Хомус күнүгэр хомоҕой хоһоон кутуллар

Бөлөххө киир:

«Тыл сүмэтэ» айар бөлөх Хомус аан дойдутааҕы күнүгэр анаан, хоһоон айыытыгар «Дьүрүһүй, хомуһум» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи биллэрбитэ.

edersaas.ru

Күрэх соругунан саҥа талааннары арыйыыны сэргэ, хомус тыаһын уус-уран тылынан дьүһүйүү; хомус саха култуурунай олоҕор суолтатын үрдэтии; хомус уустарын, виртуоз толорооччулары сырдатыы; Хомус аан дойдутааҕы күнүн сайыннарыы буолбута.
Түмүк Саха сиригэр Хомус аан дойдутааҕы күнүн көрсө таҕыста. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн, үс маҥнайгы күөҥҥэ тахсыбыттарга харчынан бириис уонна кыттааччыларга барыларыгар Добун сурук ситим нөҥүө тиксэрилиннэ.

Хомус туһунан хомоҕой хоһоонньуттарынан кимнээх ааттаннылар?

«Кэскиллээх хоһоонньут» — В.Г.Короленко аатынан Амма 1 нүөмэрдээх оскуолатын 8 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Айза Дмитриева;
Биһирэбил бириис — Любовь Борисова-Таптал Чагда ;

Үһүс үрдэл — Татьяна Куличкина-Дедюкина;
Иккис үрдэл — Николай Пахомов;
Бастакы үрдэл — Вячеслав Хон.

Хомуспун хоһоонунан хоһуйуум

ХОМУС

Хотун дьахтар
Хонуктаабыт
Хомолтотун халбарыппыт,
Кийиит киһи
Киирэн ылар
Киппирииһин уҕарыппыт,
Дьоро киэһээ
Дьогдьоотугар
Дьолуо-дорҕоон тойуктаммыт,
Кырыа кыһын
Кыһарыгар
Кылбар эҥээн табыктаммыт,
Ойуоккалыыр,
Охсор тыллаах,
Оҕуруолаах куоластаах,
Эридьиэстээх
Этитиилээх
Экчи хомус буолуохтаах!

Үрэх, алаас
Сыырдарыгар
Сахам эҥин түөлбэтигэр
Аллар күөстээх,
Алаадьылаах,
Ааны саппат киэһэлэргэ
Күөрэгэйи,
Күөйэн ылан,
Холумтаҥҥа ыллаттаҕа,
Атыыр бэрдин,
Аара тутан,
Аарыгырда баргыттаҕа,
Намылытар,
Наскылдьытар
Налыы-дорҕоон куттаҕа,
Чоҕул-сырдык
Сытыы таммах-
Чопчу буолан ыллаҕа.
Сибигинэс
Ситим тылын,
Илдьит буолан аҕалааччы,
Таайтарыылаах
Таптал тылын,
Таалар түөскэ таҕайааччы,
Сахам саамал
Матыыптарын
Сааһылаахтаан илдьэ кэлбит
Маннык кыра,
Маннык нарын
Мааны-мандар тэрилбит!

Мөҥөр дорҕоон
Мөһүүрэлээх
Дьүрүскэннээх биэбэйикпит,
Этэр-туойар
Эгэлгэҕин
Элбэхтээҕин биллэхпит-
Сайда турар
Саҥа үйэ
Тойуктарын арыаллааҥҥын,
Кэлэр кэммит
Кэтэһиилээх
Кэпсээннэрин дабатаҥҥын,
Омук-омук
Оҕолорун
Омун үөрүү кынаттыыгын,
Араас дойду
Атастарын
Ахсым кулун атахтыыгын.
Кулгаахтааҕы
Кутун тутан,
Дууһалааҕы долгутан,
Аатыҥ биллэн,
Ыырыҥ кэҥээн,
Кэҕийээхтээн,
Эҕийээхтээн,
Этэн-тыынан дьиэрэһиттиҥ,
Туймааданы
Орто дойду
Хомустааҕын киинэ дэттиҥ!
Эһиэ-эһиэ
Эһиэкэй ини,
Оһуо-оһуо
Оһуокай ини!
(Вячеслав Хон)

