Хороҕо балаһыанньа хайдаҕый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хоро сэлиэнньэтигэр уу таһыма 1171 см тиийдэ (ыксаллааҕа — 1000 см). Онон 19 тиэргэни уонна 16 кэтэх ыал дьиэтэ уу ылар сиригэр түбэстэ. Бу
ыаллары аймахтарынан уонна ыалларынан тарҕаттылар.

Дьокуускайтан Өлүөхүмэ оройуонугар Ми8
салгын суудуната тиийдэ. Онон Арассыыйа ЫБМ, быыһыыр сулууспа исписэлиистэрэ уонна эстэрэр үлэни ыытааччылар 3 туонна эстэрэр матырыйааллаах тиийдилэр. 19 чааска диэри муус харыыта тахсыбыт сиригэр Хороттон аллараа 37 км сиргэ эстэриини былаанныыллар.
Бу үлэ ыытылыннаҕына нэһилиэнньэлээх пууҥҥа уу таһыма аччыахтаах.

Саха сиринээҕи суһал ыстаап
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0