Хомусчут-вайнер. Кини кимий?

13.04.2020
Бөлөххө киир:

Баара-суоҕа аҕыйах хонук иһигэр инстаграмҥа мөлүйүөнүнэн «просмотрдаммыт», сүүрбэччэ тыһыынча сурутааччыламмыт киһи, арааһа, тарбахха баттанар ахсааннаах буолуо. Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн «Шкандалина», «Һүөгэй тыллаах Һүөдэр» уонна да атын күлүүлээх уобарастар тустарынан тэттик видеолар тарҕанан, хомусчут Владимир Дормидонтов аны вайнер буолан, үгүс дьон сэҥээриитин ылла. Кини кимий? Хантан төрүттэээҕий? Бүгүн edersaas.ru саайтка хомусчут, вайнер, блогер Владимир Дормидонтов ыалдьыттыыр.

edersaas.ru

— Владимир, эн Сунтаартан төрүттээххин, оҕо эрдэххиттэн хомустуургун билэбин. Бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.

-Мин Сунтаар Хаданыттан төрүттээхпин. Ленскэйдээҕи араас биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр лиссиэйи бүтэрбитим, физика-математика кылааһын. Билигин Москватааҕы Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай үөрэх кыһатын бастакы курсун саха устуудьуйатын устудьуонабын. Драма тыйаатырын уонна киинэ артыыһын салаатыгар үөрэнэбин. Импровизатор-хомусчуппун. Аан дойдутааҕы этничэскэй фольклор күрэхтэрин лауреатабын, кыайыылааҕабын.

-Дьэ, хаһааҥҥыттан тэттик видеолары устан саҕалаатыҥ? Билигин батсаапка, инстаграмҥа эн вайннарыҥ үгүстүк тарҕаналлар. Элбэх киһи страницатыгар көрөбүн.

– Москваттан дойдубар кэлээт, дьиэҕэ олорон үлэ, үөрэх биллэриллибитин кэннэ, кыратык вайн устан саҕалаабытым. Дьиҥэр, доҕотторбун күллэрээри, аан бастаан кинилэргэ анаан устубутум. Онтон ким эрэ «репостаан», тарҕанан барбыта. Вайны устубутум икки эрэ нэдиэлэ буолла. Бу кэм иһигэр сурутааччыларым ахсаана лаппа элбээтэ. Бүгүн оруобуна 20 тыһыынча сурутааччыланным. Аҕыйах күн иһигэр «просмотрдарым», «показтарым» сүрдээҕин улааттылар. Бөлүүн түүн 2,5 мөлүйүөнү көрдөрбүтэ. Мантан түүн өссө элбиирэ буолуо. Түгэнинэн туһанан, миигин көрөр-истэр дьоммор, сурутааччыларбар махтаныам этэ, бу тэттик видеоларбын сэргээн, сэҥээрэн көрөргүтүгэр.

– Шкандалина, Хадан харамайа… Өссө инникитин ханнык уобарастар баар буолуохтарай?

https://www.instagram.com/p/B-gqf1cINjc/

– Уобараһым элбэх. Чопчу төһөтүн этэр кыаҕым суох. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын сэттэ мэтириэтэ» диэн айымньытын дьон бары бэккэ диэн билэр. Манна олоҕуран, араас уобарастаах кыргыттары эр киһи көрүүтүнэн оҥорбутум. Ол кэнниттэн дьэ дириҥээн, сюжетын булан, туспа суоллаах-иистээх буолбуттара. Онон күн аайы саҥаттан-саҥа уобарастар тахса тураллар. Нэдиэлэҕэ биир-икки саҥа уобарас син биир тахсар. Холобур, Шкандалина, Сунтаар уола Сүөгэй тыллаах Сүөдэр, Луиза Ивановна, Туормас Толик уонна да атыттар.

-Бу кыһын социальнай ситимнэринэн Италияҕа тиийэн, тыһыынчанан көрөөччүлээх улахан саалаҕа хомустуу сылдьар видеоҥ тарҕаммыта. Итальянецтар олус сэргээн, ытыстарын тыаһа хабыллан олороро. Вайннынан аһара үлүһүйэн, аны хомустуургун тохтоппот инигин?

– Вайн устарым хомустуурбар олох мэһэйдээбэт. Хомус да, вайн да киһи санаатын көтөҕөр, сэргэхситэр. Бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэр. Онон инникитин өссө дьүөрэлэһиэхтэрэ диэн эрэх-турах санаалаахпын. Мин бастатан туран, хомусчуппун, артыыспын. Билигин аны блогер, вайнер диэн буоллум быһыылаах. Аҕыйах күн анараа өттүгэр. Бэйэм да, атын да дьон сөхтө. Миэхэ билигин наһаа элбэх киһи суруйар, махтанар. Үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиигин диэн. Сурутааччыларбын кытары доҕоттор курдукпут. Элбэҕи кэпсэтэбит, санаабытын үллэстэбит.

https://www.instagram.com/p/B9ZO0-3oKKE/

-Владимир, кэпсээниҥ иһин махтанабыт! Өссө даҕаны саҥа, сэргэх, күлүүлээх видеоларгын кэтэһэбит.

edersaas.ru

Хаартыска, видео @dormidontov_

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0