Хоруохаптар абааһылара

Ааптар: 
21.12.2022
Бөлөххө киир:

Балаттан 8 км сиргэ Быһыттаахха «Чыппыан дьиэтэ» диэн сир баар. Бу сиргэ 1920 с. Г.А. Старостин (хос аата Хоруохап) оҕонньордоох убайдарын Чыппыан диэн өлбүт киһи дьиэтигэр олорбуттар. Оҕонньор эмээхсининиин уонна ийэлэрэ, икки хараҕынан көрбөт кырдьаҕастыын үһүөлэр эбит. Уолаттара Степан уонна Иван улаатан ыал буолан, туспа буруо таһаарынан атын сиргэ көспүттэр. Дьиэлэрэ үргүлдьү хотонноох, сыбаҕа суох сиэрдийэ быыстаах, ол аттыгар эмээхсин сытар эбит. Абааһы бастаан эмээхсини үтэһэ маһынан быыс нөҥүө анньан сүгүн утуппатах.

Н.Петров, «Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ уонна чахчылара» кинигэттэн.
Хас да хонукка тулуйа сатаан баран, эмээхсин дьонугар кэпсээбитигэр, кини оронугар аны олордор киһилэрин утуппуттар. Абааһы ордук сүрдэммит, быыс хайаҕаһы үтэһэнэн суптурута анньа-анньа, өссө эбиитин орон анныгар киирэн орон маһын түөрэ сүргэйбит. Утуйар уу мэлийбит. Дьиэлээхтэр ыксаан, чугастааҕы тоҕой ыаллартан хорсун дьону ыҥыран хоннорор буолбуттар. Ороҥҥо хоргуһа суоҕунан аатырар Г.Д. Слепцов (Хардьыгынаан) сытарын кытта эмиэ суптурута анньан киирэн барар. Хардьыгынаан этиһэ сыппыт: «Абааһы да буолларгыт сүгүн буолуҥ, утуйарбын мэһэйдээмэҥ». Чочумча тохтообуттар. Онтон саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, хотон иһигэр тыас бөҕө буолар, сүөһү орулааһына сүрдэнэр. Дьиэ иһинээҕи дьон тымтык уматан, бука бары киирэн абааһы сүөрбүт ынахтарын баайталаабыттар. Дьиктитэ, иккилии ынаҕы кутуруктарыттан холбуу баайаллар эбит.
Уонунан хонукка бу ыалы буулаабыт абааһылар олохтоох дьону, ыалдьыттары, хоноһолору утуйар ууларын уйгуурдубуттар, куттал бөҕөҕө киллэрбиттэр. Кэтээн көрөн абааһы үс эбит диэн буолбут. Киэһэ күөстэнэр кэмнэригэр үс кырбас эти үтэһэҕэ анньан илдьэ барар буолбуттар, ол иһин дьиэлээхтэр киэһэ аайы үстүү кырбас эти «өлүүлүүр» буолбуттар. Умнан өлүүлээбэтэхтэринэ, күөстэригэр ол-бу куһаҕаны, сүөһү сааҕын эҥин угар идэлэммиттэр. Кырдьаҕастар сүбэлээннэр, сүөһүлэрин туомтуу баайар идэлэммиттэр, онтон ыла абааһылар сүөһүнү «сатаан» босхо ыыппат буолбуттар.
Ол оннугар уулуу киирбит сүөһүлэри ойбоҥҥо симэ сатыыр идэлэммиттэр. Кыһалҕа бөҕө кыһайан, кыһын ортото дьиэлээхтэр Хомо үрдэ диэн сиргэ көһөргө былааннаммыттар. Алаастарын туораан иһэн эргиллэн көрбүттэрэ, балаҕаннарын үрдүгэр үс киһи көрбөт эмээхсин күрдьүктүүр сиригэр тартарбыт ситии быатын быластыы өрө тутан тураллара үһү.
Саҥа дьиэҕэ үс хоммуттарын кэннэ абааһылара эмиэ бу баар буола түспүттэр да, моһуоктаабытынан барбыттар. Эҥин бэйэлээх эрэйи көрөн дьиэлээхтэр дьиэлэригэр төттөрү көспүттэр.
Биирдэ Хардьыгынаан киэһэ атын аһатан баран дьиэҕэ киирбитэ, соҕуруокка оһох диэки өттүгэр кыһыл чааскы саҕа харахтаах киһи кэтэҕиттэн өйөнөн турарын тутан киирбит үҥүүтүнэн харахха биэрбитэ, абааһыта сүтэн хаалбыт. Ол да буоллар моһуоктууллара уурайбатах.
Ити кэмҥэ Арыылаах баайа Е.С. Покатилов кыыһа ыалдьыбытыгар Табалаах аатырбыт Кыыстара диэн ойуунун ыҥыртарбыт. Ойуун Хаҥалаһынан кэлэн иһэн Омохто сиһин оройугар тохтоон туран, Хоруохаптар балаҕаннарын көрөөт, саҥа аллайбыт: «Сүрдээх да «хоноһолоох» ыаллар бааллар эбит».
Ол ойуун Арыылаахха кэлбитин истэн, Хоруохап оҕонньор сиргэ тиийэ бокулуоннаан ааттаһар: «Биһиэхэ баар абааһылары суох оҥорон көмөлөс, сүгүн олордоллоруттан аастылар». Кыыстара ойуун сөбүлэспит уонна эппит: «Түннүгү, үөлэһи бүөлээн тоһуйаарыҥ». Болдьохтоох кэмигэр Кыыстара ойуун балаҕан ааныгар кэлбитигэр, дьиэ, хотон иһигэр тыас бөҕө буолбут. Таҥаһын таҥнан, дүҥүрүн, былаайаҕын күүрдэн баран, Кыыстара ойуун кутуруксут уолунуун кыыран барбыт, ортолуу кыыран истэҕинэ, аан айаҕар охсуһар курдук тыас бөҕө буолбут. Ойуун тойугар: «Хардьыгынаан Хабырылла хараҥаҕа турдахпына хатыһынан харахха биэрдэ, абытайбыан. Оҕобун сиэх киһи кыайан сиэбэтим… Улахан абааһы – бу эһиги убайгыт Чыппыан үөрэ буолабын…» — диэбит. Онтон да атын элбэҕи саҥарбыт.
Ойуун кыыран бүтэн баран эппит: «Охсуһан абааһылары нэһиилэ кыайдым, халҕан иһигэр сахсырҕа буолан саһан хаалбыттарын нэһиилэ булан ыллым уонна Айаан кырыытыгар турар чөҥөчөккө өртөтөлөөн кэбистим. Ол чөҥөчөк айааны туораатаҕына, абааһылар босхолонуохтара», – диэбит.
Дьон «ол чөҥөчөк, кырдьык, айааны сыыйа туораан кураанахха чуут тахсыбакка сытар» дииллэр.
Онтон бэттэх Хоруохаптары буулаабыт абааһылар сүппүттэр, кэлин Хоруохаптар ааттаах бэртик олорбуттар, оҕо-уруу тэнийэн, аймах-билэ дьоно билигин да Сартаҥ диэки олороллоро биллэр.

Н.Петров, «Ааспыт үйэлэр үһүйээннэрэ уонна чахчылара» кинигэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1