Хаһаайыстыбалаахтарга уонна сүөһүлээх ыалларга билигин төрүөх үгэннээн турар кэмэ. Маныаха, сүөһүнү, сылгыны ииттиэн баҕалаах эдэр ыал үксээн иһэрэ кэрэхсэнэр.
edersaas.ru
Кинилэргэ көмө буоллун диэн, биһиги Таатта улууһун Боробул бөһүөлэгэр олорор, тыа хаһаайыстыбатыгар 46 сыл эҥкилэ суох үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, “Илгэ” бааһынай хаһаайыстыба тэринэн дьарыктаммыта 25 буолбут Дария Петровна Мироноваттан сүбэ-ама ыллыбыт.
Ынах үүтэ – айаҕар
—Үүттээх ынах кэннэ үрдүк, муоһа уонна кутуруга синньигэс буолар. Ойоҕоһун уҥуохтарын икки арда төһөнөн кэтит буолар да, соччонон үүттээх диэн эмиэ этэллэр. Уопсайынан, тарбыйах сүрүннээн ийэтин үтүктэр. Майгытын-сигилитин эмиэ.
“Ынах үүтэ — айаҕар” диэн мээнэҕэ буолбатах, суолталаах. Аһылыгыттан улахан тутулуктаах. Сайын күөх окко үүттэрэ элбиир. Оттон күһүн үчүгэй хаачыстыбалаах, күөх от биэрэр, эбии аһатар, комбикуорма (урут сиилэс эмиэ сиэтиллэрэ) биэрэр үчүгэй.
Сүөһүнү кытары кэпсэтиҥ, кини ону өйдүүр. Күн аайы синньин сылаас уунан сууйуҥ уонна иккилии-үстүү мүнүүтэ массаастааҥ. Оттон ньирэйи эрдэттэн күүскэ таптыахха, имэрийиэххэ, таптал тылларынан ыҥырыахха наада. Иччимсэх буолар. Сүөһүнү куттаан, таһыйан иннин ылыам диир сыыһа.
Ынаҕы саҥа иитэ ыллахха, кырдьаҕастар сүбэлэринэн алаадьылыыр буоларбыт. Ону сэргэ, кыстыкка киириигэ, сайылыкка тахсыыга, хотоҥҥо бастакы ынах төрөөтөҕүнэ, боҕуруоскай оту буруолатар үгэс баар.
Бастакытын төрүүр тиҥэһэҕэ — ураты болҕомтону
—Сүөһү үс, үс аҥаар сааһыгар бастакытын төрүүр. Ол гынан баран, сорохтор иккилэригэр төрүүллэр.
Уопсайынан, ынах төрүөҕэ уонна үүтэ хайдах аһатарагыттан тутулуктанар. Онон төрүүр ынахха, бастаан төрүүр тиҥэһэҕэ, ураты болҕомтону уурар эрэйиллэр.
Төрүөн иннинэ ынах дьүдэйбэтин, оҕото быһа түспэтин диэн уоллараҕын. Үчүгэй күөх отунан, эбии аһылыгынан төрүүрэ чугаһыар диэри күүскэ аһатаҕын.
Тиҥэһэни эрдэттэн имэрийэн, синньин сылаас уунан сууйан-сотон, массаастаан, тутан-хабан үөрэтэ сылдьаҕын. Оччоҕуна, төрөөн баран үчүгэйдик ыатар буолар.
Төрүүрүгэр көрө-истэ, кэтии-маныы сылдьан көмөлөһүөххэ сөп. Арыт, биир эмэ ынах оҕотун салаамаары гыннааччы. Оннукка, тарбыйаҕы кыратык тууһунан сотон биэрэҕин.
Ынах төрүүрүн кытары, икки биэдэрэ мүлүгүр ууга туус кутан баран иһэрдэҕин. Холобур, уоннаах биэдэрэҕэ биир остолобуой ньуоска курдук тууһу кутааччыбын. Итинниккэ кэнэҕэскитэ түргэнник түһэр. Ону сэргэ, ынах төрөөтөҕүнэ хара уу диэн кэлэр. Ону биэдэрэҕэ тоһуйан ылан бэйэтигэр иһэрдэр эмиэ туһалаах.