Вячеслав Хон Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. 1966 с. Чурапчыга Алаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, Бүлүүгэ Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа үөрэххэ киирбитэ. 1970 с. училищены бүтэрэн, биир сыл оскуолаҕа үлэлээбитэ. Манна литературнай куруһуокка аҕыйах кэмҥэ дьарыктаммыта. Ол кэмҥэ Бүлүү оройуонун хаһыатыгар бастакы хоһооно бэчээттэнэн тахсыбыта.
Аармыйаттан эргиллэн кэлэн баран, 1973 с. СГУ инженернэй-техническэй факультетын хайа салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Университекка үөрэнэр сылларыгар историко-филологическай факультет иһинэн үлэлиир “Сэргэлээх уоттара” литературнай куруһуокка дьарыктаммыта. Салайааччы Егор Петрович Шестаков- Эрчимэн литература ньымаларын таһынан суруйааччылар олохторуттан олус интэриэһинэй түгэннэри кэпсиирэ, кырдьыгы баарынан суруйуу айымньы саамай сөлөгөйө буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ, биллиилээх суруйааччылары кытары көрсүһүүлэри тэрийэрэ.
1976 сыллаахха саҥа саҕалыыр ааптардар айымньыларын таһаарар “Чэчир” кассетаҕа Вячеслав Хон “Аттар” диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.
Вячеслав Хон: «Биэнсийэҕэ тахсыахпыттан оройуон бибилэтиэкэлэрэ, култуура тэрилтэлэрэ хоһоон суруйуутугар батсаап нөҥүө ыытар куонкурустарыгар кыттабын. Дьиэҕэ олорор киһиэхэ ол хата бэртээхэй сэргэхсийиини киллэрэр», -– диир күрэх бастакы үктэлин хаһаайына, АЛРОСА ААУо бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Вячеслав Хон.

ххх

Кэрэ кыыс таһаатын ылаҥҥын,
Алыптаах дьылҕаны талаҥҥын,
Эргиччи тапталы түмэҕин,
Тулаҕын долгута үөрдэҕин

Сэрэнэн эн куккун таарыйан,
Элэккэй иэйиигин арыйан,
Долгуран дорҕоонун хомуйан
Айылгы арыллар манньыйан

Лыҥкынас кылыгыр ырыаҕын
Үрүччэ сүүрүгэр талаҕын,
Абылыыр дьүрүскэн дорҕооҥҥун
Наардыыгын ил тыаллыын холбооҥҥун

Сайыҥҥы көй салгын күөнүгэр,
Чэлгийэр аларбыт түөһүгэр
Күөрэгэй буолаҥҥын дьырылыаҥ,
Кэҕэни кэҕитэ саҥардыаҥ.

Сааскылыы уһуктуу улуутун,
Ньургуһун чэчириир хонуутун,
Кэрэтик дьиэрэтэ хоһуйуоҥ,
Айылҕа тиллиитин уруйдуоҥ

Күһүҥҥү баай-талым өҥнөрү
Хоһуйуоҥ холкутук көннөрү,
Эн туойуоҥ арахсыы аһыытын,
Күөх чээлэй кэхтиигэ барыытын.

Кыһыҥҥы биир күдьүүс тунаарга
Иһийэ соҥуорбут аларга,
Эҥээркэй ырыаны талыаҕыҥ,
Киэҥ, холку дорҕоону аныаҕыҥ.

Хомуспут, алыптаах хомуспут
Сахалар киэн туттар сулуспут,
Абырал алыба иэҕиилээх,
Дьылҕаны арчылыыр иэйиилээх.
(Николай Пахомов)

Николай Иванович Пахомов — ХИФУ, инфраструктурнай технология кэллиэһин, Тутуу технологиятын кафедратын преподавателэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

ххх

Тохтор көмүс тойуга

Сайдам саха хомуһа
Сааскы кэми күөрэтэ,
Сарыал күммүт тахсыытын
Сайгылдьыта дьиэрэттэ.

Кэрэ кэммит кэлбиттии
Кэҕэ кыылым кэҕийдэ ,
Күөрэгэйдии дьурулуу
Күөрэлдьитэ көтүттэ.

Кыталыктыы кыҥкыныы
Кынталдьыта дайытта ,
Хоҥор хаастыы хоҥкунуу
Хонолдьута хоһуйда.

Алаас сыһыы дуолугар
Атыыр сылгы кистээтэ,
Дьоруолата сиэлийэ
Дьоролдьуйа табыйда.

Сайылыгым чараҥар
Саха кыыһа сайбайа ,
Сырдык таптал тойугун
Сыыйа тардан нуоҕатта.

