Хомуур үлэтэ этэҥҥэ бара турар

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа өрүү буоларын курдук тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр ыгыылаах-түүрүүлээх. Өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһылыгын оҥоруу түмүкэтэнэн эрэр уонна хомуур үлэтэ саҕаланна.

edersaas.ru

2020-2021 кыстык сылларыгар өрөспүүбүлүкэ 471 495 туонна кытаанах аһылыкка наадыйар. Балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, номнуо 444 570 туонна от оҥоһуллубут. Ол номнуо сыллааҕы былаан 94,3%-на буолар.

Эрдэ биллэриллибитин курдук, 160 мобильнай биригээдэ тэриллэн, ыраах сытар улуустарга тиийэн үлэлии сылдьар. Бүгүҥҥү күннээххэ, биригээдэлэр номнуо былааннарын 100% толорон олороллор.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сиилэс оту 19 095 туоннаны бэлэмнээтилэр. Былырыын сиилэс көрдөрүүтэ 17 466 туонна этэ. Сенаж 10 017 туонна бэлэмнэннэ, бу сыллааҕы былаан — 62,2 %-на.

Сиилэһи бэлэмнээһиҥҥэ Сунтаар улууһа 3765 туоннаны (125,5%)  оҥорон, өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан иһэр.  Хаҥалас улууһа 2800 туонна (108,9%), Ньурба улууһа – 2000 туонна (100,5%), Өлүөхүмэ улууһа – 2001,6 туонна (123,1%), Бүлүү улууһа – 1361 туонна (104,7%), Мииринэй оройуона – 2836 туонна (141,8%), Ленскэй оройуона – 1496 туонна (136,0%) сиилэһи бэлэмнээтилэр.

Бу сылга 9308 гектар туораахтаах култуураны хомуйар былаан турар: ол иһигэр, бурдук – 1334 га, ньэчимиэн – 2078 га, эбиэс – 4947 га.  Бүгүҥҥү күн туругунан, 6371 гектар хомулунна. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ номнуо 73% үлэни оҥордулар.

 СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0