Хоро олохтооҕо алгыс түһэрэр тэрили айбыт

21.08.2017
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Иванов алгыһы түһэрэр тэрили айбыт. Кини бу оҥоһугун кыырчах диэн ааттаабыт, тупсаҕай беседка тутан, “Алгыс күрүөтэ” диэн алгыстанар сир оҥорбут.


Валерий Николаевич, биллэн турар, бу оҥоһугун өйүттэн ылан айбатаҕа. Урут сахаларга күөрчэх ойуун диэн баар эбит. Ону юла курдук эргитэн, билгэлэнэргэ туһаналлара, баҕар, былыр атын аналлааҕа да буолуо. “Күөрчэхтии ытыллар”, “күөрчэхтии эргийэр” диэн итини эттэхтэрэ. Учуонай Гаврил Ксенофонтов суруйуутугар ити туһунан баар. Ону үөрэтэн көрөн баран, оҥоруохха сөп эбит диэн өйгө-санааҕа кэлбит. Омос көрдөххө, оҥоһуга мас суорунаҕа маарынныыр, ону күнү батыһа эргитэр эбиккин.

Юла курдук төгүрүччү эргиттэххэ, “торсионное поле” диэн үөскүүр. Ити буддистар үҥэллэригэр, көрдөһөллөрүгэр барабааннарын эргит да эргит буолаллар дии. Ити мээнэҕэ буолбатах. Үҥэр-сүктэр кэмҥэ торсионнай чараас эйгэ үөскээн, үөһэттэн алгыс түһэр, ыраастанаҕын, көрдөһүүҥ түргэнник тиийэр, ону тэҥэ кутуҥ-сүрүҥ бөҕөргүүр. Ити курдук эргитэ сылдьыахха наада. 

Г.Ксенофонтов суруйуутун туһанан, бу “Алгыс күрүөтүгэр” эбии 13 уруунаны (руналары) суруйдум, ол алгыһы өссө күүһүрдэр. Өбүгэлэрбит анал сурук-бичик айан, ону эргичийэр тэрилгэ суруйан, Айбыт Айыыларга информация ыытар ньымалара эбит, —— диэн Валерий Николаевич кэпсиир.

Онон аҕыйах сылтан бэттэх, Хороҕо алгыс ылына, баҕа санааларын ымыы оҥостон тиийэр дьон элбээбит.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа: В.Н. Иванов — «Алгыс күрүөтүгэр».

Ыспыраапка

“Торсионное поле” эргичийэр тэрилгэ гравитационнай уонна электро-магнитнай эйгэ көмөтүнэн үөскүүр. Аан бастаан  математик Эли Картан ХХ үйэ саҥатыгар ити өйдөбүлү физика наукатыгар киллэрбитэ. Ол эрээри, үгүс учуонайдар билиҥҥэ диэри ити өйдөбүлү билиммэттэр, астрология, экстрасенсорика курдук “сымыйа наука” диэн ааттыыллар.

80-с сылларга Сэбиэскэй Сойууска ыытыллыбыт уопуттар түмүктэринэн биллибитинэн, торсионнай генератор көмөтүнэн ууну иитиэххэ, киһини, кыылы эмтиэххэ сөп эбит. Оннооҕор саҥа эниэргийэни, двигатели, сибээс сириэстибэтин айыахха сөп. Торсионнай эйгэ уратыта диэн – эниэргийэни буолбакка, информацияны үөскэтэр, сырдык түргэнинээҕэр (скорость света) өссө түргэнник тарҕанар. Холобур, галактика, сулус, планета бэйэлэрин тула эргийэллэр, онон торционнай эйгэни үөскэтэллэр, ол иһин кыраман ыраахтан киһиэхэ, хамсыыр харамайга дьайар күүстээхтэр.

Торсионнай генераторы хайа диэки эргитэргиттэн тутулуктанан, киһиэхэ куһаҕаннык, эбэтэр үчүгэйдик дьайыан сөп. Киһи санаата эмиэ торсионнай айылҕалаах диэн этэллэр.

Төһө да официальнай наука билигин утардар, киһи-аймах торсионнай эйгэни баһылыаҕа, ХХI үйэҕэ науканы сайыннарыа диэн эрэнэллэрэ оруннаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0