2005 сыл сэтинньи 1-гар Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин генеральнай ассамблеята, Израиль, Канада, Австралия, Канада, Арассыыйа, АХШ, о.д.а. судаарыстыбалар туруорсууларынан, тохсунньу 27-тин Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир аан дойдутааҕы күнүнэн биллэрбитэ.
Холокост диэн тыл былыргы Грецияҕа имири эһии диэн өйдөбүллээҕэ. Кэлин Холокоһунан 1933 – 1945 сылларга фашистскай Германияҕа, кини союзниктарын сиригэр-уотугар, сэриилээн ылбыт сирдэригэр Европа дьэбириэйдэрин сойуолаһыыны, маассабайдык өлөртөөһүнү ааттыыр буолбуттара. Ону тэҥэ, Гитлер Германията барҕаран турбут кэмигэр фашистар туора омуктары, социальнай бөлөхтөрү (билиэҥҥэ түбэспит сэбиэскэй саллааттары, поляктары, дьэбириэйдэри, цыганнары, масоннары, инбэлииттэри, өрүттүбэт буолбут ыарыһахтары, гомосексуаллары, о.д.а.) сойуолаһыыны, маассабайдык өлөртөөһүннэрин этэллэр.
Дьону кыргыы лааҕырдара
Аан дойду иккис сэриитин сылларыгар дьэбириэйдэри анаан-минээн сойуолаһыы түмүгэр, Европаҕа бу омук 60 бырыһыана, цыганнар үс гыммыт биирдэрэ, поляктар уон бырыһыаннарын кэриҥэ суох оҥоһуллубута, үс мөлүйүөн кэриҥэ билиэҥҥэ түбэспит сэбиэскэй саллаат өлөрүллүбүтэ. Ити кэмҥэ “өлүү лааҕырдарыгар” дьону маассабайдык кыргыы ньымалара айыллыбыттара, сиэртибэлэргэ фашистар араас эксперименнэри туруораллара.
Сэрии кэннинээҕи сылларга ньиэмэстэр дьэбириэйдэри, нэһилиэнньэ араас араҥатын босхо үлэлэтэргэ итиэннэ салгыы кыргыыга анаан 7 000 лааҕыры уонна геттоны тэрийбиттэрэ диэн буолара. 2000-с сыллааҕы ааҕыынан, бу сыыппара 20 000 тиийбитэ. Кэнникинэн Европаҕа «42 500 маннык тэрилтэ баара» диэн суруйар буоллулар.
Дьэбириэйдэр
Нюрнберг трибунала Европаҕа 6 мөлүйүөн дьэбириэй өлөрүллүбүтэ диэн быһаарбыта. Ол эрээри, сиэртибэлэр биирдиилээн ааттарынан испииһэктэрэ суоҕунан, бу сыыппара толорута суоҕунан ааҕыллар. Сэрии тиһэх күннэригэр фашистар маннык лааҕырдары имниин эспиттэрин, өлөртөөбүт дьоннорун кырамталарын, бэл көммүт сирдэрин суох оҥортообуттарын туоһулар бигэргэтиилэрэ баар. Иерусалимҥа баар “Яд ва-Шем” мемориалга 4 мөлүйүөн курдук сиэртибэ ааттара-суоллара ыйыллар.
Араас чинчийиилэргэ олоҕуран, дьэбириэй омук сүтүгэ 4,2 мөлүйүөнтэн (Г. Рейтлингер) 5,6 – 5,85 мөлүйүөҥҥэ (И. Бауэр) диэри халбаҥныыр.
Поляктар
АХШ-гар баарХолокост мусуойун дааннайынан, 1939 – 1945 сс. Германияҕа 1,5 мөлүйүөн поляк күүс өттүнэн көһөрүллүбүт. Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр барыта 1,9 —2,4 мөлүйүөн поляк өлбүтэ диэн суруйаллар.
ССРС олохтоохторо
“Геноцид энциклопедиятыгар” ыйылларынан, славяннары кыргыы түмүгэр, билиэҥҥэ түбэһэн өлбүт сэбиэскэй байыаннайдары ааҕан туран, 15,5 – 19,5 мөлүйүөн киһи суох оҥоһуллубут. Сэбиэскэй кэмнээҕи Освенцим туһунан брошюраларга лааҕыр хаайыылаахтарын ортотугар сахалар бааллара диэн ыйыллара.
