Хойуу туман тыҥаҕа буортулаах

02.01.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл сылаас кыһын турда буолан баран, билигин Саха сирин үрдүнэн Кириһиэнньэ тымныыта түһэн турар. Айылҕа сокуонун быһыытынан, түһэрэ да наадалаах буоллаҕа. Сорох дьон хойуу тумантан чачайан, тымныыттан саллан, хаһан бүтэрин кэтэһэллэр. Сорохтор, төттөрүтүн, тымныы түһэрин ордороллор. Ол эрээри, хойуу туманнаах тымныы киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарый?

edersaas.ru

40 кыраадыс тымныыттан саҕалаан, дьон тоҕуоруһан олорор нэһилиэнньэлээх пууннарыгар туман үөскүүрүн билэбит. Тоҕо эрэ, ойуурга, сыһыыга тумана суох буолар ээ. Кыһын хойуу туман туохтан үөскүүрүй?

Быһаарыы:

Туман – атмосфера биир көстүүтэ, салгыҥҥа уу быыкаайык хааппылаларын мустуута. -15 кыраадыс тымныыга уу паара кып-кыра муус кыырпахтарыгар кубулуйар. Сайыҥҥы тумаҥҥа салгын сиигэ 100 %-ҥа чугаһыыр, оттон тымныыга (−30° кыраадыстан аллараа) салгын сиигэ 50 %-тан кыра буолуон сөп. Тоҕо диэтэр, кыһыҥҥы туман сүрүннээн тиэхиньикэ уматыга  умайарыгар тахсар паартан уонна буруоттан үөскүүр.

 «Википедия». 

«Тымныы куһаҕан дьайыыта элбэх»

Кыһыҥҥы хойуу туман доруобуйаҕа дьайыытын туһунан учуонай, биологическай наука доктора, суруйааччы, биологическай термометры айбыт Гаврил Угаровтан ыйыталастым. Кини бу боппуруоһу анаан үөрэппитэ, дьарыктаммыта.

 

Хойуу туманнаах тымныы киһи доруобуйатыгар сүрдээх буортулаах. Ол курдук, буортута үс өрүттээх:

  1. Тымныы салгыны эҕирийии тыҥаны тоҥорор, иһэлитиэн да сөп.

  2. Туман уу паара тоҥоруттан үөскүүр, онон куоракка үгүс мотуор умайбыт оттугун тобоҕо, буруо курунньуга, араас микробтар даҕаны, бу тумаҥҥа сөҥөн хаалаллар. Тыҥаҕа киирэн, быычыкаайык муус кристалла ууллар. Ол уулларыгар итии наада. Организм итиини салыҥнаах бүрүөттэн ыларга күһэллэр, онон киһини иккиһин тымнытар, тоҥорор.

  3. Бу буортулаах эттиктэр ууллубут кристаллар ууларыгар суураллан, килиэккэлэргэ бэрт түргэнник киирэллэр. Ууллубут уу бэрт түргэнник аһардар дьайыылаах, онон дьааттаах эттиктэри, микробтары киллэрэн, килиэккэлэри сүһүрдэр. Курунньук тобоҕор канцерогеннар бааллар, бу мунньулуннаҕына, искэҥҥэ да тиэрдиэн сөп. Ол иһин хоту дойдуга олорор дьоҥҥо гайморит, бронхит, ангина, аллергия  курдук ыарыылар элбэхтэр.

Тымныыга быстах кэмҥэ сылдьыы эмп курдук буолар, ардыгар тымныы ууну куттан эмтэниэххэ сөп. Тымныыны куруук туһаннахха, организм үөрэнэн, этиҥ-хааныҥ ону көрдүүр буолан хаалар. Дьиҥинэн, тымныы куһаҕан дьайыыта элбэх. Биологическай эттиккэ дьайыылаах тымныы +4 кыраадыстан саҕаланар, Угаров кэрдииһэ (шкалата) ону бигэргэтэр.

Кыһын таһырдьа табахтыыр, сүүрэр өссө буортулаах. Доруобуйаларыгар кэлин охсуулаах буолуон сөп.

Тымныыттан харыстанарга сүбэлэр

— Дьокуускай хочоҕо турар буолан, хойуу туманнаах дуо?

— Суох, киһитэ, дьиэтэ, массыыната элбэх буолан, туманнырар. Мин ону “Сахасмог” диэн тиэрмини киллэрбитим. Хочо салгыннаах буолан, өссө туманын сайгыыр ээ. Онон куорат олохтоохторо туманнаах, тымныы кэмҥэ хайаан да саарпыктаах, былааттаах сылдьыахтаахтар. Бу сирэй тоҥоруттан эмиэ харыстыыр.

Үлүйбүт сирэй үлүйэ турар. Өскөтүн сирэй үлүйдэҕинэ, хаарынан буолбакка, илиигэ хаары уулларан баран, тымныы илиигинэн тутуохтааххын. Оччоҕуна капиллярдара быһыта барбат, тирии хараарбат. Сирэй тириитин тоҥмотун курдук эрчийиэххэ сөп. Холобур, сарсыарда тыбыс-тымныы уунан суунуохха, эбэтэр мууһунан соттуохха сөп. Ону тэҥэ тымныы кэмҥэ сылаастык таҥна сылдьыҥ, ордук атаххытын, илиигит тарбаҕын харыстааҥ. Бэрчээкки тарбаҕы тоҥорор, онон тымныыга халыҥ үтүлүк ордук. Тарбах тоҥноҕуна, кэлин сүһүөҕэ ыалдьыан сөп. Бу кэмҥэ сыалаах, арыылаах, тотоойу аһы үчүгэйдик аһыы сылдьыҥ. Тот киһи тоҥмот, ону тэҥэ сыа-арыы тымныыттан харыстыыр.

Буруо буортута

Массыына буруота – улахан куораттар кыһалҕалара. Сайыннары күнү-ыйы сабардыыр буруо (смог) буолан турар, дьон доруобуйатыгар, тыынар уорганнарыгар олус буортулаах. Биир киилэ бензин умайарыгар 16 киилэ араас гаастары таһаарар диэн “Википедияҕа” суруйаллар.

Бу буруоҕа 200-тэн тахса химическэй эттик баар. Манна азот оксида угарнай гаастааҕар өссө ордук дьааттаах. Бензпирен, антрацен диэн углеводородтар күүстээх канцерогеннар. Ол иһин сабыылаах гарааска массыына буруотун өр кэмҥэ эҕирийбит киһи сүһүрэн өлөр. Сүһүрүү бастакы бэлиэтэ – буруо сытыттан киһи төбөтө ыалдьар. Оттон таһырдьа да өр кэмҥэ массыына буруотун эҕирийии тыынар уорганнар, сүрэх-тымыр, ньиэрбэ араас ыарыыларыгар тиэрдиэн сөп. Тоҕо диэтэр, бу гаастар суураллыбакка, организмҥа мунньуллан иһэллэр.

Саха сиригэр массыыналар кыһын күнүстэри тохтообокко үлэлииллэр. Ол иһин өссө элбэх буруону таһаараллар. Бу буруо үөһэ көтөн, салгыҥҥа суураллан хаалбакка, хойуу тумаҥҥа сөҥөн, киһи тыҥатыгар ордук түргэнник киирэр. Онон куоракка туманнаах, тымныы кэмҥэ хайаан да саарпыктаах, мааскалаах сылдьыахтаах эбиппит.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0