ сайдан иһэр. Баҕа санаам диэн, бэйэм кэнниттэн эппиэтинэстээх, идэтин сөбүлүүр киһини үөрэтэн хаалларыахпын баҕарабын. Урут оҕо студиялаах этим, онно наһаа үчүгэй оҕолору үөрэппитим. Олортон үксүлэрэ билигин тэлэбиидэнньэҕэ үлэлииллэриттэн үөрэбин.
Идэбин тоҕо сөбүлүүбүн диэтэххэ, суруналыыс наһаа элбэххэ үөрэнэр. Элбэх интэриэстээх, араас идэлээх дьону кытта алтыһаҕын. Онон наһаа умсугутуулаах, бу идэҕэ ыллардар ылларан иһҕин. Тэлэбиидэнньэ үлэтин хаһан да толору баһылаатым, биллим диир кыаҕыҥ суох. Саҥаттан саҥа кэлэ турар, технологиялар уларыйа тураллар. Саҥаны билиэххин баҕарар буоллаххына, оннук олорсон баран иһиэхтээххин. Сайдарга-үүнэргэ кыах баар. Олоххо оптимиспын, хаһан да санаабын түһэрбэппин.
— Хоту дойдуну тоҕо сөбүлүүгүн?
— Бэйэм төрдүм-ууһум Эбээн-Бытантай. Мэҥэ Хаҥаласка төрөөбүтүм, улааппытым да буоллар, тоҕо эрэ хоту дойдуга тардыһабын. Усуйаана Эбээн Бытантайтан чугас диэн, манна кэлбитим. Баатаҕайга эмиэ үлэлии сылдьыбытым, онно миигин Альбина Павлова суруналыыстыкаҕа уһуйбута. Хоту дойду дьоно наһаа аһаҕастар, үөрүнньэҥнэр, көнөлөр. Кимтэн да тутулуга суох, кими да күүппэккэ, олохторун бэйэлэрин кыахтарынан оҥосторго дьулуһаллар.
Айылҕата наһаа ыраас, уйан. Төһө да бырамыысыланнас тоҕута кэһэн ааспытын иһин, айылҕа барахсан ис-иһиттэн ыраастана, үүнэ-чэлгийэ сатыы турар. Хоту дойдуну ис сүрэхпиттэн таптыыбын, төһө кыаҕым баарынан айылҕаны харыстыырга, дьон олорор усулуобуйата тупсарыгар күннэтэ сырабын уурабын…
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru