Хойутаана: “Олоҕу ылынабын махталынан…”

06.11.2020
Бөлөххө киир:
rptnb

Христина Саввинова-Хойутаана Дьокуускай куоракка олорор. Биһигин ыйаабыт дойдута Таатта. Мусукаалынай уонна саха тыла үөрэхтээх. Тааттатааҕы “Уран тыл” литературнай түмсүү чилиэнэ, Дьокуускайга (ШТВ) «Үөрүү кыыма» вокальнай бөлөххө дьарыктанар.

Христина Лаврентьевна (Саввинова-Хоютанова) айар үлэнэн үс сылтан бэттэх, 70-тан тахсан баран, бэйэтэ этэринэн, «хойутаан»  саҕалаабыта. Ол эрээри,  иэйиитэ киирдэҕинэ илиитин араарбакка суруйан, үлэлээн, билигин  балачча элбэх хоһоонноох, ону бэйэтин күндү ааҕааччыларыгар, чугас дьонугар, дьүөгэлэригэр, сиэннэригэр аныыр. Хоһооннорун куйаар ситиминэн тарҕатар.  Сорох айымньылара “Таатта” хаһыакка бэчээттэммиттэрэ.

Айар кут, киһи сирдээҕи аналын, таптал, олох туһунан, төрөөбүт төрүт тылга сүгүрүйүү, тулалыыр эйгэни, айылҕа кэрэтин ис-сүрэҕиттэн уран тылынан ойуулаан көрдөрөр, киһини толкуйдатар Хойутаана хойутаабатах айымньыларын бүгүн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.


1. Айар кут алыба

Тоҕо саха тылын алыбынан…

Тоҕо саха тылын алыбынан

Уйаннык эймэнитэ ыллаабаппын?!

Тоҕо уран тыл сүмэтинэн

Устар ууну сомоҕолуур уус тылы булбаппын?!

Тоҕо түөспүн толору киэптээбит

Уйулҕам иэйиитин сатаан туойбаппын?!

Тоҕо үтүөнү түстүүр санаабын

Ураты имэҥин бар дьоммор тиэрпэппин?!

Оо, айылҕаттан айдарыылаах

Айар тыл аарыма аҕалара!

Омоҕой саҕаттан олоҥхолоох

Айыы дьонум үрдүк өһүөлээхтэрэ!

Эһигиттэн айар куту ылынан,

Этэр тыл эгэлгэтин кынаттанан

Этиэхтэн кэрэкэ тылларынан

Эппит-тыыммыт киһи сахам илбис тылынан!

Сахам тыла

 

Ийэ сир туонатыгар кэлбит күммүттэн

Иҥэриммит эбиппин сахалыы саҥабын.

Түһэххэ олорон истибит кэммиттэн

Түөрэх түһэриммитим төрөөбүт тылбын.

Илбис тыллаах олоҥхону истиэхпиттэн

Ис куппар иитиэхтээбитим сахам тылын.

Тулалыыр эйгэ туойуллар тойугуттан

Тирэх оҥостубутум сахам баай тылын.

Аал уот иннигэр ааттаһар алгыһынан

Айдарыллан кэллэхпит сахалыы тылынан.

Саалаахтан самныбат кэс тыл кэрэтинэн

Сүргэбитин күүртэхпит сахалыы ылынан.

Доҕулдьуйа хаамсар оһуохай саҥаттан

Дьон аймах туойдаҕа сахалыы тылынан.

Толору кымыстаах ыһыллар ыһыахтан

Тускулун туттаҕа сахалыы кутунан.

Анаан иэйэ туойабын

 

Айар кутум түһүлгэтэ

Устар ууну сомоҕолуур олоҥхо тыллаах,

Ураннык туойар хомуһуннаах хомустаах

Улуутуйар аймах урааҥхай сахабар

Уйан дууһабын, сүгүрүйэр аналбын,

Айар кутум нарын таптал түһүлгэтин

Айылгытын аһаммын анаан иэйэ туойабын.

Айылҕа ситэрэн кэпсэммэт кэрэтин,

Алааһым суугунуур хатыҥнаах чараҥын,

Арылы киэргэллээх киэҥ-кэтит туонатын,

Айхаллыы ылланар ньургуһун бастыҥын

Айар кутум нарын таптал түһүлгэтин

Айылгытын аһаммын анаан иэйэ туойабын.

