Хопто хайдах кыстаата?

Ааптар: 
24.04.2017
Бөлөххө киир:

 Үөрүттэн быстыбыт  хопто оҕото хайдах кыстаан турарын туһунан “Эдэр саас” саайт ааҕааччыта суруйарбытыгар көрдөспүтэ.

Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Кырдьык, сэтинньи ыйга, Аллайыаха улууһун олохтооҕо Петр Христофорович Рожин кэргэниниин Татьяналыын учаастакка тоҥон иэдэйбит муора хоптотун булан, улуустааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр ыыппыттара. Хоптону бастаан оскуола үөрэнээччилэрэ ылан, “күөх муннукка” көрүөхпүт-истиэхпит дэспиттэрэ. Ирдэбил быһыытынан, 1 ый устата көтөр инкубационнай кэтээн көрүүгэ туруохтаах. Онтон, аны, көтөр кириибинэн сибээстээн, бэрэбиэркэтигэр эмиэ биир итиччэ кэм ааспыта.  

         Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн, муора хоптото дьон саҥатын-иҥэтин, тыаһы-ууһу олох сөбүлээбэт. Киһи атаҕын да тыаһыттан дьик гына түһэр. Онон оскуолаҕа бардаҕына, элбэх оҕо көрөрүн-истэрин сөбүлээбэккэ, өлөн хаалыа диэн бэйэбитигэр хаалларарга быһаарбыппыт, — дэһэллэр экологтар.

Онон сэтинньи ыйтан хопто хаһаайын курдук иниспиэксийэҕэ кыстаата.  Халлаан сылыйарыгар этэҥҥэ тиийдэ. Көтөрү анал килиэккэҕэ олордубуттар. Ол эрээри, кынатын көннөрдүн, хаамтын, көтө үөрэннин диэн килиэккэттэн тэрээһэҕэ таһаараллар. Бу кэм устата хопто, омос көрдөххө, маҥхайбыт, тумса уһаабыт курдук буолбут. Тугу барытын сиир эбит. Үксүн балыгынан аһаппыттар. Дьиэлэриттэн ас тобоҕун таспыттар. Быһата, көрүүнү балачча  эрэйбит.

“Дьукаахтарын”, сүрүннээн, ыстаарсай госиниспиэктэр Сергей Яныгин ньээҥкэлээбит. Бэл, көтөр кини илиититтэн аһыыр үһү. Ол эрээри, көрөр-истэр, ыраастыыр эрэйдээх дииллэр.  Сыта-сымара бэрт, сороҕор, бу кэриэтин куурусса ииппит буоллар, сымыыт сиэ этибит”, — дэһэн күлсэллэр.

Хоптолорун ыам ыйын бүтүүтэ, атын хоптолор көтөн кэллэхтэринэ, уу таҕыстаҕына, көҥүлгэ ыытарга былаанныыллар. Дьиҥэ, хоптолор ырбыы таҕыста да, көтөн кэлэллэр. Муора маанылаах көтөрүн ыт да, оҕо да тыыппат сиригэр ыраах илдьэн ыытыахтара.

Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

          

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0