Ырыаһыттар испэктээк туруордулар

Бөлөххө киир:

 “Саха оҕуһун мииннэ да – ырыаһыт!”, — диэн өбүгэлэрбит олус бэргэнник этэн кэбиспиттэрин билигин да сөҕөҕүн… Кырдьык, саха ыллыырын сөбүлүүр, ырыаны таптаан истэр, хайа да кэмнэргэ ырыаһыт-тойуксут  киһини сэҥээрэр, өрө тутар. Ол биһиэхэ хааммытыгар баар. Урут-уруккуттан. Онон да буоллаҕа, СӨ Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатырыгар саҥа, эдэр дириэктэр Алексей Егоров-Өркөн ананан үлэтин саҕалыаҕыттан, көрөөччү бу тыйаатыртан кэтэһэрэ өссө үксээтэ. Дьэ, айар үлэҕэ туох сонун сүүрээн, туох уларыйыы киирэр, диэн буолбута…

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Хас да саҥа үлэлэрин билсэн баран, мин тус бэйэм көрөөччү быһыытынан бэлиэтээтэхпинэ, бастатан туран, айар кэлэктиип сыал-сорук туруорунан, хамаанданан үлэлии үөрэммит.  Ол аата, быдан түмсүүлээх буолбут диэхпин баҕарабын.

Иккиһинэн, ырыаһыттар артыыс быһыытынан сайдыбыттар. Урут кинилэри сценаҕа тахсан ыллыылларын эрэ истэр буоллахпытына, билигин аны драматическай да, комедийнай да артыыс курдук көрөр буоллубут диэххэ сөп. Мин итини, Сахаайа аан бастаан режиссер быһыытынан туруорбут “Аршин мал алан” — “Арсыын маллаах” мюзиклын премьератын кэнниттэн эмиэ бэлиэтээбиттээхпин.

Маны таһынан, тыйаатыр Т.Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” аатырбыт пьесатынан “Тыыммын ылаҥҥын тыыҥҥар холбоо” (режиссер С.Потапов), Рэй Брэдбери “Чудный костюм” (Т.Чаранская) мюзикллары ситиһиилээхтик туруорда. Эстрада артыыстара сахалыы да, нууччалыы да тылынан бэртээхэйдик ыллыы-ыллыы, аны өссө имигэс үҥкүүһүт быһыытынан аһыллан, чочуллан көһүннүлэр.

Оттон быйыл Эстрада тыйаатыра бэйэтин көрөөччүтүн өссө биир премьератынан үөртэ. “Хотой уонна Хомус”.  Этно-поп-рок мюзикл.

Этно-испэктээк режиссера Амгалена Барашкова-Константинова. Сюжета, идиэйэтэ барыта киниэнэ. Артыыстар көстүүмнэрин, сценографиятын эмиэ Амгалена Нуотара бэйэтэ оҥорбут. Модельер, худуоһунньук кини.

Ырыалар тиэкистэрин поэт Виктор Хон-Омук Уола суруйбут. Оттон музыка ааптара – Уля Ли-Фу-Күннэй. Хореографтар — Ольга Адамова, Семен Варфоломеев, хормейстер — Наталья Стручкова. Испэктээккэ тыйаатыр артыыстара – 30 киһи бука бары кытталлар.

— Артыыстар хараахтардарын, майгыларын билэр буоламмын, хас биирдиилэригэр бэйэлэригэр барсар уобарастары толкуйдаабытым. Онон, төһө даҕаны идэтийбит драматическай артыыс буолбатахтарын иһин, 30 киһи бука бары хас биирдиилэригэр туруоруллубут соругу дьоһуннаахтык толордулар. Судургута суох сорук этэ… Проблемабыт – бэйэбит тыйаатырбыт суох! Этэргэ дылы, остуол-олоппос быыһыгар эрэпэтииссийэлээн баран, улахан сценаҕа тута тахсан оонньуох диэтэххэ – сүрдээх кутталлаах, халбархай да соҕус суол диэххэ сөп этэ… Онон биһиги артыыстарбыт бэйэлэрин талааннарынан, уопуттарынан, дьулуурдарынан оруолларын кыайа-хото туталлар, — диир Эстрада тыйаатырын  кылаабынай режиссера, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Амгалена Барашкова-Константинова.

