Уоҕурдуу. Хортуоппуй сиригэр сибиэһэй ноһуому кутуллубат. Сыыс от сибиэһэй ноһуомнаах сиргэ сөбүлээн үүнэр. 5-6 сыл сыппыт эргэ ноһуому киллэрэр ордук. Атыыга баар «Исполин картофельный», «Исполин универсальный» диэн органическай уоҕурдууну хас биирдии лууҥкаҕа кутуохха сөп. Олус үчүгэй уоҕурдуу.
Олордуу. Сиэмэ хортуоппуй үчүгэй көрүҥнээх , хайыта барбатах буолуохтаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ иһиттэн харааран сытыйбыт, эбэтэр хара бээтинэлээх хортуоппуй элбээтэ. Өскөтүн сиэмэ хортуоппуй хаачыстыбатын саарбахтыыр буоллаххытына, бактериялартан ыраастыыр туһугар эриэппэ луук хаҕын ууга оргутуҥ (хойуу чэй өҥө буолуохтаах). Хортуоппуйу бу ууга 8 чаас сытыарыҥ. Куурдан баран олордуҥ.
Сиэмэҕэ 2-3 араскылаах сымыыт саҕа хортуоппуй барсар. Биир араскылаах хортуоппуй аһа мөлтөх буолар. Хортуоппуйу олус дириҥник буолбакка, 5-7 см дириҥнээх лууҥкаҕа олордуҥ.
Саха ыалын 2015 с. халандаарыттан ылылынна.
Хаартыска: интэриниэттэн