Тулалыыр чугастык санаһар дьоннорбор,

Таҥара оҥостон баҕа санаам кэрэтин,

Төрүт буорбар, таалалаабыт Тааттабар,

Төлкөбүн түстээбит көмүстээх Алдаммар

Айар кутум нарын таптал түһүлгэтин

Айылгытын аһаммын анаан иэйэ туойабын.

Олоххо тапталбын, сыаналыыр санаабын

Ойор күҥҥэ тэҥнии тутар баҕабын,

Орто дойдуга олохсуйбут ыйаахпын,

Оҕолуу үөрүүнэн махтанар күннэрбин

Айар кутум нарын таптал түһүлгэтин

Айылгытын аһаммын анаан иэйэ туойабын.

Хомойобун…

 

Хомойобун – бу Орто дойдуга төрөөммүн

Хоһуйар хоһооҥҥо эрдэ холоммотохпор.

Айар тыл кутун абылаҥар ыллараммын

Айдарыылаах ырыанан айаара туойбатахпар.

Хомойобун – тулалыыр эйгэм кэрэхсэлин

Хас түгэнин ырыа гынан ыллаппатахпар.

Сахалыы сайдам тыл сүмэтин сааһылааммын

Сүрэҕи үөрдэрдии сурукка тиспэтэхпэр.

Хомойобун – таптал эгэлгэ иэйиилэрин

Холонон хоһооммор хоһуйбатахпар.

Итиинэн илгийэр сүдү имэҥнэрин

Илбис тыл көмөтүнэн сипсийэн эппэтэхпэр.

Ол эрэн кэмсиммэппин ааспыт олохпунан,

Окко түспүт оҥоһуум анал ыйааҕынан.

Сиргэ түспүт сэрибиэйим дьылҕатынан

Сирдээҕи олоҕунан толору тыыммыппынан.

 

Ааҕааччыбар

Мэлдьитин ытабыл, кутурҕан аргыстаах

Ырыаны ыллыырбын сүөргүлүү санаама.

Мин айар аналым курус санаа тыыннаах

Ылланарын ороһуйа ылыныма.

Ис санаам этэрин сэмэйдик арыйан

Санаабын этиниим, мин тыыммын таһаарыым.

Иэйиибин арыйан сахалыы суруйан,

Сүрэҕим кистэлин эйиэхэ мин тиэрдиим.

Айар кут алыбар мин киирэр түгэммэр

Кутурҕан  өрүүтүн аттыбар арыаллыыр.

Алыһын аймана  хараастар кэмнэрбэр

Күнэ суох ыаһырбыт күһүнүм ыалдьыттыыр.

Оччоҕо айар абылаҥар ылларан,

Иэйии тылларын өрүсүһэ тиһэбин.

Олох, уйулҕа кылыһаҕын таарыйан,

Иһирэх, хомоҕой тыллары талабын.

Ааҕааччым, эн ону  омнуолуу санаама,

Айар кут алыба атынын баалаама.

х х х

Көрдүүбүн киһиэхэ номоҕон дьүһүнү,

Өйгүттэн сүппэттии истиҥник көрүүнү,

Бэйэҕэ эрэллээх сэмэйдик туттууну,

Киһини санаатын көтөҕөр мичээри.

Көрдүүбүн киһиэхэ хас биирдии тылыгар

Ылыннарар,  ыллыктаах ис санааны,

Сүрэҕи ортотунан  киирэр сүбэни,

Умнуллубаттыы этиллибит тыллары.

Көрдүүбүн алтыһар кэмнэргэ куруутун

Тылынан соһуччу хомоппот түгэни,

Убаастыыр киһиттэн амарах сыһыаны,

Дууһаны аймаабат иһирэх майгыны.

Көрдүүбүн анаммыт дьылҕаттан мин өрүү

Олоххо итэҕэл аргыстаах эрэли,

Тапталга билинэр алыптаах түгэни,

Сыл аайы уостубат уйаҕас иэйиини.

2. Тулалыыр эйгэлиин

Буолуо дуо…

Төрөөбүт дойдум көй салгынынан

Түөспүнэн толору тыыннахпына,

Ыраахтан үрүҥ күнүм сардаҥатын

Ытыспар түһэрэн ыллахпына,

Дьылҕам аналынан ааттаммата буолуо дуо?!

