Хомус түмэлин уонна киинин дэлэгээссийэтэ Монголияҕа баран кэллэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олунньу ый бүтүүтэ-кулун тутар саҥата Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин дэлэгээссийэтэ Монголияҕа баран кэллэ.

edersaas.ru

Олунньу бүтүүтэ Хомус түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов, Хомус аан дойдутааҕы киинин бэрэсидьиэнэ Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, аан дойду виртуоз хомусчута Спиридон Шишигин, түмэл научнай үлэһитэ Туйаара Жиркова, “Эйээр” ансаамбыл солиһа Ян Попов Улан-Баатар Чингэлтэйдээҕи оройуонун префегэ Жамсаран Эрдэнабаттыын, Улуу Хуралга Даваагийн Ганболдтуун көрсүһүүлэргэ сырыттылар. Аан дойдуга саамай былыргы – 2 аҥаар тыһыынча сыллааҕы  хомус Монголияҕа булуллубутун киэн тутта бэлиэтээтилэр.

Ол күн оҕолорго хомус күрэҕэр 29 нүөмэринэн 11 оскуола кытынна — 18 солист, 6 ансаамбыл, 8 нүөмэри үөрэнээччилэр уһуйааччыларын кытта бииргэ толордулар. Биирдиилээн толорооччуларга Оттонбат, ансаамбылларга Уулсын татлага хамтлаг, кыттыгас нүөмэрдэргэ Эгшилгэн 3 хамтлаг бастаатылар. Кинилэр уонна атын призердар Лидия Борисова, Антонина Никитина, Иван Христофоров — Кириһээн Уус, Петр Куличкин-Быйаман Уус, Александр Шепелев, Павел Михайлов, Петр Осипов-Төлөн Уус, Спиридон Шишигин, Иван Алексеев — Хомус Уйбаан, Дмитрий Бястинов анал бириистэрин туттулар.

Олунньу 28 күнүгэр Улан-Баатар Чингэлтэйдээҕи оройуонун 61-с №-дээх оскуолатыгар монгол хуур хомуһун Национальнай киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Киин аһыллыытын туһунан сөбүлэҥ 2018 сыллааҕы Туймаада ыһыаҕар түһэрсиллибитэ.

Маны таһынан дэлэгээссийэ тыйаатыр сезонун арыллыытыгар сырытта, Монголия омуктарын чаҕылхай үҥкүүлэрин дуоһуйа көрдүлэр, киэн туттар пааматынньыктарыгар – Чыҥыс Хаан былаһааккаҕа хомуска оонньоотулар.

Бары тэрээһиннэргэ дэлэгээссийэни үөрэх управлениетын салайааччыта, 61-с №-дээх оскуола дириэктэрэ, о.д.а. арыаллаатылар. Тэрээһиннэр олус эйэҕэс, аймахтыы майгыга аастылар.

Монгол хомуһун Национальнай киинэ Монголия бырабыыталыстыбатын быһаччы өйөбүлүнэн аһылынна. Салгыы айымньылаах үлэ барарыгар эрэнэбит!

Елизавета МИГАЛКИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0