Холобур буолар хаһаайыстыба

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сылгы куттаах ыччаттар сахалар былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт үгэспитин аныгылыы сайыннарар кыах баарын холобур буолар үлэнэн дакаастыыллар.

edersaas.ru

2015 сыл ахсынньытыгар тэриллибит “Дьөһөгөй” сылгы бааһынай хаһаайыстыбатын базата Маалтааны ытык сиригэр силис тардан үлэлээн эрэр. Сэбиэскэй былаас сылларыгар манна хаҥаластар бары ытыктыыр, билинэр сылгыһыттара Николай Николаевич Ефимов салайар хаһаайыстыбата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аатырбыта. «Маалтаанылар дуо?» дэтэн олорбут хаһаайыстыбаны, төрүт сири-уоту сөргүтэн, сыспай сиэллээҕи иитэр базаны тэриммит хаһаайыстыба үлэтин кытта билсэн, улаханнык астынныбыт.

Маалтааным барахсан бу курдук сылгы кистээһининэн туолбута эриэккэс үчүгэй. Уруккута манна алта холкуос баара. Хаарыан хаһаайыстыба үлэтэ кэнники сылларга мөлтөөн турбута. Ону эдэр ыччаттар ылан, саҥа хаһаайыстыбаны тэриммиттэрин көрөн улаханнык астынным. Аныгы кыахтаах дьон диэх курдук, киһи эрэ сөҕөр-махтайар бөдөҥ, баай хаһаайыстыбаны туппуттар, диир үлэ бэтэрээнэ Ким Никифоров.

Саҥа хаһаайыстыбаны тэрийбит Вячеслав Нестеров сылгы куттаах ыччат, ыра санаа гыммыт баҕа санаатын олоххо киллэриэн иннинэ элбэх бэлэмнэнии үлэтин ыыппыт. Биллэн турар, баччалаах хаһаайыстыбаны ыллыҥ да тэрийбэккин. Туох-ханнык иннинэ кини сылгы иитиитин туһунан элбэх литератураны аахпыт. Ол иһигэр Маалтааны биллэр сылгыһытын Николай Ефимов үлэтин ньыматын үчүгэйдик үөрэппит.

Биһиги үлэбитин олохтоммут ньымаҕа саҥа сүүрээни киллэрэн саҕалаатыбыт. Ханнык баҕарар сылгыһыт сылгы ахсаанын элбэтэр туһугар үлэлиир. Биһиги уратыбытынан убаһаны идэһэҕэ туттубакка иитэ хаалларыы буолар. Биллэн турар, убаһаны иитэр уустук, аһынан-үөлүнэн үчүгэйдик хааччыйыы, туспа тутарга сөптөөх күрүө-хаһааа наада. Ол инниттэн үс араас күрүөнү туттубут. Кыра соҕуска убаһалары тутабыт, улааттахтарын аайы кэҥээн иһэр күрүөҕэ таһааран иһэбит. Уопсайа 53 км усталаах үс мас бүтэй күрүөнү оҥордубут. Убаһаны кыстатан баран эһиилигэр тый этин туһаҕа таһаарабыт. Онон биһиги атыылыыр мааркабытынан тый этэ буолар. Биллэрин курдук, мэччирэҥтэн, оттон ураты эбии ас наада. Онон, эбиэс, сиилэс, сыллата үүнэр иҥэмтэлээх оту ыһар былааннаахпыт, онуоха сөптөөх тиэхиньикэни атыылаһан олоробут. Барыта сүүрбэ араас тиэхиньикэлээхпит, онон үлэбит толору мэхэньисээссэйэлээх. Мелиорация үлэтигэр эмиэ ылсыахпыт, — диэн хаһаайыстыба салайааччыта былаанын кэпсиир.

Вячеслав Анатольевич үлэһиттэригэр сөптөөх услуобуйаны тэрийбит. Үс сыл иһигэр биэс араас эбийиэги туттарбыт, эргэ дьиэлэри сөргүтэн оҥорторбут. Аныгы кэм көстүүтүнэн түҥ ойуурга баар хаһаайыстыба альтернативнай энергетиканан хааччыллыбыта буолар. Биллэн турар, кыһыҥҥы кэмҥэ генераторынан эмиэ туһаналлар. Аныгылыы оҥоһуулаах хочуолунай дьиэлэри барытын сылытар, уруккулуу оһох оттор наадата суох. Онтон кырдьаҕас сылгыһыт, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Виктор Романов үөрэр.