Аммам ыраас кылыгыр уутунан

Аргыый утахпын ханнардахпына,

Сибэкки симэхтээх алааһынан

Салгыҥҥа уйдара хаамтахпына,

Олох дьикти кэрэтинэн кэпсэммэтэ буолуо дуо?!

Ахтар — саныыр чугас эргин дьоммор

Айхал тыл истиҥин эттэхпинэ,

Сэмэй тапталбынан оҕолорбор

Саха алгыһын анаатахпына,

Уйулҕа кэрэ кылларын ыллаппата буолуо дуо?!

Үөһэттэн айыллыы

 

Олохтон ардыгар астынар санааттан,

Дуоһуйар иэйииттэн уйулҕаҥ үөрүөҕэ.

Оччоҕо үрүҥ күн күлүмүн сырсартан

Дьоллоно үрдүккэ хотойдуу көтүөҕэ.

Тулалыыр киэҥ эйгэҥ кустуктуу өҥүнэн

Тырымныыр чаҕылын долгута оонньотуо.

Сүрэхтэн кутуллар намылхай ырыанан

Сүргэҕин көтөҕөн манньыта ыллатыа.

Оччоҕо эйиэхэ анаммыт дьылҕаҕар

Махтана күн — күбэй ийэҕин саныаҕыҥ.

Олоҕу олорбут түстэммит төлкөҕөр

Маанылаан аал уоккар алгыскын аныаҕыҥ.

Киһиэхэ ол эбит төрүүргэ ананыы –

Күн сирин көрөргө үөһээттэн айыллыы.

Биирдэ көрөр аналлаах

 

Устан ааһаллар үөр былыт кэриэтэ

Суһаллык даҕаны олоҕуҥ сыллара.

Умуллар кыым симэлийэрин бэлиэтэ –

Сүүрэн ааһаллар оҕотук сааһыҥ күннэрэ.

Сааскылыы дохсун көмүөл халҕаһатыныы

Түөскүнэн тэлэҕин олоҕуҥ буомнарын.

Сороҕор өрүс көҥүллүк устарыныы

Тохтооҥҥун уоскулаҥ кытылын булаҕын.

Ыалдьыт буолан ананан Орто дойдуга

Айыллан кэлэриҥ үөһээттэн түстэнииҥ.

Ыҥырыыта суох хоноһолуур бу сиргэ

Айыылартан бэлэхтэммэт ыйаахтаныыҥ.

Киһи күн сирин биирдэ көрөр аналлаах.

Көс былыттыы устан ааһар айылгылаах.

Биһиги кырдьабыт…

 

Хап — хара баттахха кырыалаах хаһыҥныы

Кылбаҕар утахтар кэмэ суох үксүүллэр.

Хараастар санааттан күннэтэ дириҥии

Кэхтибит сирэйгэ сурааһын эбиллэр.

Биһиги кырдьабыт соһуччу түгэнтэн,

Күүппэтэх өттүттэн соҕотох сүтүктэн.

Алдьархай ааҥнаабыт иэдээннээх күнүттэн

Ханна да куоппаттыы быыһаммат дьылҕаттан.

Биһиги кырдьабыт куһаҕан санааттан,

Хойоҕу хостоһор хоп — сип күүһүттэн.

Эрэлгин таҥнарбыт эрэммит доҕортон,

Хас биирдии киһиэхэ тоҥуйдуу сыһыантан.

Биһиги эрдэ кырдьабыт хомолтоттон,

Күннэтэ олоххо көстөр сэнэбилтэн.

Истиҥник таптыыр олоҕуҥ аргыһыттан

Күүтүллүбэтэх холус быһыытыттан.

Умнабыт арай айыллыбыт аналбытын,

Умнабыт бары ийэ буору буларбытын.

Түөрт үктэл

 

Айыллыбыт аналы

Ааҕыллар сылларга

Астына иитиэхтээн,

Анаммыт дьылҕаҕа

Аттара дьүөрэлээн,

Арахпат санааҕа

Ааспыты уйалаан

Ахтылҕан аргыстаах

Астына-дуоһуйа

Ахтан-санаан ылабыт.

Онно олох симэҕэ –

Оҕо сааспыт кэрэтэ!

