Хомусчут ыччат шоу-бырайыакка ыҥырар

07.11.2016
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга хомуска улахан болҕомто ууруллар буолла. Артыыстарбыт араас омук дойдуларыгар фестивалларга, күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэллэрин куруук истэбит. Оннооҕор хомус тыаһынан дьону эмтииллэр үһү диэн сурах баар.

img_5865

Георгий Слепцов – Чаҕылҕан:

  • Мин биэс сааспар бастакыбын хомуһу тардыбытым. Онтон уон саастаахпыттан хомуска үөрэнэн саҕалаабытым. 2005 сылтан тохтоло суох күн аайы хомустуубун, ол тухары бэйэбэр саҥаттан саҥаны билэбин, арыйабын. Билигин Кыыл Уола аатынан национальнай үҥкүү театрыгар артыыһынан үлэлиибин. Театрга үлэлиирим таһынан оҕолору хомустуурга үөрэтэбин, араас тэрээһиннэргэ кыттабын, гостуруолларга айанныыбын. Онон хомус – мин үлэм, олоҕум суолтата. Иллэҥ кэм көһүннэ даҕаны устуудьуйаҕа олорон, хомуска сөп түбэһэр матыыптары айабын. «Дохсун» диэн эдэр хомусчуттар этно-бөлөхтөөхпүт. Үс сылтан бэттэх тимир ууһа Александр Рудых уһаарбыт хомуһунан оонньуубун. Кини оҥорбут хомуһа мин куоласпар, тыынарбар сөп түбэһэр. Бу тутан турар хомуспар «Чаҕылхан» диэн суруктаах. Уопсайынан, хомус талар олус ыарахан. Сыыһа татллылыбыт хомус бүтүн үлэни, дьарыгы алдьатыан сөп. Үчүгэй хомуһу маҕаһыыҥҥа өр сытыарбаттар, тута атыылаһаллар. Онон мин бэйэбэр сакаастаан оҥотторорбун. Сакаастаатахха ыйы-ыйынан уочарат буолар. Хомус тардар улахан ыарахана суох, баҕарар киһи үөрэнэн, сатыыр буолар. Хомус кистэлэҥнэрэ өссө да арылла иликтэр. Кыыл-сүөл саҥатыттын ураты өссө араас тыаһы үтүктэрбит буолуо дии саныыбын.

Оттон аҕыйах хонуктааҕыта Инстаграм социальнай ситимҥэ омуктуу ырыаны саха хомуһунан доҕуһуоллатан килиип устубут кыыс видеота тарҕаммыта. Хасыһан билбиппит, бу Сахабыт сирин биир инники күөҥҥэ сылдьар хомусчута Василена Шарина эбит. Василеналыын хомус, култуура туһунан сэһэргэстибит.

04aeujp6bee

Василена Шарина, хомусчут:

  •  Мин санаабар, киһи эдэр эрдэҕинэ барытын боруобалаан көрүөхтээх. Ол иһин хомустуубун, ыллыыбын, үҥкүүлүүбүн, туойабын, араас куонкурустарга кыттабын. Баҕалаах киһи баҕанаҕа ыттар. Билигин бачча сайдыы үйэтигэр, таҥас-сап дэлэйигэр, тиэхиньикэ арааһыгар  киһи бэйэтин талаанын арыйарыгар, харчы оҥороругар кыах олус элбэх. Холобур, рок муусуканы кытта чабырҕах этиэххэ сөп эбэтэр Америкаҕа тарҕаммыт хип-хоп үҥкүүнү толоро-толоро хомустуохха сөп. Тоҕо табыллыа суоҕай? Маныаха тус-туспа эйгэлэри холбоон, саҥаны арыйыахха сөп. Бу икки омук култуураларын булкуйуу, хайатын эрэ симэлитии буолбатах. Дьүөрэлээн, табан тарҕаттахха, саха култуурата үрдүк чыпчаалга тахсыан сөп. Хомуска, чабырҕахха билиҥҥи ыччат интэриэһин көтөҕөргө сонун суол. Бу соторутааҕыта Иркутскай куоракка урууга ыҥырыллыбытым. Онно мээнэ ыллыы-ыллыы турбаккабын, үҥкүүлээбитим, хомустаабытым, аны быыһыгар ыспагаакка да олорбутум. Ким баҕарар көннөрү ыллыан, үҥкүүлүөн, хомустуон сөп. Ол эрээри, маны барытын холбоотоххо, олох ураты, саҥа истиил буолар. Аныгы киһиэхэ, нууччалыы эттэххэ, «зрелище, шоу» наада. Нууччалар олус соһуйбуттара. Саха сиригэр көннөрү хомустааһыҥҥа саҥаны киллэриэххэ, оччоҕо култуурабыт өссө тахсыа, хомуспутугар интэриэс улаатыа этэ дии саныыбын.

image-07-11-16-06-30

Эдэр хомусчуттар Георгий, Василена уонна доҕордоро Артур Семенов буоланнар «Звездный хомус» диэн шоу-бырайыагы иккиһин тэрийэн эрэллэр. Сэтинньи 9 күнүгэр Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыахтара. Маныаха хомусчуттар хас эмит сылы быһа баһылаабыт хомустарын технологиятын аныгылыы битбокс, хип-хоп култууралары кытта холбоон оонньуохтара. Хомуһу өрө тҥппҥт саха сайдам ыччатыгар ситиһиилэри баҕарабыт!

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0