“Холбос” 100 сылыгар. Кытаанахха потребкооперацияны тэрийбит Башарин

30.11.2018
Бөлөххө киир:

 Гражданскай сэрии содулуттан ас-таҥас тиийбэт кыһалҕата үөскээбитэ.

Ол кырыымчык кэмҥэ Башарин Илья Николаевич нэһилиэгин дьонун-сэргэтин аһынан-таҥаһынан хааччыйар сыалтан Кытаанахха потребкооперация тэрийбитэ. Ол туһунан 1922 с. «Якутская кооперация» сурунаал сэтинньи ыйдааҕы 8-9 №-ригэр маннык суруллубут: «…Хатылынское общество начало свою работу с половины августа сего года при энергичном и умелом участии гр. И.Н.Башарина. В августе и сентябре общество получило от Яксоюза товаров на 8000 рб., на заготовку по договору 400 п. масла…, но представило лишь 100 п., часть масла, привезенного некоторыми членами общества в город для сдачи в Яксоюз, была продана ими в Наркомторгпром, что далеко не кооперативно и со стороны членов кооператива недопустимо. Сдатчики в результате проиграли. В настоящее время общество ведет работу по заготовке 100 п.масла, и 75 комплектов теплой одежды. До 1 января 1923 года общество предполагает заготовить до 600 п.масла, до 10000 п.мяса…»

Башарин Илья Николаевич ХХ үйэ саҥатыгар Боотуруускай улууһун үөрэхтээх дьонуттан биирдэстэрэ этэ. I Хатылы (Кытаанах) нэһилиэгэр уһуннук кинээһинэн, улуус суруксутунан, быыбарынай кулубанан үлэлээбит. 1912 с. буолбут Романовтар династияларын 300 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах саха аймах съеһигэр кыттыыны ылбыт. Кини былаас уларыйар булкуурдаах кэмнэригэр, Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Боотуруускай улууһу салайсыбыт. Гражданскай сэрии кэмигэр элбэх киһини мэктиэлээн үрүҥнэртэн быыһаан ылбыт улахан үтүөлээх. 1923 с. мунньах боротокуолуттан көрдөххө, Илья Николаевич улуус исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буолан туран, кооперациянан күүскэ дьарыктаммыт. Онно кини потребуопсастыба сэкирэтээрин уонна бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин тэҥҥэ толоро сылдьыбыт (Өксөкүлээх эргимтэтин духуобунай баайа серия “Илья Башарин” кинигэттэн, 1917 с. Ол эрээри 1923 с. бүтүүтүгэр доруобуйата мөлтөөн, улуус исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы үлэтиттэн уурайан, Кытаанахха көһөн тахсыбыт, потребобщество дьыалатынан дьарыктанан барбыт. Кинини кытта Коркин Иннокентий Давыдович, Тойтоон Уйбаан үлэлэспиттэр.

1925 с. Кытаанах Көчүктэйигэр Иннокентий Коркин Якутторгу кытта дуогабардаһан, “Торговая фактория Якутторга” диэн аһынан-таҥаһынан хааччыйар, соҕотуопкалыыр пууну астарбыт, бэйэтэ үлэһитинэн (агенынан) киирбит. Кини түүлээҕи, эти, арыыны, атын да бородуукталары дьонтон тутан, ону Якутторг нөҥүө эргитэн куораттан табаар, бородуукта аҕалан атыылаабыт. Атыыта-эргиэнэ сайдан, бэйэтэ материальнай балаһыанньата көнөн, сүөһүтэ-сылгыта элбээбит. 1928 сыл бүтүүтүгэр, сир реформатын эрэ иннинэ, кинини быыбардыыр быраабын (“куолаһын”) быһан, кулаактаабыттар. Иннокентий Давыдович 1933 с. Ярославскай аатынан холкуоска чилиэнинэн киирбит уонна холкуос  араас үлэтигэр үлэлээн барбыт. Кини кэлин, кырдьан баран, нолуок хомуйуутугар агеннаабыт. 1971 с. 90 сааһыгар өлбүт.

