Хоро дьыссаата өрөбүлгэ кытта үлэлиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ Хоро сэлиэнньэтигэр халаан кэмигэр хайдах дьаһанан олороллорун билээри, олохтоох дьыссаат сэбиэдиссэйин Татьяна Егоровна Голомареваны кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.

Сэбиэдиссэй этэринэн, ыксаллаах балаһыанньанан дьыссааты эмиэ дьону быстах  олордор пуун гыныахха диэн быһаарбыттар. Онон  бөөлүүн түүн дьыссаакка 27 киһи хоммут. 2 улахан киһи уонна 25 оҕо. Бүгүн дьуһуурунай бөлөххө 8 оҕо сылдьар. Ону тэҥэ уу ылбыт ыалларын оскуолаҕа үөрэнэр 13 оҕото баар. Дьыссаат, дьиҥэ, биэс үлэ күнүгэр үлэлиир. Ону халаанынан сибээстээн бу өрөбүл күннэргэ үлэлиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, дьиэлэрин уу ылбыт ыаллара —төрөппүттэр өрөбүлгэ дьиэлэрин таһыгар үлэлиэхтэрэ, онон оҕолор дьыссаака сылдьыахтара.

Таарыйа аҕыннахха, маҕаһыыннар үлэлии тураллар.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0