Ойор күннүүн көрсүһэн

Омуннурар үөрүүнү,

Оҕо-аймах үөрдүһэн

Ойуоккалыыр кэмнэри,

Оҕолордуун сиэттиһэн

Оһуор үктүү оонньууру

Ордугургуу,  манньыйа

Олуһун даҕаны ахтабыт.

Эдэр сааспыт эйгэтин

Эһиэхэйдээх сааскытын,

Этэр — тыынар түгэнин

Эрэмньилээх хардыытын,

Эйэргэһэр тапталыҥ

Эйэҕэстик көрүүтүн,

Эрэл кыымын кутаата

Эгэлгэтин элбэҕин,

Эҥкилэ суох ол кэми

Эймэнийэ таптыыбыт.

Орто сааспыт олоҕо

Очурдардаах оҥкула –

Олорор олоҕу оҥостон

Олохтоохтук олоруу,

Оҕо төрөтөн дьоллонон

Олох иннин түстэнии.

Орто дойдуга ананан

Оҥоһуубут ыйааҕынан

Олох орто омурҕанын

Орто сааһы ааҕабыт.

Сааһырыы сыллара

Саныахха да күндү!

Сатабылы таба туттан

Санаабыты ситиһэн,

Сүрэҕи — быары сымнатан

Сиэн оҕолуун сиэттиһэн,

Сүһүөххэ сылдьартан

Сүргэбитин көтөҕөн

Сарсыҥҥыга эрэлинэн

Саҥа күнү көрсөбүт!

Оҕо саастыын оонньоһон,

Эдэр саастыын эҥэрдэһэн,

Омурҕаҥҥа олук үктэһэн,

Сааһырыылыын сэргэстэһэн,

Олохпут түөрт үктэлин

Олорон ааһар эбиппит.

Аҕал миэхэ, Дьылҕам

 

Аҕал миэхэ, Дьылҕам, олохпор үөрүүнү,

Аламай сааскылыы оонньоһор сарыалы,

Астына саныахпын дьиҥ күүстээх баҕаны,

Аанньаллыы ып — ыраас төлкөлөөх ыраны.

Анаарыый миэхэҕэ айар кут илбиһин,

Алкыйар алгыстаах мин сахам кэс тылын,

Айарга анаммыт үтүө тыл кэрэтин,

Айхаллыы туойуохпун өбүгэм баай тылын.

Аҕал миэхэҕэ абылаҥнаах тапталы,

Ааспат- арахпат дьиҥ иэйии имэҥин,

Аһаҕас сүрэхтэн этиллэр биир тылы

Алтыһар олохпут быстыспат ситимин.

Арыаллаан киллэриий олоҕум аартыгар

Айхаллыы көрсүһэр эрэллээх доҕору.

Айманан хараастар аргыстаах ыллыкпар

Амарах санаалаах өйөһөр тирэҕи.

Аҕалыый миэхэҕэ кынаттаах санааны

Арылыйар халлааҥҥа уйдара көтүөхпүн.

Айыылартан айыыһыттаах түстэммит түөрэҕи

Анаммыт дьылҕабар анааран көрүөхпүн.

3. Олоҥхо илбистээх Саха тыла

 

Төрүт сахам тылынан

 

Орто туруу бараан дойдуга

Олохсуйбут төрүт өбүгэм

Ойор күн анныгар алтыһар

Олох хараҥа күүстэрин

Охсуһар, киирсиһэр күрэстэрин

Оһоҕун иннигэр олорон

Ойуулаан, устар уулуу

ОЛОҤХО  тылынан эҥсэлитэ туойдаҕа.

Түөрэҕэ түспүт төрөөбүт дойдутун,

Тулалыыр киэҥ-кэтит туонатын,

Тэйэр күннээх эҥсиллэр эбэтин,

Тэҥкэ тииттээх аар тайҕатын

Түөһүн иһиттэн эҥээритэн

Тыынар-тэбэр ис сүрэхтэн

Тэҥнэммэт саха кылыһаҕынан

Түстэммит ТОЙУК тылынан эттэҕэ-тыыннаҕа.

Алаас- алаас аайытын

Аймах — билэ дьоннорбут

Алаһа дьиэни туттан,

Аан Алахчын айыылаах

Аал уоту оттунан,

Арыылаах алаадьынан

Айах тутан арчылаан

АЛГЫС тылынан ааттаһан алкыйдаҕа.