Саҥа төрөөбүт ынах бастакы уоһаҕын ыан ылан, ынахха бэйэтигэр иһэрдэҕин.
Кыһыҥҥы тымныыга төрөөбүт ынаҕы сэттэ күн таһырдьа таһаарбаккын. Бу кэмҥэ аһатыытын, уулатыытын (сылаас ууну биэрэҕин) кыайа тутуохха наада. Нэдиэлэнэн эбии аһылыгы, уотурбаны биэрэн бараҕын.
Дьыл кэмин учуоттааҥ
—Ынах үүтэ дьыл кэмиттэн тутулуктаах. Ол иһин, аһылыгын үчүгэйдик хааччыйдахха, уһуннук ыатар, үүтэ да элбэх буолар.
Күһүҥҥүттэн саҕалаан эбии аһатыҥ. Ас-үөл ордугун, уотурбаны, биэриҥ.
Холобур, ньирэйдээх ынаҕы сыл таһаарарга, от кэмчи дьылыгар, быһа холуйан, 2 туоннанан, оттон от үчүгэйдик үүммүт сылыгар 3 тоннанан сылы таһаарабын. Онно өссө эбии аһатаҕын.
Ынаҕы сааһынан араарыы
- Ньирэй — төрүөҕүттэн үс ыйыгар диэри
- Торбос –4-5 ыйдаах тарбыйах.
- Борооску – 5 ыйыттан бииригэр диэри.
- Тыһаҕас – 2 саастаах.
- Тиҥэһэ – 3 саастаах.
- Буос, уулаах ынах – уулаах, төрүөхтээх ынаҕы ааттыыллар.
- Кытарах ынах – быйыл төрөөбөт ынах. Ол гынан баран ыата сылдьар.
- Субан – ыаммат сүөһү.
Сиэр-туом, итэҕэл
- Ынах атыыластаххытына, иитэ ыллаххытына, хотоҥҥо киллэрэн иһэн, хотон холуодатыгар сиппиир быраҕан, ону атыллатан киллэрэҕин.
- Саҥа төрөөбүт тиҥэһэни муоһун, туйаҕын сүгэ өнчөҕүнэн сэрэнэн кыратык охсубута буола-буола: “Кэйиик буолума. Тэбиик буолума. Сүгэ-балта курдук ынах бэрдэ буол” диэн алгыыллар.
- Ынах төрөөтөҕүнэ, кэнэҕэскитин биэдэрэҕэ ылан, үс хонукка хотон иһигэр ыйаан туруораллар. Оҕотун харыстыыр дииллэр.
- Саҥа төрөөбүт тиҥэһэ уоһаҕыттан кыратык сиргэ бэрсэҕин. Кутуругун төбөтүттэн кыратык быһан ылан уоһахха уган ылаллар уонна күн тахсар өртүттэн саҕалаан, хотон түөрт баҕанатын аһатан далбаатыыллар.
- Ынах синньэ ыарыйдаҕына, түгэҕинэн тэһэҕэстээх иһит нөҥүө сиргэ ыыллар. Үтүөрэр дииллэр. Эбэтэр, үүттээх таас дьөлөҕөһүнэн тыктаран ыыллара үһү.
- Хотон иһигэр баар быыл ситимнэрин ыраастыы, сиппииринэн (талах минньигинэн) сиппийэ сылдьыахтааххын.
- Ынах төрөөтөҕүнэ (уопсайынан), бастакы үрүҥ аһын (үүтүн, суоратын, сүөгэйин, арыытын) тугу да кимиэхэ да бэрсибэккин. Дьиэлээхтэр бэйэлэрэ эрэ аһыахтаахтар.
- Ынах соҕуоланнаҕына, игирэ аҥаара киһи сүөһү соҕуотун атаҕынан тэбэр. Былыр оннук эмтииллэр эбит.
- Тарбыйах тур да тур, сыт да сыт буоллаҕына, таала анньыбыт эбэтэр “абааһы мииммит” дииллэр. Манныкка тарбыйаҕы төттөрү миинэн баран, талаҕынан таһыйаллар. Ааһан хаалар диэн этэллэр.
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru