Саҥа дьыл сырдык тыыннаах бырааһынньык эрээри, арыгы булкаастаах буоллаҕына, куһаҕаҥҥа да тиэрдиэн сөп.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр Майаҕа Саҥа дьыл үүммүт түүнүгэр, тохсунньу 1 күнүгэр, бу кэрэ бырааһынньык хаан өҥнөннө — биир киһи дьиэтигэр Саҥа дьылы бэлиэтии олорбут дьахтар аһара итирэн, утуйа барбыт.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, ол кэмҥэ кэлин ыалдьыттыы кэлбит киһи киниэхэ тиийэн уһугуннарбытыгар уһуктан кэлбит уонна ол киһи хоонньоһоору тииспитин абааһы көрөн, куукунаҕа тиийэн, быһах ылбыт уонна хоско төннөн кэлэн, бу сордооҕу көхсүгэр үстэ быһаҕынан анньан, миэстэтигэр өлөрбүт.
Бу Аллараа Бэстээхтэн төрүттээх 39 саастаах, ханна да үлэлээбэт дьахтарга РФ Холуобунай кодексатын 105-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, киһини соруйан өлөрүү бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэриллибит. Уорбаланааччы дьахтар хаайыллыбыт.
Бу туһунан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.