Ахсынньы 19 күнүгэр күүтүүлээх күндү күммүт, кэтэһиилээх кэрэ кэммит тосхойон Хорулабыт нэһилиэгэр Олоӊхо балаҕана үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, биир дойдулаахтарбыт үөрүүбүтүн үллэстэ муһуннулар. Балаҕан – саха норуотун уйалаатар уйата, биһиктээх биһигэ.
Саха киһитэ балаҕан туттан, олохсуйан, түптэ уматан, ыһыах ыһан, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи сириэдитэн, оҕо-уруу төрөтөн, олоҕу уруйдаан, киһи сиэринэн сайдан, олорон кэллэҕэ.
Бу балаҕаммытыгар олоҥхо курдук Улуу айымньыбыт айыллан, иитиллэн-этиллэн тахсан, саха омугу аар-саарга дорҕоонноохтук аатырдыбыта.
Олоҥхоһуттарбыт удьуордарыттан Улуу айымньыбытын харыстаан-харааннаан, айан-тутан, бар дьонугар утары ууна сылдьар киһибитигэр, 9 олоҥхо ааптарыгар, биир дойдулаахпытыгар, Ийэ олоҥхоһут Василий Иванович Ивановы-Чиллэ Баһылайы чиэстээн, махтанан, Олоҥхобут балаҕаныгар кини аатын иҥэрэрэргэ олохтоох дьокутааттар 10-с нүөмэрдээх уураахтарынан бигэргэммитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэлээн, аалай лиэнтэни быһан Олоҥхобут балаҕанын аана тэлэччи аһылынна.
Чиллэ Баһылай көмүлүөгүн оттон, дьонун-сэргэтин эҕэрдэ тойугунан күндүлээтэ. Саха дьонун сиэринэн, төрүттэрбит үгэстэринэн Норуот эмчиттэрин ассоциациятын чилиэнэ, «Аар-Айыы» итэҕэлин ХI кэрдиистээх алгысчыта, үрдүкү категориялаах норуот эмчитэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы ЮНЕСКО иһинэн норуоттар мэдиссиинэлэрин магистра, Таркаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Иннокентьева Алиса Михайловна Үрдүк Айыыларга айах тутан амалыйан, Аан алгыс тылынан алгыһын анаата.
Оройуоммут салалтата, “Ньурба оройуона” МТ баһылыга Иннокентьев Алексей Михайлович, оройуоннааҕы сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Нюргуяна Михайловна, Ньурба куорат баһылыга Геннадий Васильевич, Түмүк нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Николаевич, Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Александр Александрович, Хатыы нэһилиэгин баһылыга Леонид Александрович, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Пудовна, Ньурбатааҕы култуура департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Альбина Ивановна уо. д. а. истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр.
Үөрүүлээх күммүтүгэр айан ырааҕын, сылаалааҕын аахсыбакка, өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан биллиилээх олоҥхоһуттар, тойуксуттар, оһуохайдьыттар ыалдьыт буолан тиийэн кэлбиттэрэ үөрүүбүтүн үс бүк үрдэттэ! Ол курдук, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо, олоҥхоһут Исаков Валентин Гаврильевич, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, элбэх олоҥхо, фольклор күрэхтэрин кыайыылааҕа, олоҥхону толорооччу Григорьев Николай Никитич, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, элбэх олоҥхо, фольклор күрэхтэрин кыайыылааҕа, олоҥхону толорооччу Лазарева Сусанна Васильевна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Тааттыныскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, тойуксут, алгысчыт, олоҥхону толорооччу, Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр истипэндийээтэ, Табаахырап аатынан Анал аат хаһаайката Маркова Раиса Семеновна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, элбэх олоҥхо ааптара, «Таатта» улууһун үбүлүөйдээх бэлиэтин хаһаайката Егасова Акулина Михайловна, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕын Кылаан кыайыылааҕа Николаев Алексей Николаевич-Олоҥхоһут Өлөксөй, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэ хаһаайына, «Ньурба оройуонун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн наҕараадаламмыт, «Ньурба тойуктаах оһуокайын» Далбар этээччитэ, Маалыкай, Чаппанда нэһилиэктэрин ыһыаҕын «Дархан» этээччитэ, Тойуктаах Марыына эрэгийиэннээҕи анал күрэҕин Гран-притын хаһаайката, Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тэлгэһэ оһуохайа» күрэҕэр «Ийэ Кылыһах» анал ааты ылбыт, үлэ бэтэрээнэ, Дьиикимдэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Н.Н.Чусовской аатынан оскуола бэтэрээн учуутала, ыччаты фольклорга уһуйааччы Сухаринова Валентина Егоровна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, тойуксут, оhуохайдьыт, норуот ырыаларын толорооччу, тарҕатааччы, уhуйааччы өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы, Норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээллэрин Гран-при хаhаайката, 1-кы истиэпэннээх лауреата, «Туймаада туонатын» ыһыаҕын 25 сылыгар анаммыт Ыhыах Өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай күрэhин «Дьүүллүүр сүбэ» бэлиэтин хаһаайына, «Олонхо» устуудьуйа 2005 с. кыттыылааҕа, Арчы Дьиэтин ‘Күн дьоно» бөлөх салайааччыта Евдокия Павлова-Кылыhах Далбар кэлэннэр биир санаалаах, идэлээх доҕордорун Чиллэ Баһылайы истиҥник эҕэрдэлээн, олоҥхо киэһэтин бэлэхтээбиттэрэ биир ураты умнуллубат түгэн буолла.
