Хоту дойду дьонугар — түргэн интэриниэт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
СӨ «МТС» ПАУо пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Өлөөн улууһун Өлөөн сэлиэнньэтэ «төрдүс көлүөнэ» ситиминэн хааччыллар. 
Икки тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх бөһүөлэк дьоно-сэргэтэ түргэн интэриниэтинэн туһанар кыахтаммыт. Мобильнай интэриниэт тэтимэ ыраахтан олорон үлэлииргэ, аныгы үйэ сервистэригэр, судаарыстыба оҥорор өҥөлөрүгэр, о.д.а. холбонорго кыаҕы биэрэр. Бу иннинэ өлөөннөр МТС көмөтүнэн кэпсэтэллэр этэ диэн бэлиэтиир пресс-сулууспа.
Түргэн интэриниэтинэн улуус административнай  киинэ, социальнай суолталаах тэрилтэлэр: оскуолалар, култуура дьиэлэрэ, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ туһаналлар.  СӨ Инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистир Анатолий Семенов түргэн тэтимнээх мобильнай интэриниэт күннээҕи олоххо олус наадалаах буолан иһэрин, МТС хампаанньа мобильнай интэриниэт төрдүс көлүөнэтин ситимин кыра нэһилиэктэргэ, арктическай оройуоннарга киллэрэн эрэрэ дьон-сэргэ олоҕо сэргэхсийэригэр, киин сиртэн хаалсыбакка барытын сөптөөх кэмигэр билсэ-көрсө, туһана олоророругар көмөлөөҕүн бэлиэтээбит.
СӨ МТС дириэктэрэ Роман Фелиферов үлэ далааһыннанан иһэрин, билиҥҥи туругунан, тыа сирин 85% кэриҥэ нэһилиэнньэ түргэн интэриниэккэ холбоммутун эппит. «2020 сылга  4G Уус Маайа, Горнай, Амма улуустарыгар киллэрилиннэ. Бүлүү бөлөх улуустарга 22 нэһилиэк түргэн тэтимнээх интэриниэттэнэрэ ситиһиллибитэ», — диэбит кини.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0