Хомсомуол болуоссатыгар “Ас-үөл 2022” дьаарбаҥка (фоторепортаж)
Бүгүн Хомсомуол болуоссатыгар үгэскэ кубулуйбут күһүҥҥү “Ас-үөл — 2022” дьаарбаҥка үлэтин саҕалаата. Арааас улуустартан ас оҥорооччулар эт, балык, үүт, оҕуруот аһын, мүөт, отон, кэнсиэрбэлэммит, тууһаммыт, хатарыллыбыт ас арааһын аҕалан хамаҕатык атыылаан эрэллэр. Балаҕан ыйын 24-25 күннэригэр атыы-эргиэн күөстүү оргуйуоҕа.
Дьаарбаҥкаҕа саамай ыраах сиртэн кэлбит кыттааччылар Томпо улууһун Тополинайыттан сылдьаллар. Табаардара сүрүннээн таба тыһа, таба тыһыттан оҥоһуктар. Эр киһи этэрбэһэ 40 тыһ.солк., оҕо унтуута – 12 тыһ.солк.
“Атыылас, бэйэбит табабыт тыһа, куорат сыанатыттан лаппа чэпчэки!” — диир атыыһыт дьахтар. Кырдьык, тутан-хабан көрдөххө, уһулуччу хаачыстыбалаах. Мин эбээн национальнай таҥаһын, чараас түнэ сэлиэччиги бэлиэтии көрөбүн. 5 тыһыынчаҕа атыыланар эбит. “Нууччалыы замша, эбээннии тэргэс дэнэр бу тирии. Сайын сөрүүн, олус бөҕө матырыйаал” — диэн буолла.
Эт сыаната бэрт ыарахан – миэстэтиттэн көрөн убаһа этэ 800-1500 солк., ынах этэ 750-900 солк. Барыта сип-сибиэһэй, этэргэ дылы, бэҕэһээ мэччийэ сылдьыбыт сыспай сиэллээхпит, хороҕор муостаахпыт.
Мүөтү оҥоруу салаата Саха сиригэр сайдан иһэрэ өтө ҕөстөр. Мэҥэ Хаҥалас Майатын уола, Дархан Жирков бэйэтин аатынан бренд оҥорбут “Дархан мүөтү” атыылыыр. Сааһа 16-та. Үс сылтан бэттэх ыҥырыаны тутар буолбут.
“Быйыл 6 уйа (улей) үлэлэттим, 40 киилэ кэриҥэ мүөтү ыллым. Үлэлээх эрээри, туһаны аҕалар” — диир, эдэр урбаанньыт. Мүөтү кытта мүөттэн оҥоһуллубут кэмпиэттэри, туһалаах үүнээйилэри атыыга эмиэ аҕалбыт.
Оҕуруот аһа элбэх, сыаната былырыыҥҥыга холоотоххо арыый удамыр курдук эрээри, “сыана өссө түһэрэ буолаарай” диэн эрэх-турах санаа баар. Хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ ортотунан киилэтэ 80 солкуобай. “Икки куул хортуоппуйу атыылас, оччоҕо киилэтин 70-нууга биэриэм, уонна дьиэҕэр тиэйэн тиксэриэм”, — диэн аҕытаасыйалыыр кытыы турар атыыһыт.
Хаппыыста биирдиилэн киилэтэ 50 солк., куулунан 40 солк. эбит. Минньигэс биэрэс сыанатын туоһулаһабын. “Дагестантан бу күннэргэ тиэллэн кэлбитэ, киилэтэ 150 солк.” — дииллэр. Аттыгар арыый кубархай өҥнөөх биэрэһи ыйтан көрөбүн.
—250 солк., киилэтэ.
— Тоҕо ыараабытай?, — соһуйабын. —
— Олохтоох оҥоһуу, бу эргин үүммүт ас, — хап-сабар хардарар атыыһыт.
Элбэх СХПК-лар полуфабрикат бородууксуйаны оҥорор буолбуттар. Бэрт тупсаҕай суулаах, миньигэс амтаннах аска ымсыырабын. “Сыа Бүлүү” хампаанньа нэһилиэнньэттэн эт-үүт тутан сыыр, кефир, тушенка оҥорор эбит.
“Сымнаҕас эдэр сыырбытын амтаһый, олус минньигэс! Эбэтэр тушенката ыл, туох да уута, иҥиирэ суох, ньыгыл эт!”, — диэн атыылаһааччылары угуйаллар.
Бэлэх уунарга анаммыт ас набордара атыыланаллар эбит. 1500-1200 солкуобайга. Бэлэхтииргэ олус сөптөөх, хомуур бородууксуйа эбит. Ону кытта бүгүн сибиэһэй собо аҕалбыттар. Бэҕэһээ Ньөөкүйэ эбэттэн илимнэммит соболор бу лэһигирэһэн сыталлар.
ИП «Решетникова Анна Андреевна» оҕуруот аһын хатаран бэлэм мииҥҥэ, соркуойга кутутар набордары оҥорбут. 100 грамм кэриҥэ ыйааһыннаах сууга 4 күөс борщка тиийэр хаппыт оҕуруот аһа батар эбит.
“Айыы кыһата” оскуола оҕолоро сайыҥҥы лааҕырга хомуйбут, бултаабыт астарын быыстапкалыы тураллар. Уолаттар ааспыт ый Өймөкөөҥҥө тиийэн Индигир өрүстэн бултаабыт дьарҕаа балыктарын астаан аҕалбыттарын киэн тутта көрдөрдүлэр.
Хатас дьоно оҕуруоту баһылаабыттарын аатырыахтарын аатыраллар. Бу дьаарбаҥкаҕа сүүнэ улахан, 28 киилэ ыйааһыннах бу сыллааҕы тыкваны аҕалбыттар.
Бүгүн-сарсын элбэх ас-үөл атыыга тахсыыһык, куорат дьоно дойду аһын атыылаһыҥ, бэйэҕитин, дьиэлээхтэргитин амтаннаах аһынан үөрдүҥ!
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат