Соторутааҕыта “Хомус (варган): историко-культурные традиции и музыкально-терапевтические практики” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Кэмпириэнсийэ хабар хайысхата киэҥ. Олортон биирдэстэрэ – хомуһу эмтэниигэ туһаныы уопута.
edersaas.ru
Духуобунас киинэ
Хомус ураты кэрэ тыаһын таһынан эмтиир кыахтааҕын туһунан уруккуттан этиллэр. Ол эрээри, чопчу бу киһи хомуһунан эмтэммит диэн иһиллибэт эрээри, хомус көмөтүнэн күүс ылынан олохторо тосту уларыйбыт дьон бааллар эбит. Бу кэмпириэнсийэҕэ дакылаат аахпыт К.И.Максимова-Сайыына аатынан духуобунас киинин методиһа Марина Ушницкая иһитиннэрбитинэн, Клавдия Ильинична бырагырааматын бэйэтэ толкуйдаабыт үһү. Ол курдук, 1989 сылтан “Бэйэни бэйэ салайыныы”, “Бэйэни бэйэ чэбдигирдии”, “Бэйэни бэйэ сайыннарыы” диэн үлэтин саҕалаабыт. Айылҕаттан бэриллибит талааннаах эмчит бүтүн үлэ систиэмэтин оҥорон дьон ис кыаҕын арыйарыгар көмөлөспүтэ дииллэр. Инньэ гынан, 1997 сылтан саҕалаан 90 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ көмөлөспүт. Итинтэн 90,8 %-на арыгыттан букатын аккаастаммыт, 98 % табаҕын бырахпыт, 100 % айар дьоҕурдара арыллыбыт. Онтон күн бүгүн бу Духуобунас киинигэр биллэр-көстөр уопсастыбаннай диэйэтэллэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганын бэрэстэбиитэллэрэ, биирдиилээн талааннаах, ситиһиилээх дьон сылдьаллар үһү.
2000 сылтан хомуһунан эмтээһин хайысхатын киллэрбит. Клавдия Ильинична хомуһу үс бөлөххө араарар эбит: “ырыа хомус”, “кут хомус”, “дүҥүр хомус”. 2014 сылтан тустаах киин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа неврологияҕа салаатыгар хаан эргииригэр улахан кэһиллиилээх ыарыһахтарга хомуһунан эмтэнии сеансын ыыппыттар. Ыарыһахтары нэдиэлэҕэ иккитэ 15-20 мүнүүтэ эмтииллэр үһү.
Инсульт уонна хомус
Инсультан Арассыыйаҕа сыллата 50 тыһыынчаҕа чугаһыыр киһи ыалдьар диэн ыйаллар. Инсультаан баран элбэх киһи инбэлииккэ тахсар эбит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа 2-с нүөмэрдээх экстреннэй медицинскэй киинин психолога Айгылана Кугасова иһитиннэрбитинэн, хомуһунан эмтээһини психотерапевтическэй ньыма быһыытынан киллэрэн, эрдэтээҥҥи чөлүгэр түһэрии кэмигэр туһаналлар эбит.
Чинчийиини К.И.Максимова-Сайыына аатынан духуобунас киинигэр кыттыһан ыыппыттар. Бөлөххө хаан эргииригэр улахан кэһиллиилээх 140 ыарыһах хабыллыбыт. Сүрүн эмтэниини таһынан нэдиэлэҕэ иккитэ 15-тии мүнүүтэ хомуһунан эмтээһини туһаммыттар. Ыарыһахтар орто саастара — 60-65. Саамай эдэрдэрэ 26, саастаахтара 81 саастаахтар. Үгүстэрэ хамсаныыларынан хааччахтаах, саҥалара, өйгө тутар, толкуйдуур дьоҕурдара кэһиллиилээх эбит. Эмтэммиттэрин кэннэ сыҕарыйыы баара бэлиэтэммит. Онон туһалаах диэн түмүккэ кэлбиттэр.
Итини таһынан Т.П.Дмитриева аатынан оҕо сэллигин өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторийыгар уһуннук сытан эмтэнэр оҕолорго тыынар уорган ыарыыларыттан сэрэтиигэ туһаналларын кэпсээтилэр итиэннэ үтүө түмүктэрдээҕин бэлиэтээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, куруук хомустуур оҕолор күөмэйдэрэ ыалдьыбат диэн төрөппүттэр үгүстүк этэллэрин истибиттээхпин.
Онтон научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ ыҥырыллыбыт филология наукатын дуоктара, Китами куорат (Япония) технологическай институтун бэрэпиэссэрэ Симомура Исао күөмэйдэригэр эппэрээссийэлээх дьон хомус көмөтүнэн ыллыахтарын сөп диэн ис хоһоонноох дакылааты оҥордо.
Инньэ гынан, хомус бэрт кыратын иһин, көмөлөһөр күүһэ сүҥкэн. Кини кыаҕын кэлин дьэ туһанан эрэбит.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.