ИВАН АРГУНОВ — ХОРСУН БУОЙУН, ХОҺУУН СУРУНАЛЫЫС, УҺУЛУЧЧУЛААХ УЧУОНАЙ
Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр Ийэ дойдуларын көҥүлүн күөннэринэн хаххалаан көмүскээбит, итии хааннарын тохпут буойун суруналыыстар тустарынан ахтан-санаан ааһарбыт кэмнээх буолуо дуо… Сөһүргэстиибит өстөөх урусхалламмыт арҕаҕар – Берлиҥҥэ Рейхстаг истиэнэтигэр саха буойуннар ааттарыттан илии баттаабыт, номоххо киирбит Феодосий Донской, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибит буойун хамандыыр Николай Кондаков сырдык ааттарын ааттаан туран, үгүс бойобуой наҕараадаларынан наҕараадаламмыт, кыргыһыы толоонугар дьоруойдуу охтубут, кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэн, төрөөбүт Сахаларын сирэ сайдарын туһугар дьаныһан айан-тутан ааспыт аҕа көлүөнэ суруналыыстарга, ытык иэспитин толорон, нөрүөн нөргүйэбит.
Кэпсээри оҥостор киһим, Иван Александрович Аргунов, Саха сирин бэчээтигэр, уопсастыбаннай олоҕор уонна наукаҕа ыраас, сырдык суолу хаалларбыт диэйэтэл киһи. Хомойуох иһин, аныгы көлүөнэ суруналыыстар, дьон-сэргэ даҕаны кини туһунан билбэттэрэ чахчы. Сэбиэскэй былаас төрүттэниитэ төрөөбүт, үрэллиитэ олохтон барбыт киһи. 1922 сыллаахха Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1941-1943 cылларга Томпоҕо учууталлаабыта. 1950-1951 сылларга Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, салгыы үөрэх миниистирин солбуйааччы, «Эдэр хомуньуус» хаһыат эрэдээктэрэ. 1961-1966 cылларга «Сэбиэскэй Арассыыйа» хаһыат бэйэтин кэрэспэдьиэнэ, ССТА Саха сиринээҕи кэрэспэдьиэнэ. 1965-1970 cылларга «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ. 1970-1974 сылларга ССКП обкуомун пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйэ.
ССРС НА СС Саха сиринээҕи филиалын Тыл, литэрэтиирэ, устуоруйа институтугар аан бастакы лаборатория сэбиэдиссэйэ, салгыы социологияны чинчийэр отдел сэбиэдиссэйэ. 1970 сылтан устуоруйа билимин хандьыдаата. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Сэриигэ тылланан туран барбыта, Украинанан, Польшанан, Германиянан сэриилэһэн, Берлиҥҥэ түмүктээбитэ. Үгүс бойобуой наҕараадаларыгар эбии, эйэлээх кэмҥэ «Бочуот Знага» уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Саха сиригэр социология билимин төрүттээбит уһулуччулаах учуонай. Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун төрүттээччи, ССРС Суруналыыстарын I сийиэһин дэлэгээтэ, суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи Ем. Ярославскай аатынан бириэмийэлэрин лауреата.
Иван Александрович киһи, лиичинэс, салайааччы быһыытынан тыыннаах уобараһын кинини кытта бииргэ алтыспыт, үлэлээбит билигин баар да, суох да ытык дьоннор ахтыыларыттан түмэн тириэрдэргэ холонуум.
Кырдьыгы кэмигэр этэртэн чаҕыйбатах киһи
«И.А. Аргунов ытыллыбыт ох курдук көнө, судургу олоҕу олорботох киһи. Эдэригэр «национализм уйата» дэнэ сылдьыбыт Тааттаттан төрүттээҕинэн кынчарыллара. Кини, биир өттүнэн, оройуонун олус тэпсэн барбыттарыттан, атын өттүнэн, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри эккирэтиһиигэ түбэспититтэн, үөйбэтэх-түөйбэтэх охсууну элбэҕи көрсүбүтэ. Төрөөбүт айылгытынан Иван Александрович тыа сахата саамай сымнаҕаһын, номоҕонун утумнаан үтүө майгыламмыт, сайаҕас санааламмыт киһи этэ. Кинилиин Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар, «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарга бииргэ үлэлээбит сылларбар лаппа билсибитим, доҕордоспутум. Сөҕөрүм баар, дьон, сахалыын-нууччалыын бары, аахсар эрэдээктэрэ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар урут да, хойут да олорбутун билбэтим.
Киниэхэ икки өрүттээх сыһыан баара. Хомуньуустуу идеологияны эҥкилэ суохтук тутуһалларын көрдөрө сатааччылар кинини өрүү националист курдук көрдөрө сатыыллара, соҕуруунан-арҕаанан тэлэһийэн үҥсэр аҕай үгэстээхтэрэ. Бэл, хараҕынан эмискэ көрбөт буолан, киһиэхэ аахтаран үлэлиир кэмигэр да, тохтоон көрбөтөхтөрө. Өлүөн биир сыл иннинэ дуоктар буолар үлэтин илдьэ Новосибирскайга тиийбитигэр «үлэтэ наукаттан ыраах, бэйэтэ националист, бандьыыт төрүттээх» диэн хойох хостоһор ис хоһоонноох үс сурук тоһуйбут. Инньэ гынан, көмүскэниэхтээҕин тохтотон кэбиһэллэр.
Билигин социология наука олоххо биир саамай чугас салаата буоларын дойду ис да, тас да өттүгэр ким барыта билинэр. Дэлэҕэ И.А.Аргунов «Социальное развитие якутского народа» диэн 1985 сыллаахха күн сирин көрбүт монографията АХШ Конгреһын бибилэтиэкэтигэр хараллан туруо дуо? Иван Александрович Аргунов сааһын тухары кырдьыгы кэмигэр этэртэн чаҕыйбатах талааннаах суруналыыс, өрөспүүбүлүкэҕэ наука биир дьоһун салаатын төрүттээбит улахан учуонай, илиитигэр саа-саадах тутан Ийэ дойдутун көҥүлүн көмүскээбит хорсун буойун буолар».
Ити курдук санаатын үллэстэр биир идэлээҕэ, үөлээннээҕэ, саха суруналыыстыкатын саарына, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан, Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара Дмитрий Васильевич Кустуурап.
Олохтоохтук, үйэлээхтик дьаһайар эрэдээктэр этэ
«Уйбааны киһи барыта толору аатынан – «Уйбаан Өлөксөөндүрэбис!» диэн ыҥыралларын истэрим. Ол курдук, кини дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥник ытыктанар-убаастанар киһи этэ. Кини бэйэтин тэҥнээхтэри хайаан да сэргэхситэр, күллэрэр-салларар үгэстээҕэ. Нууччалыы-сахалыы тылынан киһи күлүөх, чэпчиэх тылларын, өс хоһооннору бэркэ таба туһанара. Холкутук, кыахтаахтык үлэлиир, олохтоохтук-үйэлээхтик дьаһайар эрэдээктэр этэ. Быһата, үрдүк култууралаах, эрэдээктэр эбээһинэһин ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр, биир сүрүннээх, биир тыллаах салайааччы, суруналыыс кэлэн барбыта. Кини эрэдээктэрдээбит кэмигэр икки хаһыакка хайатыгар да ол-бу араас түрүлүөн буолбутун, эбэтэр бэйэ-бэйэлэригэр утарыта турар, биитэр майгыннаһар матырыйааллар тахсыбыттарын өйдөөбөппүн. Хаһыаттар ис хоһооннорун, уопсай көстүүлэрин сэргэхситиигэ улахан уларыйыылар тахсыбыттара», диэн кырдьаҕас хаһыатчыт, РФ, Саха АССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Киргиэлэй Киргиэлэйэбис Нынныырап үтүө тылынан ахтан, сыаналаан турар.
Учууталым бойобуой доҕотторун көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйбүтүм
«Иван Александрович салайар үлэҕэ, наукаҕа да, суруналыыстыкаҕа да дьарык эрэ быһыытынан үлэлээбэтэҕэ. Кини тус бэйэтинэн норуотугар туһалыырга дьулуһара. Үйэлээх, суолталаах чинчийиилэри оҥорон, ону научнай кинигэлэр гынан таһааран, кэлэр көлүөнэ үөрэнээччилэргэ халбаҥнаабат тирэҕи хаалларбыта. Билигин кини үлэлэрэ Саха сирин олоҕун социальнай чинчийии классиката буоллулар. Киниэхэ тэҥнээх, үс сүүс сыллаах саха олоҕун киэҥник анаарбыт, дьоһуннук ырыппыт, ымпыктаан-чымпыктаан архыыптарга хасыһан, аныгы социальнай олоҕу кытта тэҥнээн чинчийбит кини курдук учуонай билигин да суох. Оннук таһымнаах үлэни бэйэтэ лиичинэс быһыытынан дьүөрэлээх киэҥ-куоҥ, дириҥ өйдөөх-санаалаах эрэ киһи оҥорор. Биһиги, сахалар, оннук баараҕай учуонайдаах буоламмыт, бэйэбитин билинэр уонна сайдар кыахпытыгар эрэлбит бөҕө, киниэхэ махталбыт сүҥкэн. Саха суверенитетын научнай олуга кини үлэлэригэр тирэҕирбитэ.
Кини уратыта диэн, бииргэ үлэлии сылдьар эдэр дьонун, биһигини, араас куһаҕан дьайыылартан харыстаан, ханнык да киһини үҥсүү-хаҥсыы айдааныгар чугаһаппатаҕа, бэйэтин дьоһунун түһэн биэрбэтэҕэ. Эбиитин, хараҕынан көрбөт да буола сылдьан үлэтин тэтимин ыһыктыбатаҕа, ыараханнык ыалдьан да баран, модун ис кыаҕын булгуруппатаҕа.Харахтарынан көрбөт буолбутугар, кини харахтарынан буолбутум. Кини тылынан этэн биэриитинэн «Социальное развитие якутского народа» (Новосибирскай: Наука, 1985) дириҥ төрүттээх үлэ суруллубута. Бу үлэтигэр тирэҕирэн наука дуоктарыгар диссертация көмүскүүр былаана, националистическай ис хоһоонноох буруйдааһын, үҥсүү-харсыы мэһэйдээн, кыаллыбатаҕа…
Оччолорго, киниэхэ үөрэммит, бииргэ үлэлээбит айымньылаах, сырдык кэмнэрбитигэр, Польшаҕа командировкаҕа сылдьан, учууталым, аҕа табаарыһым эдэр саллаат, связист Лодзь куоракка сэрии уоттаах хонууларынан сиритэ-хайыта ытылла-ытылла матасыыкылынан айанныырын кэпсиирин өйдөөн кэлбитим. Познань куоракка кини бииргэ сэриилэспит бойобуой доҕотторун көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйбүтүм. Кини курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуону оҥорор былааһын үлэтигэр кыттыам диэн санаабар да оҕустарбат этим…» (И.А. Аргунов 1967-1975 сс. САССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан үлэлээбитэ) диэн Иван Александрович Аргунов үөрэнээччитэ, төрүттээбит үөрэҕин утумнааччыта, биллиилээх социолог, наука дуоктара, бэрэпиэссэр, судаарыстыбаннай-уопсастыбаннай диэйэтэл Ульяна Алексеевна Винокурова истиҥ, иһирэх ахтыытынан суруйуубун түмүктүүбүн.
Кыайыы саллаата, идеологическай үлэ байыаһа, суруналыыс, наука түсчүтэ, киһи киэнэ кэрэмэһэ, саха саарына Иван Александрович Аргунов туһунан сырдык өйдөбүл мэлдьи тыыннаах.
Матырыйаалы
Иван Ксенофонтов
суруйда.