Хойутаана: «Алгыстаах ийэ тылбытынан»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Алгыстаах ийэ тылбытынан

Аан ийэ дойдуга  айыллан кэлэммит
Алаһа дьиэлэнэн аал уоту оттобут.
Ааппытын ааттатар урааҥхай дэнэммит
Аар айылҕалыын алтыһан ылабыт.

Окко түспүт оҥоһуулаах дьон буоламмыт
Ойор күннүүн көрсөн дьоллонор эбиппит.
Очурга оҕустарбаттыы оҥостоммут
Орто дойдуга түөрэҕи түһэрбиппит.

Сиргэ түспүт сэрэбиэйдээх буоламмыт
Самныбат санааны оҕуурдаан тутабыт.
Сирдээҕи олох силигин ситэрэммит
Сап саҕаттан салҕанан олорон кэллэхпит.

Айах атан кэпсэтэр тыллаах буоламмыт
Алгыстаах ийэ тыллаах айар куттаахпыт.
Аал уот иннигэр оллоонноон олороммут
Алкыйар алыптаах олоҥхо тойуктаахпыт.

Үс куттаах урааҥхай сахалар дэнэммит
Үс күлүгэр сүгүрүйэн саргыны саҕабыт.
Үс саха кэхтибэт кэскилин түстээммит
Үтүмэн дьыллартан төрдүн төрүттүүбүт.

Христина Саввинова-Хойутаана

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0