Бу, олоҥхо истиилинэн аныгылыы – эстраднай туруоруу буолар. Сүрүн ис хоһооно, идиэйэтэ  — Киһи – Ийэ айылҕа оҕото, айылҕалыын биир буолуохтаах. Биһиги  биир сомоҕо буолан, дойдубутун, төрөөбүт сирбитин-уоппутун харыстыахтаахпыт, көмүскүөхтээхпит,  араҥаччылыахтаахпыт диэн. Биһиги күүспүт — баай духуобунаспытыгар,  дириҥ силиспитигэр-мутукпутугар, фольклорбутугар, үгэстэрбитигэр. Бу этно-испэктээккэ Сырдык хайаан даҕаны Хараҥа күүстэри кыайар. Испэктээк, мин санаабар, хайа баҕарар киһиэхэ – эдэргэ да, эмэҥҥэ да ананар. Бу фэнтези. Интэриэһинэй, үчүгэй айымньы тахсыбыт. Күүстээх вокал. Күүстээх тыл. Ол быыһыгар рок кэлэр. Үҥкүү-битии! Уот-күөс, экран – бу барыта биир ситим, биир эйгэ. Аны көстүүмнэрэ үчүгэйин! Хайа баҕарар куонкуруска кыайыах курдуктар…

Этно-испэктээккэ сүрүн оруоллары эстрада биллэр-көстөр артыыстара – Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэ (Дьурулуура), Лэгэнтэй (Дохсун Уолан), Герман Степанов (Ытык Алгыстай), Василий Еремеев (Хайа сахата – Алмаас) уонна Санита Ай уобарастарын олус итэҕэтиилээхтик арыйдылар.  Далаана (Иэйиэхсит Хотун), Анастасия Готовцева (Аан Алахчын Хотун), Сахаайа (Куйаарыкы Хотун), Александр Бурнашев (Харабылбаай ууһун кырдьаҕаһа), Эрхаан (Күөх Боллох), Чыскыырай, Варя Аманатова (Хобуку уонна Сибики), Павел Семенов (Бахсылаан Уус), Аскалон Павлов (Арсан Дуолай), Иннокентий Лебедев (Тимир Дьэргэстэй), Айгылаан (Күлдьү), Герман Хатылаев (Байанай), Клавдия Хатылаева (Кустук Дьэргэ-Удаҕан), Ника, Алена Яковлева, Умсуура, Тамара Попова, Лоокуут, Николай Гоголев, Александр Максимов, уо.д.а. хас биирдиилэрэ табыллан ыллаатылар-туойдулар, үҥкүүлээтилэр. Үҥкүү тыйаатыра, “Ситим” үҥкүү ансаамбыла кытыннылар.

Дьоруойдар кыра эрдээҥилэрин артыыстар оҕолоро хоп курдук, ис-киирбэхтик толороллор.

Амгалена сюжета. Мин хоһооҥҥо түһэрдим. Онон, иккиэн айбыт оҕобут кэриэтэ буолла. Артыыстарбыт күүстээхтэр эбит. Бастаан, кып-кыараҕас хоско эрэпэтииссийэлии сылдьалларын көрөн баран, хайдах эрэ, сэрэхэдийбитим… Онтум, улахан сценаҕа олох тыыллан-хабыллан тахсаллар эбит ээ! Талааннаахтар. Уопсайынан, Эстрадабыт тыйаатыра инникилээҕин көрдөрдө. Тыйаатыр сайдыыһык! — диир поэт Виктор Хон-Омук Уола.

Бакаа бэйэтэ бас билэр тыйаатыра суох, эппиккэ дылы, сүрүннээн  “остуол-олоппос” быыһыгар кыбыллан, биитэр, биирдэ эмэтэ атын тыйаатыр сценатын ааттаһан-көрдөһөн, “киһилии” эрэпэтииссийэлиир кэлэктиип, ол да буоллар, айымньылаах үлэтигэр былаана үгүс.

Ол курдук, олунньу ыйга көрөөччүнү өссө ыччат испэктээгэ, күһүөрү Киристэпиэр Махсыымап ырыаларынан саҥа мюзикл, саха норуодунай поэта Сэмэн Данилов хоһоонноругар музыкальнай испэктээк, онтон да атын сонун музыкальнай туруоруулар күүтэллэр.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0