Хомуллар быһыты айбыт кырдьаҕас

10.10.2018
Бөлөххө киир:

“Бүлүү өрүһү ыраастыырга мин этиилээхпин”, — диэн эрэдээксийэҕэ биир кырдьаҕас эрийдэ. Онон дьиэтигэр тиийэ сырыттыбыт.


 

Павлов Сидор Петрович 83 саастаах да буоллар, бэрт сэргэх кырдьаҕас. Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа. Кини урут Чурапчыга суоппардаабыт, токарь, слесарь, механизатор-рационализатор быһыытынан үлэлээбит. Үлэҕэ-хамнаска туһалаах тэриллэри айан таһаарар идэлээх эбит. Холобур, күрүө тутар тэрили айбыт. Бу тэрил дьааматын хаһар, үүттүүр буровойдаах, сиэрдийэтин хайытар, уопсайынан, илии үлэтин чэпчэтэр аналлаах. Сидор Петрович уопсайа 30-ча тэрили айбыт, онтон олоххо киирэн туһаныллыбыта аҕыйах.

Биир улахан үлэтэ —  өрүһү быһар, тимиртэн чэпчэкитик хомуллар быһыт. 1989 с. Чурапчыга үлэлии сылдьан, сут-кураан буолан, от аанньа үүммэтиттэн сылтаан, айбыт. 1994 сыллаахха патент ылбыт. Бу үлэтин “Сельхозтехника” тэрилтэ докумуонун оҥорорго, салгыы “Заречье” экономическай зона салалтата үбүлээннэр, 1995 с. Москватааҕы судаарыстыбаннай тутуу университета гидрологическай, гидравлическай ааҕыылары суоттаан, научнай-чинчийэр үлэни оҥорбут. Ол саҕана ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ буолан, үп-харчы булбакка, бырайыак оҥоһуллубатах.

Москватааҕы судаарыстыбаннай тутуу университета оҥорбут научнай үлэтэ.

Бырайыак ис хоһооно

Хас даҕаны сүүнэ тимир иһиттэри оҥорон баран, ону уунан толордоххо, өрүс анныгар тимирэр. Кинилэр бэйэ-бэйэлэриттэн тутуһан, хаттыгастанан, быһыт курдук буолаллар, өрүс сүүрүгүн бытаардаллар. Оччоҕо уу таһыма үрдээн, мунньуллан, хочоҕо, хонууга халыйан киирэн, ньүөлсүтэр. Үчүгэйэ диэн, бу быһыттар түргэнник хомуллаллар, онон хаһан баҕарар аһыахха-сабыахха, күһүн ылан кэбиһиэххэ сөп.

Быһыт былаана.

— Быһыты оту үүннэриигэ туһаныахха сөп. Иккиһинэн, өрүс уута уолан хаалар диэн, суудуналар сайын ортотуттан сылдьыбат буолан хаалаллар. Бу быһытынан уу таһымын үрдэттэххэ, маннык кыһалҕа суох буолуо этэ. Өрүс түгэҕин хаһаннар, таах харчыларын барыыллар. Үсүһүнэн, өрүс киртийбит буоллаҕына, эмиэ уу таһымын үрдэтэн баран, эмискэ ыыттахха, кирин-хоҕун барытын тоҕо күрдьэн илдьэ барыа этэ. Харчытын “АЛРОСА”-тан төлөттөрүөххэ. Бу быһыты туһата суох диэбиттэрэ буоллар, патент биэриэ суох этилэр. Дьоҥҥо туһалыырыгар баҕарабын, — диэн этэр Сидор Петрович.

Дьэ, итинник кэпсээннээх буолла кырдьаҕас рационализатор. Мин санаабар, өрүһү ыраастыыр диэн этиитэ ситэтэ суох. Манна айылҕа харыстабылын сокуоннара тугу этэллэрэ буолла?

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru       

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0