Хомус дьиэтин туруорсаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл номнуо 6-с сылын Хомус күнүн бэлиэтиибит. Бу сыллар устата туох уларыйыылар, сонун көстүү киирбитин, туох ситиһиллибит билээри, Хомус аан дойдутааҕы киинин дириэктэрэ Н.С.Шишигины кытта көрүстүбүт.

— Николай Спиридонович, Хомус күнэ номнуо хаһыс даҕаны сылын бэлиэтэнэр. Бу улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии хайдах баран иһэрий?
— Билигин Хомус күнэ өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, аан дойдуга барытыгар ыытыллар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ Италияттан, Америкаттан, Индияттан ыалдьыттар кэллилэр. Ол курдук, Индияттан аан дойду биллиилээх виртуоз-хомусчута Нептун Шапотен кэллэ. Кэнсиэргэ кыттыахтаах, маастар-кылаас ыытыахтаах, улуустарга тахса сылдьыахтаах. Кини ураты ньыманан хомус тардар. Итиэннэ циркэ артыыһын курдук унициклга олорсо сылдьан, уоту үрэ туран хомустуур. Маны барытын ахсынньы 1 күнүгэр циркэҕэ буолар тэрээһиҥҥэ көрдөрүөхтээх.
Аан дойду үрдүнэн 13 филиаллаахпыт. Онтон биир филиалбыт Сицилияҕа (Италия) баар. Ол салайааччыта Лука Рекуперо кэлиэхтээх. Кинилэр иккиэн бэйэлэрин дойдуларыгар хомуска аналлаах фестиваллары тэрийэллэр. Быйыл от ыйыгар Италияҕа буолбут фестивалга баран кэлбиппит. Далааһына киэҥин, дириҥ хорутуулааҕын көрөн сөхтүппүт.
Дьокуускайга Хомус күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр  саҕаланнылар. Ол курдук, аан дойду биллиилээх бастакы профессиональнай виртуоз-хомусчута П.П.Оготоев төрөөбүтэ 55 сылын көрсө олорбут дьиэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэ ыйаатыбыт, Хомус мусуойугар быыстапка арылынна. Бүгүн, саха уустара кыттыылаах мунньах тэрийэбит. Инники былааннарбытын кэпсэтиэхтээхпит. Эһиил Москваҕа дойду салалтата, 30-ча тас дойду учуонайдара, хомусчуттара, уустара кыттыылаах норуоттар икки ардыларынааҕы 9-c кэнгириэс-фестивалга бэлэмнэнэн үлэбитин торумнуохпут. Салгыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тахсан бииргэ үлэлэһиигэ 3 сыллаах дуогабарга илии баттаһыахпыт. Мэҥэ Хаҥалас аан дойду икки виртуоз-хомусчутун уонна аатырбыт Амынньыкы Уус дойдулара буолар.

Сэтинньи 30 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар 16 ч. дьаарбаҥка, уустары кытта көрсүһүү тэрийдибит. Киириитэ босхо. Сарсын циркэҕэ кэнсиэр тэрийэбит. Бу тэрээһиҥҥэ олох эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Италияттан уонна Индияттан аан дойду аатырбыт хомусчуттара, биһиги виртуоз-хомусчуттарбыт, аатырбыт ансаамбылларбыт кыттыахтара, циркэ нүөмэрдэрэ баар буолуохтара, киирии билиэтинэн хомустар оонньонуохтара.

Эдьиий Дора алҕаабыт улахан хомуһун фойеҕа туруоруохпут, дьон кэлэн күүс-күдэх ылыан сөп. Бу түмүктүүр, ураты тэрээһин. Араас дьикти түгэннэр баар буолуохтара. Кэлиҥ, көрүҥ, кыттыҥ диэн ыҥырабыт. Ити курдук сэтинньи 4 күнүгэр диэри араас тэрээһиннэр салҕаныахтара.

