Жатайга киһи сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар бэртээхэй былаһаакка баар буолла.
Онон аны мантан ыла, бөһүөлэк олохтоохторо киин болуоссаттарыгар сынньана кэлэ таарыйа, хаама сылдьан шахматтыахтарын сөп. Бу бэртээхэй бэлэҕи нэһилиэнньэҕэ «Гранит-Гранат» хампаанньа уонна «Выбор» собуот оҥорбуттар. Үөрүүлээх түгэни Архитектура аан дойдутааҕы күнүгэр анаатылар.
—Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан киһи таһырдьа хаама сылдьан оонньуур шахмата биһиэхэ оҥоһулунна. Бу ордук үүнэр көлүөнэҕэ улахан туһалаах буолуоҕар, оҕолор манна кэлэн оонньуу үөрэнэллэригэр, күрэхтэһэллэригэр эрэнэбин. Оттон улахан дьон кинилэргэ өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕуру сытыылыыр спорт бу көрүҥэр тапталы иҥэриэхтэрэ, — диэн Жатай уокуругун култуураҕа, успуорка, ыччакка уонна дьиэ кэргэҥҥэ бэлиитикэтин управлениетын начаалынньыга Виктор Нестеров үөрүүтүн үллэһиннэ.
Шахмат хонуутун иэнэ — 16 м², оттон фигураларын үрдүгэ биирдии миэтэрэ. Ыйааһына икки киилэ курдук, онон көтөҕөргө, сыҕарытарга чэпчэки. Уопсайынан, үрдүк хаачыстыбалаах матырыйаалтан оҥоһуллубут диэн бэлиэтииллэр. Маннык шахмат Иркутскайга икки куоракка баар.
Былаһаакка «Шахматы в города» үтүө санааланыы бырайыак иитинэн оҥоһуллубут. Сыала-соруга искибиэрдэри, пааркалары тупсарыыга туһуланарын сэргэ, олохтоохтор өйдөрүн-санааларын, толкуйдуур дьоҕурдарын сытыылыы сылдьалларыгар, успуорка көҕүлүүр, тардар.
«Гранит-Гранат» хампаанньа кэммиэрчэскэй дириэктэрэ Владислав Черкашин дьон-сэргэ сылдьар уопсастыбаннай сирдэрин тупсарарга хампаанньа матырыйааллары аҕалтаабытын, үлэ түмүгэр шахматтыыр хонуу оҥорбуттарын эттэ. Бу көҕүлээһиннэрин дьон-сэргэ сэҥээрбитигэр, өйөөбүтүгэр махтанна, үөрэрин биллэрдэ.
Онон оонньуу бастакы партията шахмат саҥа хонуутугар ыытылынна. Манна LETO архитектордар кииннэриттэн бэрэстэбиитэллэр, «Комбинация» кулууп кыттыылаахтара уонна шахматынан дьарыктанар гимназия үөрэнээччилэрэ күрэхтэстилэр.
Хаартыска News.Ykt.Ru ылылынна