Холобурга сылдьар горнайдар түмсүүлэрэ

Ааптар: 
17.09.2022
Бөлөххө киир:

Улуустар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар биир төһүү күүһүнэн Дьокуускай куоракка олорор  биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ буолаллар.

 Горнай улууһун түмсүүтэ (землячествота) — өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар, холобурга сылдьар бастыҥ үлэлээх уопсастыбаннай тэрилтэ. Бу уопсастыбаннай тэрилтэ кыттыбатах тэрээһинэ диэн суох. Биир дойдулаахтар түмсүүлэрин сэттис сылын салайар Надежда Федорова – “Саха сирэ” хаһыат ыалдьыта.

Дойдуну кытта ситим

 — Надежда Петровна, Горнай улууһун землячествота өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр үлэлээх уопсастыбаннай тэрилтэ. Хаһан хайдах горнайдары түмэр уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэй?

— “Горнай” уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбит киһинэн биһиги тумус туттар киһибит Петр Васильев буолар. Петр Иннокентьевич 1996 сыллаахха улуус баһылыгынан үлэлии олорон, Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарын түмпүтэ. Ол саҕана Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин, СӨ норуодунай бэйиэтин Савва Тарасовы кытта сүбэлэһэн баран, Горнай улууһун землячествотын тэрийбиттэрэ. Онон бу кэмтэн ыла куоракка олорор биир дойдулаахтарбытын түмэр  уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллэн, төрөөбүт дойдубутун кытта ситиммитин быспакка үлэлиибит.

2015 сыллаахха ахсынньы 25 күнүгэр Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев “куоракка олорор биир дойдулаахтаргын түмэн үлэлэт” диэн, түмсүү салайааччытынан буоларбар этии киллэрбитэ. Онон биир дойдулаахтарым итэҕэллэрин ылан, саҥардыллыбыт састаабынан үлэни салҕаабыппыт. Быйыл сэттис сылбытын бэйэ-бэйэбитигэр  хардарыта көмөлөсүһэн, бары бииргэ төрөөбүт улууспут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар үлэлии сылдьабыт.

“Социальнай пааспар” 400-чэкэ киһини түмэр

— Түмсүүгүтүгэр төһө элбэх киһи баарый?

— «Горнай» түмсүү уопсастыбаннай тэрилтэтин бырабылыанньата 25 киһиттэн турар. Ыытыллар үлэ хайысхатынан эппиэттээх дьону талбыппыт. Ол инниттэн куоракка олорор дьону испииһэктээн, “Социальнай пааспар” диэн докумуону оҥорбуппут.   Онно улууспут 9 нэһилиэгиттэн төрүттээх куоракка олорор дьонтон бырабылыанньа састаабыгар киллэрбиппит. Кинилэр көмөлөрүнэн бары улахан үлэ оҥоһуллар. Билиҥҥи туругунан түмсүүбүт тула 400-чэкэ киһи баар. Кинилэр ортолоругар биир сэрии кыттыылааҕын огдообото, 18 тыыл бэтэрээнэ, 38 сэрии сылын оҕолоро киирэллэр. Кэлин биһиги түмсүүбүтүгэр Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт эрэ буолбакка, Уус-Алданҥа, Аммаҕа, Чурапчыга, Намҥа, Москва, Санкт-Петербург курдук дойду киин куораттарыгар  олорор биир дойдулаахтарбыт холбоһон, үлэбитигэр күүс-көмө буолаллар.

Киэҥ далааһыннаах үлэ

— Үлэҕит хайдах-туох хайысхалаахтык барарый?

— Бастатан туран, социальнай эйгэҕэ улахан болҕомто ууруллар. Ытык бэтэрээннэрбитигэр Кыайыы күнүгэр сыл аайы «Өйдүүбүт. Киэн туттабыт. Махтанабыт!» диэн бырайыак чэрчитинэн истиҥ көрсүһүүлэри тэрийэбит.

«Төрөөбүт дойду ситимэ» диэн бырайыакка Горнай улууһуттан төрүттээх өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлээн, сынньалаҥҥа тахсан, Дьокуускай куоракка олохсуйбут бэтэрээннэрбитигэр «Үлэ күүһэ» улуустааҕы хаһыакка сыллааҕы сурутууну 10-нуу бэтэрээҥҥэ суруйтарабыт.

Олох араас очурдарыгар түбэспит дьиэ кэргэттэргэ анаан  «Сырдыгы саҕабыт» бырайыак ааптара, бырабылыанньа чилиэнэ Жанна Григорьева Бэрдьигэстээх нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр «Чуораанчык» сурунаалга сурутууну оҥорор. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр суһал эмтэниигэ барар биир дойдулаахтарбытыгар түөрт аһымал аахсыйаны тэрийбиппит. Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытыгар – баһаарга дьиэлэриттэн маппыт 8 дьиэ кэргэнҥэ өйөбүл оҥоһуллубута. Амарах санаалаах биир дойдулаахтарбыт Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр 11 кыбартыыралаах дьиэ умайбытыгар туора турбакка күүс-көмө буолбуттара. Коронавирус сыстыганнаах дьаҥын кэмигэр бары күүспүтүн холбоон, төрөөбүт дойдубутугар күүс-көмө буолан, улуустааҕы киин балыыһаҕа үбүнэн көмө оҥорбуппут. Ол харчыбытыгар эмчиттэр термометрдары уонна респиратордары ылбыттара. 2021 сыллаахха Горнай улууһугар буолбут ойуур баһаарыгар биир дойдулаахтарбытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбуппут.