Хатыҥ чараҥ суугунун
Ханыылата наскыта,
Көлүйэчээн долгунун
Күөрэлдьитэ күөгэттэ.

Ойор-тэбэр кэрэлээх
Оһуокайы оонньотто,
Этэр-тыынар дьиэрэҥнээх
Эһиэкэйи эҥситтэ .

Сахам нарын хомуһа
Сардаҥаны сырдата,
Айылҕабыт кэрэтин
Абылаҥын дьэргэттэ.

Тохтор көмүс тойуга
Таптал кыымын сыдьаайа,
Дьүрүһүйэ лыҥкыныы
Дьолу түстүү ыллаата .
(Татьяна Куличкина-Дедюкина)

Т.Куличкина-Дедюкина — педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Намнааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

ххх

Мин орто туруу дойду оҕото,
Киҥкиниир киэҥ куйаар сорҕото,
Нарыннык хомуспун таарыйдым,
Дьырылас тыаһынан саатаатым.

Кутуллар хоҥкунас дуораанныын
Өбүгэм тыыныныын силбэстим.
Ыраахтан ситиммин тардаммын,
Дорҕооннуун дьүөрэлии көтүстүм.

Дьөһөгөй оҕотун миинэммин,
Кынаттаах кэриэтэ дайыттым.
Түөрт түөрэм туйаҕар тирэнэн,
Тыал курдук айанын сэргээтим.

Хампа күөх Аар тайҕа суугунун,
Кистэлэҥ ырыатын иһиттим.
Кэрээбэт кэҕэтин сэһэнин,
Кэрии тыа кэрэтин сэҥээрдим.

Күөрэгэй дьурулуур тойугун,
Чуор чуораан тыаһыгар холоотум.
Күн диэки хайыһан тураммын,
Ийэ Сир кэрэтин алҕаатым.

Кырдалга кыталык кылбаҥнаан,
Кыҥкыныы ыллыырын таптаатым.
Ураннык хамсанар үҥкүүтүн,
Уйаҕас сүрэхпэр иҥэрдим.

Торҕо күөх сайыны уруйдаан,
Оһуохай үҥкүүгэ кыттыстым
Үрүҥ күн эргиирин батыһан,
Сиэттиһэн сэгэйэ үктэнним.

Аан дойду эгэлгэ дорҕоонун,
Үкчүтүк сүһүйэн ылбытын,
Кырачаан хомуска иҥэрбит
Удьуор уус төрүппэр махтанным!
( Любовь Ивановна Борисова-Таптал Чагда)

Любовь Ивановна Борисова Кэбээйи улууһун Чагда бөһүөлэжгэр олоророр. Оҕо уһуйаанын иитээччитинэн 35 сыл үлэлээн, биэнсийэҕэ олорор.

ххх

ХОМУС

Сайа охсор хомуһуннаах
Сылаас иэйии дорҕоонноох
Лыҥкыныыр кэрэ тыастаах
Дьоҕус кыракый хомуска.

Алыптаах нарын матыыбы
Дьыры-дьырылатан таһаараннар
Улаханныын, кыралыын
Үөрэ-көтө оонньууллар.

Араас ойуулаах,быһыылаах
Тапталынан оҥоһуллубут хомус,
Дьүрүһүйэр дьикти тойуга
Үчүгэйдик даҕаны иһиллэр.

Сахам сирин аар саарга ааттатар
Кып-кыракый хомуска,
Иһиллэр аар тайҕам суугуна
Абылыыр, чугдаарар күүһэ.

Дьүрүһүй, дьүрүһүй хомусчаан
Дьүрү — дьүрү дьүрүлэтэн,
Дьиэрэй — дьиэрэй хомусчаан
Дьоллоох олоҕу түстээн.
(Айза Дмитриева)

Айза Дмитриева Таатта Чөркөөҕүттэн төрүттээх. 2007 сыллаахха төрөөбүтэ, үс бииргэ төрөөбүттэн улаханнара. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуур, кыралаан хоһоон суруйарга холонор. Бу күһүҥҥэттэн Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар үөрэнэр, үөрэҕэр үчүгэй. Оҕо уһуйааныгар сылдьыаҕыттан ырыаҕа, фольклорга дьарыктаммыта. Оскуолаҕа киирэн баран гимнастиканан, аэробиканан утумнаахтык дьарыктанар, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ сэмэй ситиһиилэрдээх.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Индиана ФЕОФАНОВА, «Тыл сүмэтэ» салайааччыта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0