Саха сирин оройуоннарыгар хомунаалынай инфраструктураны уларытан оҥоруу уонна тэхиньиичэскэй өттүнэн тупсарыы чэрчитинэн федеральнай бүддьүөт уонна инвестор үбүнэн көмөлөрүн суотугар сылааһынан, уунан хааччыйар уонна ууну аһарар эбийиэктэри тутуу уонна саҥардыы былааннанар.
“СӨ ОДьКХ” ГУП салалтата федеральнай салайааччылары кытта Москваҕа көрсөн, бу боппуруоһу дьүүллэстилэр. ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев ОДьКХ-ны уларыта тутууга көмөлөһөр пуонда хомунаалынай инфраструктураны саҥардыыга департаменын дириэктэрэ Олег Радченконы кытта көрүстэ. Өрүттэр бастаан Аллайыаха оройуонун Чокуурдаах бөһүөлэгэр саҥа канализация-ыраастыыр тэрили (КОС) тутуу бырайыагын ырытыстылар.
Маны сэргэ Аммаҕа уонна Уус Алдаҥҥа кииннэммит биэс ититэр тиһиги тутууну дьүүлэстилэр. “СӨ ОДьКХ” ГУП салайааччыта Булуҥ оройуонун Тиксии бөһүөлэгэр уонна Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр быһа холуйан 300 мөлүйүөн солкуоуай суумалаах КОС тутуутун бырайыактааһын туһунан иһитиннэрдэ.
1995 сыллаахха Чокуурдаахха тутуллубут канализация-ыраастыыр тэрил (КОС) быстар мөлтөх туруктаммытынан саҥаны тутуу тирээбит. Билигин “Чокуурдаах бөһүөлэк” тэриллиитэ бу КОС тутуутугар бырайыагы уонна симиэтэни бэлэмниир. Бу ситим сууккаҕа 800 кубу хачайдыыр уонна 250 мөлүйүөн солкуобай суумалаах.
“Балары олоххо киллэриигэ ОДьКХ-ны уларыта тутар пуонда нөҥүө бу бырайыагы судаарыстыбаннай экспертизаны кытта сөбүлэһиннэрии ирдэнэр. Тутууга өрөспүүбүлүкэ үбүттэн 20 %, тэрилтэ бэйэтин үбүттэн эбэтэр инвестор үбүттэн — 20 %. кыттыгас үбүлэниэхтээх.
“СӨ ОДьКХ” ГУП “Экология” нацбырайыак чэрчитинэн “Ыраас уу” эрэгиийэн бырагырааматыгар кыттар туһуттан 269 мөлүйүөн солкуобай суумалаах “СӨ Өлүөхүмэ оройуонун Өлүөхүмэ к. уунан хааччыйыы тиһигин саҥардыы” бырайыагы оҥордо.
“СӨ ОДьКХ” ГУП пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
Женни Стрюкова.
Хаартыска: саайтан