Африкаттан төрүттээх Германия олохтоохторо
Африкаттан төрүттээх Германия гражданнара күүс өттүнэн стерилизацияланан, төрүүллэрэ-ууһууллара бохсуллубута. Манныкка түбэспит дьон ахсаана 400-тэн 3 000 диэри халбаҥныыр диэн буолар.
Холокост төрүөтэ
Манна учуонайдар санаалара эмиэ араастаһар эбит. Учуонай Даниэль Голдхаген маныаха сүрүн төрүөтүнэн ньиэмэс омук антисемитизмҥэ маассабайдык ылларыыта буоларын ыйар. Холокоһу үөрэтиинэн дьарыктанар Иегуда Бауэр нацистар бэлиитикэлэрин үгүстэр дьэбириэйдэр малларын-салларын бэйэлэригэр иҥэринээри өйөөбүттэрэ диэн суруйар. Оттон ньиэмэс психолога Эрих Фромм маны киһи аймах бэйэтэ ханыыта ууһу өлөрөр-өһөрөр адьынаттааҕынан быһаарар.
Холокоһу мэлдьэһии
Холокост, историяҕа сурулларын, кэпсэнэрин курдук, суоҕа, бу дьэбириэйдэр туһаларыгар баар чахчылары кистээһин, докумуоннары маассабайдык албыннаан оҥоруу диэччилэр эмиэ бааллар.
Онуоха кинилэр АХШ, Европаҕа, Римҥэ уонна Ватикаҥҥа дьэбириэйдэри кыргыыны туоһулуур туох да докумуоннар суохтарыгар олоҕураллар.
Холокоһу мэлдьэһээччилэр аан дойду иккис сэриитин кэмигэр утарыта турсааччылар билиэннэйдэри тутар лааҕырдары тэрийбиттэрэ, онно араас омук дьоно хааллыбыттара, билиҥҥи Германия, Польша сиригэр-уотугар баар лааҕырдарга тиип эпидемията турбутугар, ньиэмэстэр, ыарыыны тарҕатааччы үөнү-көйүүрү суох оҥорор инниттэн, хаайыылаахтар таҥастарын, тутуллар сирдэрин «Циклон-Б» гааһынан, араас эминэн дезинфекциялыыллара, өлүктэри, эмиэ ыарыы тарҕамматын диэн, таҥастары байдары уматарга күһэллэллэрэ диэн этэллэр эбит. Дьэ тоҕо дьэбириэйдэри бастаан өлөртөөн баран уматтылар, гааһынан тумнартаабыт буоллахтарына, тоҕо онтон туһанааччылар бэйэлэрэ сүһүрбэтилэр уонна сэрии үгэннээн бара турар, бары-барыта тиийиммэт-түгэммэт кэмигэр, 6 мөлүйүөн киһини гааһынан тумнаран өлөрүү, онтон өлүктэрин уматыы курдук элбэх күүһү-үбү эрэйэр тэрээһин хайдах кыалынна диэн ыйыталлар эбит. Ол курдук, профессор Фориссон “Монд” хаһыатынан гаас камераларын илэ көрбүт дьону киниэхэ суруйалларыгар көрдөспүт да, биир да киһи киниэхэ хардарбатаҕын этэр. Аны туран, сэрии кэмигэр оккупацияҕа түбэспит Европа дойдуларыгар барыта 3 мөлүйүөн 120 тыһыынча дьэбириэй олороро, оччотугар хантан 6 мөлүйүөн сиэртибэ туһунан сыыппара кэллэ диэн ыйытыы туруораллар эбит.
Холокоһунан сибээстээн ылыллыбыт сокуоннарынан, Европа кэккэ дойдулара (Швейцария, Австрия, Германия, о.д.а.) өлбүттээх дьэбириэйдэр дьиэ кэргэттэригэр контрибуция төлүүллэр. Холобура, Германия билиҥҥитэ сүүс миллиард марканы биэрэн олорор. Салгыы 2030 сылга диэри төлүүр дуогабардаах.
Холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрэ сэмэлиир
2005 сыллаахха ХНТ генеральнай ассамблеята Холокоһу мэлдьэһиини ылымматын туһунан уураах таһаарбыта. 2007 сыллаахха, Холокост сиэртибэлэрин кэриэстээһин аан дойдутааҕы күнүн иннинэ, Холокоһу, история чахчытын быһыытынан мэлдьэһиини сэмэлиирин туһунан уураах ылыммыта.
Кэккэ судаарыстыбаларга Холокоһу мэлдьэһии сокуону утары дьайыынан буолар.