Тыҥ хатыыта сайыны уруйдуу

Төгүрүйэ күҥҥэ тардыһа,

Тэйэр-тэбэр үҥкүүлээх

Түһүлгэни толору доҕулдьуйа,

Түөлбэлии хаама сылдьан

Тэҥкэ тыа кэтэҕэр тиийэ

Түөһүн иһиттэн эҥсэлитэ

Төрүт ОҺУОХАЙ тылынан дьиэрэтэ кэҕийдэҕэ.

Баҕа санаа

 

Айылҕаттан айдарыылаах

Айар тыллааҕым буоллар,

Алкыйар алгыс тыыннаан

Алыптаах тыл күүһүнэн,

Аламай күн кэрэтинэн

Аттаран сааһылаан саҥаран,

Сүһүөхтээн сүмэтин талан

Сахам сайдам дьонугар

Сүргэлэрин көтөҕөр,

Сүһүөхтэрин хамсатар,

Сэргэхситэр сүдү күүһү

Сатаан туойуом этэ дуо?!

Айа сатыыр айылгылаах,

Аттаран саҥарар баҕалаах

Арахпат — сүппэт санааларбын

Ааспыт үйэлэр саҕаттан

Аатырар өбүгэм тойугунан

Аймах — билэ дьоннорбор

Сырдык иэйии көмөтүнэн,

Сылаанньытар имэҥинэн

Сүрэхтэрин өрүкүтэр,

Санааларын кынаттыыр

Сылаас истиҥ иэйиинэн

Ситэрэн ыллыам этэ дуо?!

Урааҥхай саха үгэһинэн

Уран тыл ураты кэрэтинэн,

Угуйар- ыҥырар алыбынан,

Улуутуйар бэргэн этиитинэн

Уйулҕаны уһугуннарар,

Утуйар ууну да умнар,

Хотойдуу үөһээ көтүтэр

Хомоҕой тыллары хомуйан,

Хоһооннорбор холбуу тутан

Холоонноох хоһууттарбар

Хостоон ылар кэриэтэ

Хоһуйа сатыам этэ дуо?!

Айылҕаны арчылааҥ

 

Атааннаах- мөҥүөннээх төрөөбүт дойдум!

Айыллан үөскээбит аатырар айылҕаҕын,

Аарыма мастардаах тулалыыр эйгэҕин

Аан дойду орто дьапталҕатыгар

Ананан кэлбит аймах — билэ дьонум

Айгыратан эрэллэрин уйулҕалыын ылынан,

Айах атан, тыл ыһыктан анаардаҕым буолуохтун!

Силигилии үүммүт аар тайҕам барахсан!

Сыл — хонук аастаҕын аайытын

Сэбирдэх чээлэй күөх өҥҥүнэн көөчүктүү

Сибигинии оонньото суугунуур бэйэҥ дьэ,

Сириэдийиэҥ кэриэтэ симэлийэн иһэргин

Сүрэхпэр — быарбар аһары ыттаран,

Сүһүөхтээх бэйэм сүөм түһэн, сөҥөдүйдэҕим буолуохтун!

Күлүктэрин көрүнэр очуос хайалардаах,

Кылыгырыы сүүрэр ыраас уулаах өрүһүм!

Килбэйэр кииҥҥин, дьогдьойор саалгын

Күннэри — түүннэри дьэбиннирэ киртитэн,

Киһи эрэ санаатын самнары баттыах

Көрүҥнүүн уларыйан уолан — уостан иһэргин

Көҕүс түһэн, көхсүм кыараан, айахтаттаҕым буолуохтун!

Аҕыс хаттыгастаах халлааным анныгар

Ааккын ааттатар төрөөбүт киэҥ туонам!

Аһынар диэн антах анньыллан,

Алдьатыылаах сэбинэн түөрэ сүргэтиллэн,

Аана суох алдьархайга түбэспиккин билэн

Айманар санаабын, уйадыйар дууһабын

Аһан биэрэн тураммын айаардаҕым буолуохтун!

Сата баһын тардар сылтах буолбатын туһугар

Сиэри-туому утумнаан, Сир ийэбитин

Сиэр быһыытынан үгэһи тутуһан,

Саргы көтөҕөн, үчүгэйи баҕаран

Ситэрэн — оһорон сириэдитэн иһиэҕиҥ,

Саҥа санаанан тускулун тутуоҕуҥ диэн

Саха сэмэй саҥатынан тыл ыһыгыннаҕым буолуохтун!

Ол туһа диэн окко түспүт оҥоһуулаах сахам дьоно!

Ойон тахсар күннээх Орто дойдубут

Омоҕой, Эллэй саҕаттан ылламмыт айылҕатын

Охтоохтон охтубат, саалаахтан самныбат гына

Олох олорор, оҕо төрөтөр аналлаан,

Олохтоохтук оһорон, инникитин илинниэҕиҥ!

Ол инниттэн айылҕаны арчылыырга

Алгыс баһын сыалыаҕыҥ!

Айар тылбын анаатым

 

Хаптаҕай кулгаахтаах

дьалайан иһиттин диэммин

Хаарыан харыс санааларбын

хаппарбыттан хостоотум.

Илбистээх тылларбын испэр

иҥэрэн сытыарбакка аһаммын

Икки атах иннинэн сирэйдээхпэр

айар тылбын анаатым.

Тоҕотун токколоон, төрдүн түөрсэн

ыраҥалыыр буоллахха,

Тойон сүрэҕим чопчута – айар кутум илбиһэ

биллибэккэ кэхтииһи.

Ис санааларым иэйэр — куойар кэмин

аахайбакка аһардахха,

Иһирэх баҕарар баҕам ымыыта

ылламмакка хаалыыһы.

Амарах, үтүө санаалаах

айыы аймах дьонугар

Айар кукка ылларан, айаҕым аһыллан

өрөөбүт уоспун өһүлэбин.

Сайдам ыраларым этиллибэтэх кистэлин

сөҥүрдэн сыппыт ааппар

Сүрэҕи — быары сымнатар иэйиилэрин

хоһоонунан хоһуйабын.

Кэккэлэһэ хаамсыһар сэмэй тыллаах тойугум

кэскиллэнэ туруохтун!

Кэтэх санаата суох кэмчи кэпсэлим

кэрэхсэнэр буолуохтун!

Абылаҥнаах кэрэлэр

 

Тэтиҥ намчы көрүҥүн

Таптыы, сөҕө көрөммүн

Туохтан маннык долгуйа,

Туоххаһыйа аймана

Тэлибириир бэйэтин

Тэһии кыылга холооммун

Токкоолоһор санааттан

Туоһуластым тэтиҥтэн.

Онуохаҕа тэтиҥим

Ойор — тэбэр оонньуулаах

Оҕо саастыын сиэттиһэн,

Олох эдэр сааһыныын

Ойор күннүүн алтыһан

Сэмэй, ыраас иэйииттэн

Силигилиир кистэлин

Сэбирдэҕэ сэргэхтик

Сэлибирии тыыммыта.

Аар хатыҥ кэрэтин таламмын

Айгырас сэбирдэх быыһынан

Аргыыйдык долгуйа хаамаммын,

Аттыгар кэрэхсиир быһыынан

Аатырар субатын кууһаммын

Айылҕа анаабыт аналын,

Айыллар — туойуллар кистэлин

Аһыа диэн хатыҥтан көрдөстүм.

Сир — дойду иэнигэр чэлгийэн,

Сүмэтин астына ыймахтаан,

Сүрэххэ тапталы биһиктээн,

Сирдээҕи иэйиигэ уйдаран

Силигин ситэрэн үүнэрин,

Саҥа күн тахсыытын көрсөрүн

Суугунуур сэбирдэх быыһынан

Сэмэйдик кэпсээтэ хатыҥым.

Төрүт сахам тойугунан

Туойуллар Боотурунуу

Тэҥкэ тиити буламмын,

Толуу — мааны көрүҥүн

Толло көрөн тураммын

Туохтан маннык сириэдийэ,

Төлөһүйэ үүммүтүн

Тоһоҕолоон ыйыттым.

Байдам  Ийэ буор кутун

Баранан биэрбэт илгэтин

Балысханнык иҥэринэн,

Бухатыырдыы таһаатынан

Баараҕай маһынан ааттанан,

Байылыаттык тыллыбытын

Бэйэтин билинэр быһыынан

Барҕара үүммүт тиит маһым

Байым лабаатын хамсатта.