Коркин ахтыыта

“1923 сыллаахха кэпэрэтиип тэриллибитэ. Чэй, таҥас сыыһа атыыланара. Мин, Баһаарын, Тойтоон Уйбаан буоламмыт 3 сыл устата үлэлии-тэринэ сатаан баран өрүһүммэккэбит, кэпэрэтииби сүһүөҕэр туруорбатыбыт. Онтон Якутторгтан иэс ылан бардыбыт, векселинэн табаары биэрэр буоланнар, ол болдьоҕун куоттарымаары ый аайы кэриэтэ куораттыыбын. Якутторгдар сүрэхтээхпин, үлэһиппин билэннэр: “Биһиэхэ кэл, биһиэхэ үлэлээ, үчүгэй харчы төлүөхпүт,” – диэн ыҥыран бардылар. 1928 с. Кытаанахха 3 нүөмэрдээх маҕаһыын отделениетын астылар. Миэхэ 75 солкуобай хамнаһы быстылар, бухгалтерга, Игидэй киһитигэр Семен Иванович Захаровка 50 солкуобай анаатылар. Мин 4 сыл үлэлээтим, хамнаһым кэнники 125 солкуобай буолла. Харчы оччоҕо сүрдээх ыарахан, сайын босхолонон кыайан оттообот буоллум, биир киһини тутан оттотор буоллум. Миигин: “Үлэҕиттэн уурай, Чурапчыга киирэн үлэлээ,” – диэн ыҥырбыттарын кэпэрэтииптэн кэһэйэн хаалан, сөбүлэммэтим. 8 улуус мунньаҕар 1927 с. Якуттору эһэр туһунан уураах таһаарбыттара, ону якутторгдар соҕуруунан үҥсэн эстэрбэттэр.”

Матвеев Конон Михайлович кэпсээбитинэн, кэлин (1930 сыл диэки) Иннокентий Коркины кулаак оҥорон, Якуттору атын дьон кэлэн баһылаабыттара. Үлэһит элбээбит. Урукку курдук сайылыкка көспөт буолбуттар. Көчүктэйгэ үчүгэй ыскылааттар, подвал оҥоһуллубуттар, хонтуора, маҕаһыын тус-туспа дьиэҕэ үлэлиир буолбуттар.

Оҕуһунан, атынан таһаллара

Түүннэри-күнүстэри Якутторг таһаҕаһа оҕуһунан, атынан таһылла турара. Онно анал кэпсэтиилээх таһаҕасчыттар бааллара. Холобур, Дьоскуоскай Дьуона, Монастырев Семен (Чоҥхоойук), Федоров Петр (Кулаарап), Парфенов Алексей (Оботчоллой), Пономарев Прокопий, Барашков Герасим уо.д.а. айан суолугар олорооччулар. Кэлин Якутторга нуучча, татаар үлэһиттэр кэлбиттэрэ. Онно Ярославскай аатынан холкуос бөҕөргөөн, элбээн, тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн сайдан барбыт кэмнэрэ этэ. Якуттору үүрдэрэр, атын сиргэ көһөттөрөр гына үҥсүү түһэрбиттэр. Ол үҥсүүнү ылынан Якутторг Кириэс-Халдьаайы диэн Алдан үрдүгэр олорор, уруккута Таатта, билиҥҥитэ Томпо оройуонун сиригэр көспүт этэ. Ити 1935-1936 сыллар диэки буолбута.

Якутторг тэрилтэ 1938 сыллаахха Саха сиригэр 9 оройуоҥҥа отделениелаах эбит, ол иһигэр ыаллыы Таатта оройуонугар. 1938 сыллаахха республика салалтатын уурааҕынан туох баар маҕаһыыннарын, ыскылааттарын “Холбоско” биэрбиттэр. Ити кэмҥэ Тааттатааҕы отделениеҕа 3 маҕаһыын, 9 ыскылаат, 18 үлэһит баар эбит. 1938 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан ити барыта Таатта райсоюһугар бэриллибит.

