Хомус сайдыытын кыһалҕаларын тула киэҥ кэпсэтии таҕыста

Ааптар: 
05.10.2017
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга хомус уустарыгар, уһуйааччыларга, хомуһу тардааччыларга аналлаах «Хомус. Традиции. Современность» диэн ааттаах “төгүрүк остуол” буолан ааста. Саха хомуһа төһө даҕаны аан дойдуга аатырбытын, маны барытын түмэр соҕотох киин Саха сиригэр эрэ баарын билиммиттэрин иһин, миэстэтигэр кыһалҕа үгүс. Хомус куттаах дьон ити проблемалар тула кэпсэттилэр.

edersaas.ru

Бастатан туран, эһиил Москваҕа аан дойдутааҕы 9-с кэнгириэс буолаары турар. Итиниэхэ Хомус түмэлин дириэктэрэ Николай Шишигин норуот этиитигэр тирэҕирэн, Саха сирин санаатын, көрүүтүн тиэрдиэхтэрин баҕаралларын биллэрдэ. Кини 2008 сыллаахха түмэл дириэктэринэн кэлээтин кытта, Кэнсиэпсийэ оҥорон бигэргэппиттэрэ. Кэнсиэпсийэҕэ олоҕуран, 2016 сылга диэри үлэлиир бырагыраама ылыммыттара. Бу сыллар тухары тустаах бырагырааманан үлэлээн, саха хомуһа, уустара, хомусчуттара аан дойдуга тиийэ билиннилэр. Билигин саҥа кэрдиис кэмҥэ саҥа Кэнсиэпсийэ оҥоһуллуохтаах, бырагыраама ылыныллыахтаах.

Хомус уустарыгар аналлаах секция

Манна мустубут дьон, бэлиэтээбитим курдук, кыһалҕалары быһаарыстылар. Ол курдук, биир сүрүн кыһалҕанан хомус дьэбиннириитэ буолар. Урукку сылларга саха хомуһа, сүрүннээн, Саха сиригэр эрэ тарҕанара. Билигин аан дойду дьоно харчытын кэрэйбэккэ, эккирэтиһэн туран атыылаһар. Ол эрээри, бастатан туран, хомус Саха сириттэн таҕыста даҕаны, холобура, Владивостокка муора сииктээх салгыныгар олус түргэнник дьэбиннирэрин ыйаллар. Оттон Индияҕа хомусчут айаҕар укпат гына дьэбиннирэрин бэлиэтииллэр. Ити биллэн турар, Саха сирин аатын-суолун соччото суохтук ааттатар. Маны таба өйдөөн, саха уустара кэлин дьэбиннирбэт тимиртэн хомуһу оҥорор буоллулар. Ол гынан баран, үлэтэ уустугурбутун ыйаллар. Итинтэн сиэттэрэн иккис кыһалҕа күөрэйэр. Уус хас биирдии хомуһу бэйэтэ чочуйан оҥорор. Бэйэтин сыаната ортотунан 15 тыһ. солк. тэҥнэһэр буолуон сөп. Ити суумаҕа ким даҕаны атыыласпата биллэр. Ол иһин сыанатын быдан түһэрэн, 4-5 тыһ. солк. батараллар. Хас даҕаны күн үлэлэммит үлэни өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олорооччулар атыылаһан ылаллар итиэннэ онно миэстэтигэр икки-үс бүк үрдэтэн атыылыыллар. Онон, судаарыстыба дуу, муниципальнай тэриллиилэр дуу уустары кытта дуогабар түһэрсэн, субсидия көрүллэрин туруорсар санаа баар.

Дьиҥэр, хомустаах дьон бэйэбит, сахалар итини өссө ситэ өйдүү иликпит. Хомус баар да баар, атыыланар да атыыланар. Сорохтор атыылаһан тыаһата үөрэнэллэр, сорохтор истэллэр. Оттон ити баара-суоҕа быычыкаайык үнүстүрүмүөн киһиэхэ дьайар күүһэ сүҥкэнин хото чинчийэ, үөрэтэ, өйдүү иликпит. Кини эмтиир күүһүн этэ да барыллыбат. Итини хантан даҕаны халлаантан ылан эппэппин, бэйэм быһаччы сыһыаннаах, чахчы туһалааҕын билэр буолан бэлиэтиибин.

Үсүһүнэн, Киров уулуссатыгар турар кып-кыракый хомус түмэлэ Аан дойдутааҕы хомус киининэн биллэр. Бүтүн 13 филиаллаах. Киһи итэҕэйимиэ даҕаны суоҕун курдук. Ол эрээри, баччааҥҥа диэри бэйэтэ туспа бас билэр дьиэтэ-уота суох. “Холобура, манна, бэйэҕит көрөргүт курдук, биир тэрээһини ыытаары гыннахпытына, түмэлбит үлэлээбэт. Дьон таҥаһын уларыттыытыттан саҕалаан олус элбэх кыһалҕалары көрсөбүт. Аны үһүс этээскэ олорор буолан, хамсаныыларыгар хааччахтаах дьон киирэллэригэр-тахсалларыгар улаханнык эрэйдэнэллэр. Түмэлбит уопсай экспоната 10 тыһ тиийдэ. Онон Ил Дархан биһигини өйүүрүгэр эрэллээхпит”, — диэн Николай Спиридонович санаатын тиэртэ.

Аан дойдуга тиийэ хас даҕаны тыһыынчанан хомусчуттарынан биллэр өрөспүүбүлүкэ туспа хомус дьиэлэниэн баҕарара өйдөнөр. Норуоттар икки ардыларынааҕы Эпос киинэ тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Хомус киинигэр итинтэн миэстэ көрүллэр диэн иһитиннэрбиттэр. Ол эрээри, хомус киинэ дьоһун миэстэни ылыан баҕарар. Төһөтүн да иһин аан дойдуга биллэр 13 филиаллаах.

Бэйэлэрэ актовай саалалаах, мастарыскыайдаах, анал фирменнэй маҕаһыыннаах, гостиницалаах бырайыагы оҥорторбуттар. Итиннэ 12 уопсастыбаннай тэрилтэ көмөлөһөрүн биллэрбит. “Газпром” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллер кэлэ сылдьан биир кэмнээх көмө оҥоруохпун сөп диэн иһитиннэрбит. Онон Хомус киинин үлэһиттэрэ судаарыстыбаҕа аҥардастыы илиилэрин уунан олорбокко, утары үбүлээһиҥҥэ харчы көрдөһөр кыахтаахтарын, итиниэхэ туһааннаах кэпсэтиилэр бара туралларын этэллэр.

Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хомус түмэлин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0