Айгыр — силик айылҕабыт

Анаан биэрбит бэлэҕэ,

Аатырдынар диэн айбыт

Абылаҥнаах кэрэлэрэ

Алыптаах сахам тылынан

Арчыланнын алгыһынан!

4. Олох анала

 

Үс кут

 

Түөрэҕи түһэрбит буор куппут баар буолан

Тулалыыр эйгэтэ бар дьону арчылыыр.

Күөрэйэр үрдүккэ үрүҥ күн баар буолан

Күннэтэ сардаҥа уотунан арыаллыыр.

Эргимтэ киинигэр салгын кут баар буолан

Этиэхтэн эгэлгэ иэйиинэн тыынаҕын.

Салгын кут алтыһан өй — санаа баар буолан,

Сир үрдүн кэрэтин кэрэхсии көрөҕүн.

Иэйиэхсит эҥэрдээх ийэ кут баар буолан,

Ийэттэн төрөөммүт күн сирин көрөбүт.

Куппутун туттарар дьиҥ таптал баар буолан,

Киһиэхэ ананар төлкөнү түстүүбүт.

Үс куттаах урааҥхай сахалар буолабыт.

Үс күлүгэр үҥэн дьиҥ саха дэнэбит.

ХХХ

 

Сарсыарда аайытын илиҥҥи саҕахха

Саҥа күн сырдыгын сандаарда тыгыыта

Халлааным чээл күөҕүн утары уунарын,

Хас биирдии киһиэхэ үөрүүнү саҕарын

Тоҕотун билбэппин чыпчылҕан түгэнин

Тылынан ситэрэн тиэрдибэт дьиктитин.

Айылҕам уһуктан хатыҥнаах чараҥмар

Аргыыйдык сиккиэртэн сэбирдэх ыллыырын,

Симэх от долгуннаах үүнүүлээх алааспар

Сибэкки күн диэки тардыһа тылларын

Тоҕотун эппэппин төһөлөөх күндүтүн,

Туохха да тэҥнэммэт кэрэни түстүүрүн.

Тапталтан талбаарар иэйиигэ ылларан

Таптаһар сүрэхпит биир тэҥҥэ тэбэрин,

Имэҥнээх долгуҥҥа нарыннык куустаран

Илиилиин сиэттиһэн уйдара көтөрүн

Тоҕотун таайбаппын ол иэйии нарынын,

Таабырын кэриэтэ уйулҕа кистэлин.

Саас

 

Күлэр-үөрэр – оҕо саас,

Күннүүн сырсар – мэник саас,

Кылыйа ойор – тэйэр саас,

Киирбэт күннээх – күндүл саас!

Эрчим тыыннаах – туҥуй саас,

Эрэл кыымнаах – дьикти саас,

Этэр -тыынар – күлүм саас,

Эһиэхэйдиир – эдэр саас!

Аргыстардаах – орто саас,

Алаһалаах – ойдом саас,

Аналлардаах – күүтэр саас,

Айдарыылаах – сайдар саас!

Аҕам саастаах – кырдьар саас,

Аартыктардаах – бүччүм саас,

Аймах дьонноох – байым саас,

Ахтар — саныыр – ытык саас!

Кустуктаннын – оҕо саас!

Кэскиллэннин – эдэр саас!

Алгыстаннын – орто саас!

Арчыланнын – кырдьар саас!

 

 

Аймаһыйа таптыыбын

 

Сааскы дьикти кэрэ ньургуһуннуу,

Сарбынньах хаар нарын ойуутунуу

Олоҕу уйан ис дууһабынан

Ылынабын истиҥ тапталынан.

Үрүччэ сыккыс симик тыаһыныы,

Күөрэгэй дьырылас ырыатыныы

Олоҕу эгэлгэлээх иэйиинэн

Уйаннык туойабын ырабынан.

Тулалыыр киэҥ эйгэм кэрэтинии,

Таптыыр сүрэх бигэ эрэлинии

Дьолунан толору олоҕунан

Көҥүллүк тыынабын астынан.

Уус тыллаах өбүгэм тойугунуу,

Алкыйар алыптаах алгыһыныы

Үрүҥ күн күөрэйэр үөрүүтүнэн

Олоҕу ылынабын махталынан.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0