Ахтыылартан көрдөххө, Көчүктэйгэ Якутторг үлэтэ сыыйа 1935-1936 сылларга, оттон бүтэһиктээҕин 1938 сылтан тохтообут буолуохтаах, ол иһин Лысков С.Н. 1939 сылтан маҕаһыын астаран, потребобщество үлэтин саҥаттан саҕалаан, Кытаанах потребобществота үлэлээн барбыт.

Сэрии туһатыгар – тимири

1942 с. Кытаанах нэһилиэгин 10 колхуоһуттан 7 колхуоһа хоту көһөрүллүбүт. Нэһилиэнньэ кыанар өттө сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Ол содулугар киһи аҕыйаан, Кытаанах сельпота үлэтин тохтоппут, маҕаһыын сүнньүнэн нуорма бурдугу түҥэтээччи, сэрии туһатыгар хомуллар тимири  тутааччы буолбут. Онон Кытаанах сельпотун Мугудайга холбообуттар. Чурапчы райпотребсоюһун 1948 с. ыам ыйын 11 күнүнээҕи 48 нүөмэрдээх уурааҕынан Мугудай сельпота икки сельпоҕа — Алаҕар уонна Кытаанах сельпотугар хайытыллыбыт. Кытаанах сельпотугар бэрэссэдээтэлинэн Макаров Федор Васильевич, Борисов Трофим Михайлович эргиэҥҥэ солбуйааччынан, Потапов Афанасий Алексеевич соҕотуопкаҕа  солбуйааччынан анаммыттар.

Кыһыл знамялаах сельпо

Кытаанах сельпотун сайдыытыгар уһуннук үлэлээбит, улахан кылаатын киллэрбит киһинэн Макаров Ф.В. буолар. Кини 21 сыл салайар үлэҕэ, ол иһиттэн 7 сыл сельпо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.

1959-1967 сылларга бэрэссэдээтэлинэн Яковлев Михаил Иванович үлэлээбит кэмигэр Кытаанах сельпотун үлэтэ Арассыыйаҕа тиийэ биллибитэ. Ол курдук, 1962-1963 сыллар түмүктэринэн оройуон 5 сельпотуттан үлэ бары салааларыгар үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн, Кытаанах сельпота Арассыыйаҕа  бастаан, Роспотребсоюз бырабылыанньатын уонна Идэлээх сойуус Киин Кэмитиэтин көһөрүллэ сылдьар Кыһыл знамятын ылбыта уонна икки сылтан ордук кэмҥэ илдьэ сылдьар чиэскэ тиксибитэ. 1963 сыл ахсынньы 7 күнүгэр кытаанахтар “Коммунистическай үлэ коллектива” ааты “Холбоско” аан бастаан ылбыттара. 1963 сыллаахха “Холбос” Бочуотун кинигэтигэр үйэ-саас тухары киллэриллибиттэрэ. 1965 сыл сэтинньи 5 күнүгэр Макаров Ф.В. “Бочуот знага” уордьанынан наҕараадаламмыта. Килэҥкитээҕи бородуукта маҕаһыынын сэбиэдиссэйэ Василий Городецкай, Уһун Күөл маҕаһыынын сэбиэдиссэйэ Афанасий Дьячковскай “Саха АССР эргиэнин уонна уопсастыбаннай аһылыгын үтүөлээх үлэһитэ” ааты ылбыттара.

Федор Макаров 1964 сыллаахха “Холбос” делегациятын кытта Иркутскай, Улан-Удэ куораттарынан уопут атастаһа бара сылдьыбыта.

1973 сыллаахха райсоюз райпоҕа уларыта тутуллан, Сылаҥ уонна Кытаанах эргиэн тэрилтэлэрэ тэриллибиттэрэ. Ити курдук, кытаанахтар “Холбос”  атаҕар турарыгар улахан өҥөлөөхтөр.

“Холбос” респотребсойуус архыыбыттан 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0