Хомус уонна кырыымпа доҕуһуоллаах

19.12.2019
Бөлөххө киир:

Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы мусукаалынай кэллиэскэ Арассыыйа үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Гаврил Гаврильевич Колесов төрүттээбит төрүт култуура толорор ньымаларыгар уһуйуу салаатын салайааччыта, Аан дойду култууратын маастара, СӨ култууратын туйгуна, импровизатор-хомусчут, биир дойдулаахпыт Варвара Степанова-Арчыына уһуйуллааччыларын кытта Мэлдьэхси нэһилиэгин күндү ыалдьыттарынан буоллулар.


Арчыына үөрэммит оскуолатыгар сылдьаннар, оҕолор оскуола олоҕун билистилэр. Түмэллэргэ  экскурсиялаатылар. Онтон  оҕо саадын иитиллээччилэригэр, үөрэнээччилэргэ хомус тардыытын ньымаларыгар маастар-кылаас ыыттылар.

Киэһэ кулуупка кэнсиэр көрдөрдүлэр. СӨ култууратын туйгуна, Дархан Уус, “Кыл саха” бөлөх сүрүн солиһа Руслан Габышев кэнсиэргэ  доҕуһуоллаата, кырыымпаҕа оонньоон иһитиннэрдэ.

Мэлдьэхсигэ култуура сайдыытыгар кылаатын киллэрсибит, элбэх ырыаны  айан  хаалларбыт култуура уонна успуорт эстафетатын  лауреата, сэрии бэтэрээнэ  Иннокентий Колесов- Лэгэнтээс репертуарыттан “Ыллаа диигит, ыллыыбын” диэн ырыатын сиэн балта Варвара Степанова ылбаҕайдык ыллаан, биһирэбили ылла. РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР искусствотын  үтүөлээх диэйэтэлэ, үҥкүүһүт, тойуксут Сергей Зверев-Кыыл Уола  репертуарыттан  “Үтүө күннэр” диэн ырыаны сиэнэ  Чэлгиэрийэ Тарагаева ыллаата. Лука Турнин аатынан анал истипиэндьийэ  күрэһин кыайыылааҕа Надежда Варламова Христина  Таскина репертуарыттан “Хомус”  ырыатын иһитиннэрдэ.

Хотугу норуоттар матыыптарын хомуска оонньоон, Кыргыстаҥҥа, Иссык-Кульга ыытыллыбыт фольклор куонкуруһун уонна Казахстаҥҥа Алма Ата куоракка ыытыллыбыт “Аманат мюзик” күрэс кылаан бириистэрин кыайыылааҕа  Наталья  Заровняева хомуска сахалыы матыыптары толордо.

Устин Нохсоороп репертуарыттан тиһилиги толордо Василий Николаев, кини итиэннэ бэйэтин матыыбыгар ырыалары  иһитиннэрдэ.

Гаврил  Чириков, Дайаана Попова, Светлана Находкина хомуска композицияны толорууларын, ырыаларын-тойуктарын  көрөөччүлэр эмиэ биһирээтилэр.

Биир дойдулаахпыт Леонид Колесов-Сэргэ суруйуутугар Мэлдьэхси туһунан хоһооннору ааҕан иһитиннэрбиттэрэ биир бэлиэ түгэнинэн буолла.

Ити курдук, хомус, кырыымпа дорҕоонугар уйдаран, көрөөччүлэри кытта бииргэ хомуска оонньоон, кэнсиэр тэрээһинниин да табылынна, ситиһиилээхтик буолла.

Надежда АНДРОСОВА,

Мэҥэ Хаҥалас, Мэлдьэхси.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0