Сылгыһыт үлэтэ уустук. Кыһын сылгыларбын көрөөрү үс-түөрт көһүнэн тайаан сытар сири кэрийэн, киэһэ хойут, сойон хаалбыт дьиэҕэ кэлэр этим. Билигин букатын атын олох. Маннык услуобуйаҕа эдэр дьон санаата кэлэн үлэлиир. Мин бу дойдуга сылгыһыттабытым 25-эн тахса сыл буолла даҕаны бу курдук тэрээһиннээх хаһаайыстыба баарын билбэппин. Аныгылыы көрүүлээх эдэр дьон кэлэн үлэлээн эрэрэ олус үчүгэй. Кинилэр кэлбэтэхтэрэ буоллар, бу хаһаайыстыба олох да эстиэ этэ. Биһиги бэлэм аска-үөлгэ сылдьабыт, хамнаспыт лоп курдук кэмигэр кэлэ турар, ый буола-буола бөһүөлэккэ баран сынньанабыт. Сүүстэн тахса ханааллаах тэлэбиисэри көрөбүт, «Аргыс” сибээһэ баар буолан, уолаттар бары дьоннорун кытта билсэ тураллар. Этэргэ дылы, маннык олох кэлиэ диэбиттэрэ буоллар, арааһа, итэҕэйиэм суоҕа этэ. Маалтааны ураты кэрэ сир. Сиртэн, сылгыттан киһи ураты күүһү ылар. Дойдуга баран, биир бэйэм үс хоннум даҕаны сөп буолабын, бу диэки тардыһа турабын, — диэн «мүчүк» гынар уопуттаах сылгыһыт.

Настаабынньыктарын санаатын кытта эдэр сылгыһыттар сөпсөһөллөр. Эбиитин бу дойду барахсан баай булда, көмүс хатырыктааҕа умсугутарын бэлиэтииллэр. Маннык ураты усулуобуйалаах сылгы иитэр хаһаайыстыба тэриллиитэ бизнес уонна олохтоох былаас бииргэ үлэлээһиннэрин үтүө түмүгэ буолар. “Дьөһөгөй” салайааччыта Вячеслав Анатольевич сылгы иитэригэр сир-уот наадатын бэлиэтиир, онуоха Уһук Илин гектарын туһунан сокуон олоххо киирбитэ төһүү күүһүнэн буолбут. Хаҥалас улууһун баһылыга Гаврил Алексеев саҥа хаһаайыстыба үлэтигэр улахан сыанабылы биэрэр.

                                                                    Вячеслав Нестеров улуус баһылыга Гаврил Алексеевы кытары

— Маалтааны сылгы куттаах дойду иккис тыынын ылан, биирдэ үлэнэн-хамнаһынан ньиргийэ түстэ. “Дьөһөгөй” хаһаайыстыба сылгыны иитигэ биир кэлимник ылсан үлэлиир. Сылгыны иитииттэн саҕалаан, сири-уоту туһаҕа таһаарыы, эти оҥоруу, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун даҕаны хааччыйыы, тас да дойдуга ыытан батарыы тиһигин тэриннэ. Бу олус кэскиллээх дьыала. Маннык хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар, — диир улуус баһылыга итиэннэ маннык бөдөҥ хаһаайыстыбалар тэриллиилэрэ бары өттүнэн туһалааҕын бэлиэтиир.

Дьөһөгөй” сылгы хаһаайыстыбата үс сыл иһигэр сылгытын ахсаанын 70-тан 1050-ҥа тириэртэ. Бу сыыппара бэйэтэ элбэҕи этэр. Тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, бүддьүөттэн биир солкуобайы ылбакка, тус кыахтарыгар тэринэн үлэлииллэр. Эдэр кэскиллээх бааһынайдар 2024 сылга диэри сылгы ахсаанын икки тыһыынчаҕа тиэрдэр былааннаахтар. Биллэн турар, маннык сатабыллаахтык тэринэн, чөл олоҕу тутуһан олорор хаһаайыстыба ылыммыт былаанын олоххо киллэрэрэ эрэбил. Аҕыйах сылынан “Дьөһөгөйдөр дуо?” — дэтиэ турдаҕа.

Эдэр бааһынай сылгыһыт идэтин суолтатын үрдэтэр, сылгыһыт аатын өрө тутар сыаллаахпыт диэбитин хайгыы иһиттибит. Сахалар төрүт дьарыкпыт аныгы көстүүтүн биэрбит хаһаайыстыбаҕа ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!

Айталина Никифорова-Щадрина, «Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0