Японияҕа — 930 сыллааҕы сахалыы хомус

— Быйылгы Хомус күнэ ааспыт сыллартан туох уратылааҕый?
— Эппитим курдук, Хомус эһиил аан дойдутааҕы 9-с фестивала буолар. Манна бэлэмнэнии, туох үлэ барбытын түмүктээһин уонна бэйэ кыаҕын көрүнүү, саҥа ааттары көрдөрүү курдук толкуйдуубут. Биһиги элбэх хомусчуттарбыт, кэлэктииптэрбит тас дойдуларга ыытыллар куонкурустарга кыттан Гран-при, лауреат үрдүк аатын ылан кэлэллэр. Олортон саамай чаҕылхай нүөмэрдэрин көрдөрүөхпүт.
Эһиил Олоҥхо ыһыаҕа Бүлүүгэ ыытыллар. Бүлүү Хомус биһигэ буоларын бары билинэбит. Олоҥхо дойдутун дорҕоонун, кини айылҕатын хомус муусуката арыйар. Хомус — Олоҥхо дойдутун аанын арыйар күлүүс. Ол иһин саха хомуһун аан дойду барыта билинэр. Петр Оготоевы, тус бэйэм, олоҥхо дойдутун хомсчута диэн сыаналыыбын. Кини 1991 сыллаахха ыытыллыбыт кэнгириэскэ омук дьонун соһуталаан турар. Хаһан да истибэтэх дорҕооннорбутун таһаартаабыта. Аҕатын олоҥхотугар олох кыра эрдэҕиттэн иитиллибит уонна олоҥхо дойдутугар киирэр ньымалары баһылаабыт буолан, итинник сүҥкэни ситиспит буолуохтаах.
Билигин хомус эйгэтэ кэҥээтэ. Биирдиилээн нэһилиэктэр, уһуйааннар кытта хомус ансаамбыллаахтар, омук сирдэригэр баран араас улахан ааты-суолу ылаллар. Оскуола оҕолорун этэ да барыллыбат. Ол гынан баран, ситиһиини кытта итэҕэстэр эмиэ бааллар. Ол курдук, өбүгэ утумуттан туораан, умнан, аҥардастыы эстрада хайысхатын өрө тутарбыт сыыһа. Саха сахатынан кэрэ, хомуһу сахалыы тардарбытын, сахалыы ньымаларбытын умнуо суохтаахпыт.
Сыл саҥатыгар мусуойбут бастакы дириэктэрэ аан дойдуга биллэр учуонай К.Д.Уткин-Нүһүлгэн, аан дойду виртуоз-хомусчута Роберт Загретдинов, 1972 сыллаахха тас дойдуга бастакынан үрдүк сыанаттан саха хомуһун дьиэрэһиппит М.П.Расторгуева-Колесова соторутааҕыта Орто дойдуттан бардылар. Онон ситиһии да, итэҕэстэр даҕаны, ыар сүтүктэр даҕаны барыта бааллар. Ол гынан баран онтон санаабытын түһэрбэппит, кэхтэн барарбыт табыллыбат, хомус эйгэтэ кэҥии турар. Бу соторутааҕыта Егор Шишигин, Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, Ким Борисов Японияҕа быыстапка туруоран, кэнсиэр көрдөрөн кэллилэр. Ситиһиилэрэ улахан. Японияҕа X үйэтээҕи, быһа холоон 930 сыллаахха оҥоһуллубут тимир хомус көһүннэ. Рентгенинэн устубуттара баар, биллэн турар, дэлби дьэбиннирбит. Саҥалыы чөлүгэр түһэрэн көрбүттэрэ, үүт-үкчү саха хомуһун курдук буолан биэрдэ. Бу улахан сөҕүмэр булуу.
Маны сэргэ биир улахан ситиһиибит — уустарбыт кыайыылара. Нь.Н.Уваров-Хатан Уус Александр Даниловтыын болгуо тимиртэн саха хомуһун оҥордулар. Мин билэрбинэн, бу иннинэ ким даҕаны хомус тылын болгуо тимиртэн оҥоро илик.

OLYMPUS DIGITAL CAMERA

Ил хомус дьиэтэ

— Инникитин туох былааннааххытый?
— Хаһааҥҥа диэри кистиэхпитий, этэр кэм кэллэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар бэйэбит туспа, ураты, олох сахалыы тыыннаах Хомус дьиэтин туттарыахпытын баҕарабыт. Бырайыагын оҥорторо сылдьабыт, сирин-уотун көрдүүбүт. Омуктар: “Дьокуускай – хомус эйгэтин бэлиэ сирэ”, — диэн сыаналыыллар. Аан дойду түгэҕиттэн, олох ыраах сирдэртэн тиийэ ааттаан-суоллаан кэлэллэр. Биһиги көрдөрөрбүт эрэ — кыра дьиэбит 3 этээһэ. Ону таһынан Хомус скверэ, Хомус мусуойа тохтобул бааллар. Онон Саха сиригэр хомус дьикти дыбарыаһа тутуллара буоллар.

Людмила ПОПОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0