Хомус дэкээдэтин иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ араас тэрээһиннэр буола тураллар. Олортон биирдэстэринэн бастакы идэтийбит хомусчут, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, аан дойду виртуоз-хомусчута Петр Оготоев кэриэһигэр, үс сылга биирдэ ыытыллар “Хомус Уолан” күрэс буолар. Быйыл 7 эдэр хомусчут кытынна.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Бу тэрээһин ирдэбилэ диэн, 30-гар диэри саастаах эдэр хомусчуттар кытталлар, күрэс түөрт түһүмэҕинэн барар. Маҥнай бэйэлэрин билиһиннэрэллэр, салгыы Петр Оготоев хомуска тардыбыт айымньыларыттан толороллор, онтон кыттааччы бэйэтэ хоһуйбут айымньытын иһитиннэрэр, түмүккэ хомус историятыттан, Петр Оготоев олоҕуттан, айар үлэтиттэн бэриллибит ыйытыыларга хоруйдуур.
Хомус киинин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов иһитиннэрбитинэн, быйыл саас Хомус киинэ Уус Алдан улууһун кытта сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. Ол чэрчитинэн, быйылгы сылга икки тэрээһини былааннабыттар – Петр Оготоев аатынан “Хомус Уолан” күрэс уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ. Күрэскэ чахчы бэлэмнээх, таһымнаах эдэр дьон кытталлар диэн быһаарар.
Норуоттар икки ардыларынааҕы Хомус муусукатын киинин бэрэсидьиэнэ, бэрэпиэссэр Иван Алексеев – Хомус Уйбаан: “Күрэс сылын аайы тупсан иһэр. Ыччаттар маастарыстыбаларын үрдэтэллэригэр, Петр Оготоев айар үлэтин, талаанын сырдатарга, батыһарга олус туһалаах тэрээһин. Биллэн турар, Петр Оготоев айымньытын толоруу уустук, кини таһымыгар тиийэр ыраах, ол эрээри, холонуу баар. Бүгүн кини тус-туспа буочардаах биэс айымньытын толордулар, ол айымньылар формаларын көрдөрдүлэр. Куонкурус инникилээх, онон ыччаттар салгыы үүнэллэригэр суолтата сүдү. Артур Сивцев хомусчут талааннаах, айар ньымалардаах эбит. Үгэс матыыптарын иҥэриммит, фольклор хайысхатын тутуһа сылдьар Андрей Федоровы бэлиэтиэм этэ. Эстрада хайысхатыгар Спиридон Иванов бэйэтин холонон көрдө. Ол гынан баран, салгыы үүнэригэр баҕа санаалаахпын, эрэнэбин”, — диэн үллэһиннэ.
Онтон “Хомус Уолан” куонкурус быйылгы кыайыылааҕа Артур Семенов: “Долгуйдум. Куонкуруска букатын бэлэмнэммэтэҕим. Дьааҥыттан сылдьар дьарыктаабыт үөрэнээччибин Гаврил Чириковы кытыннара аҕалбытым уонна бэйэҥ эмиэ кытын диэн эппиттэрин тылларын ылыннаран, киирэн хааллым. Онон соһуччу кыайан кэбистим диэххэ сөп. Соһуччута бэрдиттэн эбитэ дуу, “Хомус Уолан” курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэххэ бастаатым диэн ылына иликпин. Хомустуурум таһынан, ыллыыбын-туойабын, ырыа суруйабын. Онно туһаныам дии саныыбын. Биир ырыаны оҥотторууга 50 тыһ. солк. кэриэтэ барар”, — диэн тэрээһин кэнниттэн тута санаатын үллэһиннэ. Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Артур Семенов Чурапчыттан төрүттээх, М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһигэр хомус кылааһыгар преподавателлиир, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар үөрэнэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас куонкурустарга кыттан бастыыр, миэстэлэһэр. Ол курдук, быйыл сайын Олоҥхо ыһыаҕын хомус күрэҕэр Гран-при үрдүк аатын ылбыта, икки сылга биирдэ ыытыллар “Урал-моно” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы түүр ыччатын куонкуруһугар бастаан турар.
Тыҥааһыннаах күрэс кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ миэстэлэри маннык үллэртээтэ:
- Артур Семенов (Чурапчы) “Хомус Уолан” күрэс кылаан бирииһин 50 тыһ. солк. сэртипикээтин Уус Алдан култуураҕа управлениета олохтоото
- Андрей Федоровка (Сунтаар) ”Өбүгэ үгэһин утумнааччы” анал аат хаһаайыныгар — Хомус түмэлиттэн 10 тыһ. солк. уу харчынан бириис
- Дьулустаан Николаевка (Бүлүү) “Дьүрүскэн хомусчут” анал аат хаһаайыныгар — Лөгөй нэһилиэгин дьаһалтатын 10 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээтэ
- Егор Никифоровка (Дьокуускай) ”Хомуһуннаах Хомусчут” анал аат кыайыылааҕар — Оготоев бииргэ төрөөбүттэрин ааттарыттан 10 тыһ. солк. суумалаах бириис
- Федот Винокуровка (Уус Алдан) – Петр Оготоев СГУ-га бииргэ үөрэммит доҕотторун аатыттан 5 тыһ. солк. уу харчынан бириис
- Спиридон Ивановка (Уус Алдан) — Лөгөй орто оскуолата олохтообут 5 тыһ. солк. уу харчынан бирииһэ.
- Гаврил Чириковка (Дьааҥы) — Петр Оготоев Лөгөй оскуолатыгар бииргэ үөрэммиттэрин аттарыттан 5 тыһ. солк. бириис.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.