Дьоро күммүтүгэр тускулаан биир дойдулаахпыт Иванов Василий Иванович- Чиллэ Баһылай «Тоҕус халлаан улаҕатыгар Тура төрөөбүт Сындыыс курдук сыыйыллар Сыыдам сырыылаах Дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото кинигэ буолан күн сирин көрбүтэ бэлиэ түгэнинэн буолла. Олоҥхо кинигэтэ 150 ахсаанынан Хорула нэһилиэгин баһылыга Тимофей Алексеевич Иванов дьаһалынан, үбүлээһининэн “Офсет” типографияҕа бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ ойуунан дьүһүйүүтүн устудьуон кыргыттарбыт Федорова Александра Алексеевна уонна Нарыйа Дмитриевна Давыдова оҥордулар. Кыргыттарбыт талааннара өссө да сайда, кэрэни кэрэһэлии сылдьыахтара диэн эрэнэбит. Бу күн кулууппут фойетыгар “Уруйдан, Улуу олоҥхобут”, “Хорула олоҥхото” кинигэ быыстапката, “Олоӊхо алыптаах эйгэтэ” оҕолор оҥоһуктарын, уруһуйдарын быыстапката, талааннаах дьоннорбут дьаарбаҥка-быыстапкалара тэрилиннэ. “Алаас амтаннаах аһа” бэйэбит дойдубут бородууксуйатын атыыта-эргиэнэ дэлэччи тардылынна.
“Алаас ахтылҕаннаах, дойду сурахтаах” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биир дойдулаахтарбыт үөрүүбүтүн үллэстэ кэлэн, эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр, сүбэ-соргу буоллулар. «Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» аат Федоров Дмитрий Кононовичка иҥэрилиннэ. Федоров Дмитрий Кононович 1934 сыллаахха Хорула нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун ситиһиилээхтик бүтэрэн, агроном идэтин ылбыта. Чурапчы оройуонугар агрономунан, Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Дьоруой Попов аатынан сопхуоска дириэктэринэн, Дьокуускай куоракка баартыйа обкуомугар үлэлээбитэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр электрофикация сайдыытыгар, сир аннынааҕы ууну нэһилиэнньэ иһэр уутугар туһаныыга, быраатын Егор Кононович аатын Хорула оскуолатыгар иҥэриигэ улахан кылааты киллэрбитэ. Хорулаҕа төрөөбүт, оскуолаҕа үөрэммит биир дойдулаахпыт, билигин Бүлүү улууһун Чинэкэтээҕи «Сулусчаан» уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, 2015 с. Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт «Далбар Хотун-2015» күрэх кыайыылааҕа, 2016 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун-2016» күрэххэ «Иэйии Хотун» анал аат хаһаайына, 2019 с. «Бүлүү улууһун Күн Күбэй Ийэтэ» бэлиэтинэн наҕараадаламмыт, Уйбаан Мурустаал сиэнэ Семенова Анна Дмитриевна-Арылы Кустук кэлэн улахан олоҥхоһуттары истэн астыммытын, элбэххэ үөрэммитин эттэ, “Сахам ынаҕа” диэн ырыатын бэлэхтээтэ.
Хорула нэһилиэгэр уутуйан үөскээбит улуу олоҥхоһуттарбыт үтүө ааттарыгар биһиктэнэр биһигэ буолар, умсугутар уйата буолар Олоҥхо балаҕанын дьиэтэ аһыллыбыт дьоро күнүгэр көмүлүөк оһох умайан тачыгырыыр тыаһыгар доҕуһуоллаан олоҥхобут дуорайда, эһиэкэйбит эҥээрийдэ.
Лариса АНДРОСОВА, Хорула