Хорсун оҕолор

Ааптар: 
09.05.2024
Бөлөххө киир:
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сэбиэскэй оҕо аймах дьоруойдуу быһыытын, Кыайыыга киллэрсибит кылаатын туһунан элбэхтик кэпсэнэр, суруллар. Ол гынан, саха хорсун оҕолоро Кыайыыны уһансыбыттарын туһунан бэрт аҕыйах кэпсээн баар.  

Сэрии кэмин оҕолоро

Сэрии саҕаланаатын кытта, ол да инниттэн Саха сирин оҕолоро холкуостарга үлэлээбиттэрэ. Кинилэргэ көлөһүн күнэ ааҕыллыбат этэ. Сааскы ыһыыттан саҕалаан, күһүн хойукка диэри сыралаһаллара. “Хас биирдии үөрэнээччигэ күтэр, моҕотой, куту­йах тириитигэр былаан түһэрэ. Аһыҥаны утары охсуһууга оҕолор холкуос ходуһаларын тула траншея хаһаллара. Аһыҥаны куулларга мунньаллара. Сайыҥҥы от үлэтэ саҕаланара. Атырдьах ыйын ортотуттан бурдук быһыыта буолара. Ол бүппүтүн кэннэ аны малатыылка үлэтэ кэлэрэ. Бааһыналары паардыыллара.

Оҕолор күҥҥэ 10-12 чаас аччык аҥаардаах сылдьан үлэлииллэрэ, таҥастара-саптара мөлтөҕө. Күһүҥҥү силбиккэ, ардахха атах сыгынньах сылдьаллара, тоҥоллоро-хаталлара. Ынах тириитэ этэр­бэстэрэ илийэн баран тордоччу хатан хаалара, нэһиилэ абырах көмөтүнэн сылдьар куул ыс­­тааннаахтара, илдьирийбит тэрэпиискэ үтүлүк, бэргэһэ дуомнаахтара. Кыһын дьоҥҥо муус, мас бэлэмнииллэрэ, сүөһү көрүүтүгэр улахан көмө буолаллара. Холкуос бааһыналарыгар ноһуом таһаллара, хаар типтэрэллэрэ. Интэринээккэ миэстэ суоҕунан үгүстэр 3-4 кылаас кэнниттэн үөрэммэккэ хаалбыттара. Үөрэнээччилэргэ карточканан 200 кыраам килиэп биэрэллэрэ. Ол иһин кинилэр нуормаларыттан бэрсээри, оскуолаҕа бырааттарын, балыстарын илдьэ кэ­­лэллэрэ. Кыһыҥҥы кэмнэргэ оскуолаттан ыраах олорор оҕолор аара суолга тоҥоллоро. Оройуоннарга көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор үгүстүк өлөллөрө”, – диэн оччотооҕу кэм оҕолорун туһунан “75 кэпсээн. Сэрии туһунан – оҕолорго” диэн 2020 сыллаахха Н.В.Андросова хомуйан оҥорбут кинигэтигэр итэҕэтиилээхтик кэпсэнэр.

Хорсун уол Сима Сергеев

Саха сиригэр ордук Сима Сергеев хорсун быһыыта киэҥник биллэр. Кинини билбэт киһи, бука, суоҕа буолуо. Сима Сергеев 1931 сыллаахха сэтинньи 3 күнүгэр Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин Уорҕа учаастагар күн сирин көрбүт. 1942 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр “Октябрь” хол­­куос дьоно фроҥҥа ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарын атаара барбыттар. Ити түгэни таба туһанар толкуйдаах, мас кэрдэ барыахтаах Ньукулай Киргиэлэйэп холкуос үүт уурар ампаарыгар киирэн, ыаҕайаттан сүөгэйи уоран сиир. Сима буоллаҕына, аһыыр кыһалҕаттан үс биэрэстэлээх сиргэ соҕотоҕун үөрэ отун хомуйа барбыт, кэлэн баран сэриигэ бараач­чылары атаарсыах­таах эбит. Дьиэлэрэ пиэрмэттэн чугас эбит. Үөрэ отун хому­йан дьиэтигэр кэлбитэ, ким да суох. Пиэрмэ дьиэтигэр тыас-уус баарын истэн, онно ыстанан тиийэн, Ньукулай сүөгэйи уоран сии олороругар түбэс­пит. Сима: “Холкуос сүөгэ­йин тоҕо уоран сиигин, бараммын дьоҥҥо тыллыам!” – диэн саҥарбытыттан куттанан, Тохту уола Симаны быһаҕынан анньан өлөрдөҕө диэн сабаҕалыыллар. Уоруйах тыа саҕатынан куотан эрэрин уонна ким буоларын көрбүт дьон бааллар эбит. Дьон Сима өлүгүн булаат, тута улуус киинигэр тыллаабыттар, Чурапчыттан милииссийэлэр тиийбиттэр. Пионер Сима Сергеев 17 төгүл быһаҕынан анньыллыбыт диэн быһаарбыттар.

Булчут уол Семен Горохов

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Кыайыы туһугар кылаатын киллэрсибит оҕолортон биирдэстэринэн хоту дойду олохтооҕо Семен Горохов буолар. Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, Семен 1930 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Усуйаана улууһун Дьүкээгир сэлиэнньэтигэр булчут дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон төрөөбүт. Ийэлээх аҕата Семен кыратыгар суох буолаллар. Булка кыра эрдэҕиттэн уһуйуллубут, уон сааһыттан номнуо куруппааскыны, куобаҕы, кырынааһы бултуур буолбут. 12 сааһын туолбутун кэннэ, хас да сыл кадровай булчуттаабыт убайа кинилэр биригээдэлэригэр булчутунан ыҥырар. Хас даҕаны хапкааны ылан туундараҕа бултуу барар. Кини аттыгар уопуттаах сонордьут Иннокентий Алексеевич Горохов бултуур эбит. Уол киниттэн булт кис­тэлэҥэр уһуйуллар. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр – 1942 сыллаахха баара-суоҕа 12 саастаах уолчаан түүлээҕи тутар пууҥҥа саһыл, хас даҕаны кырынаас, 28 куобах тириитин уонна 80 куруппааскыны туттарар. 15 саастаах уол үлэ фронугар көхтөөх кыттыытын иһин “Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадалыыллар.

Кэлин Семен Васильевич Горохов кылааннаах түүлээхсит буола үүнэр, 40-тан тахса сыл дьарыктанар, хас да төгүл былаанын куоһарар. 1986 сыл саҕаланыытыгар уон булчуту үөрэтэн-такайан та­­һаарбыта диэн бэлиэтииллэр. Түүлээҕи бултааһыҥҥа былаанын аһары толорууга сити­һиилэрин уонна хорсун быһыытын иһин 1985 сыллаахха, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйаа­ҕынан, “Усуйаана” сопхуос булчутугар Семен Гороховка  Социалистическай Үлэ Дьоруойа ааты иҥэрэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0