2021 сыл олунньутугар социальнай ситимнэринэн биир улууска коронавируһу утары быһыыны ылан баран биир дьахтар суорума суолламмытын туһунан сурах тарҕанан, үгүс киһи айманна.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бу сураҕы олоҕо суоҕунан, сымыйанан ааҕар. “Билигин социальнай ситимнэринэн коронавируһу утары быһыы доруобуйаҕа буортулааҕын туһунан элбэх сымыйа сурах тарҕана турар. Онон олохтоохтору официальнай иһитиннэриилэргэ эрэ итэҕэйэллэригэр көрдөһөбүт”, – диэн туһааннаах министиэристибэтэ иһитиннэрбитэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1