“Үөрэҕирии, спорт, ыччаты кытта үлэ” бырайыакка олоҕуран,  бэтэрээн учууталларбытыгар «Үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйбут, сайдыы кыымын сахпыт күндү учууталларбыт» диэн тэрээһини тэрийбиппит.  Дьокуускай куораттан география учуутала Мария Корякина көҕүлээһининэн, Бэрдьигэстээхтээҕи  Семен Данилов аатынан оскуолаҕа куоракка үлэлиир учууталларбыт методическай дэсээни тэрийэн ыыппыттара. Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт оҕолоругар куораттааҕы лиссиэй баазатыгар сайыҥҥы лааҕыры тэрийбиппит. Землячество бырабылыанньатын көҕүлээһининэн, “Таалакаан” хампаанньа дириэктэрдэрин сэбиэтин салайааччыта, улуустааҕы гимназия выпускнига Василий Николаев улуус 8-11-с кылаастарыгар «Бизнес-стартап» куонкурус тэрийбитэ. ХИФУ естественнай наукаларга институтун устудьуона Анатолий Лукин Великобританияҕа ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы пуорумугар кытта барарыгар көмө оҥоһуллубута. Сылы түмүктүүр сүрүн «Харыйа тула» тэрээһиммитигэр Горнай улууһуттан төрүттээх оскуола оҕолоругар үөрэхтэригэр араас куонкурустарга, олимпиадаларга үрдүк ааты ылбыт 35 оҕоҕо биһиги  ыччаппыт Арсен  Лукин анал бириистэри туттарбыта. Тэрээһин сүрүн сыала — оҕолорго кинилэр төрөппүттэрин, төрөөбүт дойдуларын билэллэригэр, төрөөбүт дойдуга тапталы, сибээһи туталларыгар үөрэтии. XXI Манчаары оонньууларын көрсө Горнай улууһуттан төрүттээх ускуустуба, эстрада артыыстара, айар куттаах ыччат кыттыылаах «Куорунай өрөгөйө — Манчаары оонньуута» улахан аахсыйа-кэнсиэри тэрийбиппит. Ити курдук, киһи ааҕа туруох тэрээһинэ үгүс.

“Култуурунай-маассабай үлэ” хайысхата үгүс дьону түмэр. Саха киһитэ уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөх окко үктэммитин бэлиэтээн ыһыах ыһар. Үс Хатынҥа сыл аайы ыһыах тэрийэбит. 2016 сыллаахха ыһыахтыыр сирбитигэр СӨ норуотун маастара Э.Алексеев бырайыагынан сэргэ уонна түһүлгэҕэ киирэр аартыгы түмсүүбүт чилиэнэ норуот маастара Андрей Малышев оҥорбута. Ыһыахпытыгар ХИФУ-га Канада Ванкуверыттан, АХШ Вашингтоҥуттан кэлэн үөрэнэ сылдьар устудьуоннары ыалдьыттаппыппыт.  «Дорообо, дойдум, дорообо!» диэн Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин буолбута.

“Сүрэхпит сылааһын эһиэхэ аныыбыт!” бырайыгынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр кэнсиэр көрдөрбүппүт. Улуу Өктөөп өрөбөлүүссэйэтэ, Хомсомуол сойууһа тэриллибитэ 100 сылыгар «Үтүө кэмнэрбитин ахтан-санаан аастахха» диэн бэтэрээннэрбитигэр аналлаах тэрээһиннэри ыыппыппыт.

Киэн тутта ааттыыбыт

— Түмсүү аҥардас тэрээһиннэри эрэ ыытынан буолбакка, дьон күннээҕи олоххо көрсөр кыһалҕаларын быһаарар үлэни тэрийэр. Ол курдук, уопсастыбаннай тэрилтэ кыаҕынан үлэҕэ олохтооһун, устудьуон уопсайга киириитигэр көмөлөһүү, балыыһаҕа көрдөрүү, сүбэ-ама оҥоруу, уо.д.а. тирээн турар боппуруостары быһаарсабыт. Бу ыытар үлэбитигэр, былааннаах үлэ барыытыгар улуус дьаһалтатын уонна нэһилиэктэр баһылыктарын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Түгэнинэн туһанан, «Горнай түмсүү» ыытар үлэтигэр өрүү көмөлөһөр  дьоммутугар  Лена уонна Николай Андреевтарга, Гаврил Кононовка, Федор Поповка, Василий Николаевка, Герасим Павловка, Анатолий  Потаповка, Василий Оленовка, Дмитрий Заровняевка, Егор Чемезовка өйөбүллэрин иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр ааттарын киэн тутта ааттыыбыт. Төрөөбүт дойдулара сайда, үүнэ турарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕарар дьон көмөлөрө биһиэхэ туохтааҕар да күндү.

… “Сүрүн сыалбыт — ыччаттарбытын түмэн, улууспут сайдарыгар, киэҥ билиилээх, олоххо көхтөөх дьон буолан тахсалларын ситиһии. Оччотугар  биир дойдулаахтар түмсүүбүт кэскилин салгыы сайыннарар туйах хатарааччылардаах буолуохпут. “Горнай түмсүү” уопсастыбаннай тэрилтэ ыытар үлэтэ киэҥ далааһыннаах. Билигин барабылыанньа уопсастыбаннай тэрилтэни юридическай сирэй оҥотторо сылдьар”, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр “Горнай” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Надежда Федорова.

 

    Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0