Хомунаалынай иэһин хамнас каартатыттан уһулуохтарын сөп

Ааптар: 
06.01.2017
Бөлөххө киир:

Саҥа сылбыт бииртэн биир сонуну аҕала турар. Россияҕа иэһэ суох киһи диэн суоҕун кэриэтэ. Кирэдьиит, ипэтиэкэ, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрдэр… Киһи ааҕан сиппэт даҕаны. Соторутааҕыта Үрдүкү Суут бирикээс бэрээдэгинэн хомунаалынай өҥө иһин иэһи хамнас каартатыттан эбэтэр баан атын счетуттан уһулар туһунан быһаарыыны биэрбитин туһунан эттилэр.

Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Ол эбэтэр Үрдүкү Суут хомунаалынай уонна төлөпүөн иэһин тутар туһунан таһаарбыт уураҕар олоҕуран, тыһыынчанан киһи каартатыттан харчы уһулар кыахтаннылар. Бирикээс бэрээдэгинэн диэни хайдах өйдүөххэ сөбүй? Киһи иэстээх буоллаҕына, ону уһуннук быһаарса хайыы барыахтара суоҕа. Ол курдук, нолуок инспекцията, хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэтэ эбэтэр суотабай хампаанньа суукка докумуон түһэриэхтэрэ уонна суут бирикээһэ тахсыаҕа. Маны быһаарыыга аҕыйах хонук барыаҕа. Онтон салгыы дьыалаҕа суут бириистэптэрэ кыттыһыахтара. Быраабыла быһыытынан иэстээх киһиэхэ ол туһунан иһитиннэриэхтээхтэр. Ити эрээри, сороҕор киһи кини счетуттан эбэтэр каартатыттан харчы уһулбуттарын туһунан билбэккэ хаалыан эмиэ сөп. Дьиҥ олоххо-дьаһахха киһи көһүппэтэх түгэнэ элбэх буолаччы. Онон төһө төлүүр иэстээххин бэйэҥ билэ, хонтуруоллуу сылдьыахтааххын. Ол иһин дьон хамнас, биэнсийэ кэллэ даҕаны хомунаалынай төлөбүрдэрин, төлөпүөннэрин, нолуоктарын төлүүргэ тиэтэйэллэр. Итинник эрэ дьаһаннахпытына табыллыыһы.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0