Ахсынньы 3 күнүгэр Чурапчы улууһун Дириҥэр нэһилиэк күнүн көрсө “Үрдэл” сынньалаҥ киинигэр музей арылынна. Манна нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир, көрдөрөр барыта сүүсчэкэ экспонат хомулунна.
Музей экспонаттарын хомуйууну өссө 2013 с. култуура үлэһиттэрэ Анастасия Сокольникова, Туйаара Иванова саҕалаабыттар. Улахан коллекцияны Мэлдьэхси учаастагыттан Аркадий Родионов биэрбит. Музей салайааччыта Мария Божедонова иһитиннэрэринэн, итилэри сэргэ нэһилиэк киэн туттар дьонун маллара-саллара хомуллубуттар.
Холобур, Семен Сидоров, Дмитрий Портнягин тутууга үлэлээбит инструменнара бааллар. Дириҥнээҕи норуот театрын урукку, тэриллиэҕиттэн ыла илдьэ сылдьыбыт маллара-саллара дьон көрүүтүгэр эмиэ тахсыбыттар.
“Нэһилиэк түмэлигэр аҥардас былыргы малы-салы эрэ муспакка, анал быыстапкалары туруордубут. Худуоһунньук кыыспыт Надежда Федулова быыстапкатын аҕаллыбыт. Бу иннинэ тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр анаммыт быыстапканы арыйбыппыт. Өссө үөрэнээччилэр төрүччүлэрин оҥорон аҕалбыттарын киллэрдибит. Манна барыта 34 ыал төрүччүтэ баар. Онон инникитин бу саалабытын өссө кэҥэтиэхпит”, — диэн кэпсиир Мария Петровна.
Музей биир киэн туттар экспонаттарынан нэһилиэк дьоно-сэргэтэ аҕалбыт сэдэх маллара буолаллар. “Үгүс ыал көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндүтүк саныыр маллаах буолар. Онтукаларын аҕалан музейга туруордулар. Бу быыстапка аҕыйах хонук устата туруоҕа”, — диэн бэлиэтиир Мария Петровна.
Манна даҕатан эттэххэ, Мария Петровна бэйэтэ 1870 сыллааҕы чаһыны аҕалан нэһилиэк олохтоохторун болҕомтотун тарта.
Итинтэн тэптэн нэһилиэнньэ музейга араас малы-салы аҕалбыт. Туттар иһити-хомуоһу, суумканы, таҥаһы-сабы көрдөрүүгэ аҕалбыттарын таһынан, олохтоохтор төрүччүлэрин буклет оҥорон бэлэхтээтилэр. Холобур, Христина Федулова ийэтэ тикпит, 540 куобах кулгааҕыттан сириллибит, суорҕаны аҕалбытын таһынан, төрдүн-ууһун ырытан хас да буклет оҥорон биэрдэ. Оттон Любовь Нахсылова Дириҥтэн хоту көһөрүллүүгэ барбыт дьоннор альбомнарын бэлэх уунна.
Бу музейы таһынан нэһилиэккэ Олимпийскай чемпион Павел Пинигин аҕата Павел Титович Пинигин уонна оскуола музейдара бааллар. Оскуола музейын аан бастаан 1956 с. оҕо дьиэтин кэллэктиибэ тэрийбитэ. Онтон Дириҥнээҕи орто агро-оскуола ылбыта. Билигин музейы Алексей Никонов тэрийэн үлэлэтэр. Ону таһынан Афанасий Аммосов Мэлдьэхситтэн хоту көһөрүллүүгэ уонна сэриигэ барбыттар көһө сылдьар музейдарын иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар.
Нэһилиэк музейын арыллыытыгар Хоптоҕоттон төрүттээх Ил Түмэн дьокутаата, Олимпийскай чемпион Павел Пинигин, Счетнай палата бэрэссэдээтэлэ Егор Марков, Хоптоҕо түмсүү бэрэстэбиитэллэрэ уонна нэһилиэктэн төрүттээх ырыаһыттар кыттыыны ыллылар.
Аграфена КУЗЬМИНА.