Хомуур: 28 тыһ. 400 туонна хортуоппуй уонна оҕуруот аһа хомулунна
Ситэтэ суох чахчынан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 28 тыһ. 400 туонна хортуоппуй уонна оҕуруот аһа хомулунна.
Дьоҕус хаһаайыстыбалар уонна чааһынай ыаллар хомууру бэйэлэрин күүстэринэн үмүрүппүт буоллахтарына, элбэх ыһыылаах улахан хаһаайыстыбаларга оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ итиэннэ устудьуоннар көмөлөстүлэр.
Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын уонна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара (196 киһи) Өлүөхүмэ улууһугар «Саҥыйахтаах» кэпэрэтиип хортуоппуйун хомуйдулар. Сайын төһө да курааннаатар, үүнүү үчүгэй, гектар ахсыттан 120 сэнтиниэр, баалабайынан 1 тыһ. 970 туонна кэллэ! Санатан эттэххэ, былырыын 1 тыһ. 450 туонна хомуллубута.
Егор Ефимов, кэпэрэтиип салайааччыта:
— Билиҥҥи туругунан, «Туймаада Агроснаб» ААУо—ҕа 600, «Өлүөхүмэ агропродукка» 200 туонна хортуоппуйу туттардыбыт. Хортуоппуйбут хаачыстыбата лаппа үчүгэй буолан уонна тымныы түһүөн иннинэ Дьокуускайга илдьиллэн үөрдүбүт. Бу хортуоппуйу «Туймаада Агроснаб» кыһын сөмөлүөтүнэн хотугу улуустарга ыытыаҕа.
Хомуур үлэтэ түмүктэнэн, тыа дьонугар дьылы быһаарар сүрүн үлэ — кыстыкка киирии түбүгэ үүннэ.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаларга: хомуур үлэтин түгэннэриттэн.
Кинилэр Саҥыйахтааҕы умнуохтара суоҕа
Хортуоппуйу тиэммит аал хоту айанныыр