Хоһоон куттаах кыргыттар

23.11.2020
Бөлөххө киир:

Сахабыт сирин айар куттаах хоһоонньут кыргыттарын үлэлэрин билиһиннэрэбит.

Мария Андреева Горнай улууһун Одуну нэһилиэгиттэн төрүттээх. Л.Н.Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатыгар педагог-бибилэтиэкэринэн үлэлиир.

Мария Горнай улууһун «Дьүрүскэн» ыччат литературнай түмсүүтүн чилиэнэ, ону тэҥэ куйаар ситимин “Айар аартыкпыт аргыстара” бөлөх кыттыылааҕа буолар.

2018 с. ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньах поэзия хайысхатын кыайыылааҕа.

2019 с. “Кынаттаах тыллар” кинигэҕэ хоһооннорун тиһиликтэрэ тахсыбыттара.

Кырдьыма, букатын кэхтимэ!

Кырдьыма, букатын кэхтимэ,
Эдэр саас күргүөмнээх ырыата!
Түөстэрбит төлөннөөх уотунан,
Кытыаста, умайа туойдуннар.
Эдэркээн эйэҕэс сүрэхпит,
Тохтоло суох битийдин, битийдин!

Хайалар

Сир үрдүгэр сүдү тыыннаахтар –хайалар!
Оо, хайалар! Халлааны хайытар хайалар!
Ханна тиийэн саллар сааскыт ситиилэрин өрөҕүт?
Ханан тиийэн муҥур үйэҕит үктэллэрин дабайаҕыт?
Хараара барыаран, ардыгар дьиппинийэн,
Ааһар тыалы хаххалыыгыт.
Тахсар күн сарыалыттан сыраллан,
Сороҕор күн уотунан оонньуугут.
Халыҥ хаары бүрүнэн,
Санньыар санааҕа ыллараҕыт.
Биитэр кустугу маамыктаан,
Сэттэ өҥүнэн күлүмнүү киэркэйэҕит.
Хайалар, хайалар,
Хардарбат хаҥыл хайалар.
Хараҕым хайҕыы, санаам көнньүөрэ
Эһиэхэ тардыһабын.

Үөлээннээхтэрим бүктүлэр
Олох араас эргииригэр –
Күнү барыы сатаан
Олордохторо оһохторун иннигэр ,
Оҕо сааспыт өйдөбүлэ
Сылын аайы өлбөөдүйэр:
Күннээҕи түбүккэ баттатан
Суураллыахтара көмүс күннэр…

Мичээр

Ол сайын эн мичээр аргыстаах,
Уйаҕас кустугу сууланан киирбитиҥ.
Ол күнтэн ылата миэхэ
Сүрэхпэр киирбитиҥ.
Мичээриҥ алыба куруук,
Миигин үрдүккэ кынаттыыр,
Ыраах да буоллаххына,
Сылааһа мэлдьи илгийэр.

Сардаана Софронеева Кэбээйи улууһун Мукучу бөһүөлэгиттэн төрүттээх, М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэммитэ.

Сардаана айымньылара «Дабаан», «Кэскил», «Эдэр саас» хаһыаттарга, «Далбар хотун», «Үйэ», «Чолбон» сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. Кини улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах айар күрэстэр кыайыылааҕа, араас таһымнаах тэрээһиннэр көхтөөх кыттыылааҕа буолар.

Баар буоллун сахам тыла

Тырымныы тылыннын
Тыыннаах тыл,
Угуттуу уһугуннун
Уран тыл!

Килэйэ тоҥмут сүрэхтэри
Көмүрүө курдук уулларан,
Кутулуннун сахам тыла
Күрүлгэннии сымсатык.
Кыайдын кубулҕат кэми
Кэрэни көрөргө үөрэтэн,
Көйдүн тыргыл ыллыгы
Көҥүл тыыҥҥа көҕүлээн.

Саппаҕырбыт куту-сүрү
Саҥалыы сайа охсон,
Сайҕаатын сахам тыла
Сааскылыы сылаастык.
Сахтын сонун көрүүнү
Сайдар тэтимҥэ салайан,
Салҕаатын утум ситимин
Самныбат эрэли ситэрэн.

Өксүөннэммит өйдөрү
Өркөнүнэн чөллөрүтэн,
Өрүкүйдүн өбүгэм тыла
Өлбөт мэҥэ уутунуу.
Өһүллүн сымыйа өттүн
Өтүү дьайтан босхолоон,
Өрүһүйдүн алгыһынан
Өрөгөй кэми түстээн.

Бэриммэккэ харыстыах
Барыбыт кэскилин олугун,
Быстыбакка салгыах
Бүттүүн омук дьылҕатын.
Баар буоллун саха тыла —
Бигэ олохпут сарыала,
Баар буоллун өбүгэ тыла —
Бараммат күүс байҕала.

Кэбирии кэхтибэтин
Кэрэмэс тыл!
Төннө төлкөлөммөтүн
Төрүт тыл!

Камила Михайлова-Ньургуһун Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кини билигин М.А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи интэринээт-лисиэй 11-с кылааһыгар үөрэнэр. Камила үөрэҕэр туйгунун таһынан, оскуола олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар.

Камила кыра кылаастарга үөрэ сылдьан бастакытын хоһоон суруйан холонон көрбүт. Төрдүс кылааһы бүтэрэригэр маҥнайгы учууталыгар махталын хоһооҥҥо хоһуйан бэлэхтээбит. Эдэр хоһоонньут инникитин сөбүлүүр дьарыгын сайыннарыан баҕарар.

Тугу гынаары эн киһи,
Туруу бараан дойдуга
Туруулаһан тураҥҥын,
Талбыт курдук туруорсан,
Төгүрүк Ийэ сиргэ
Төрөөн үөскээн сылдьаҕын?
Тымныы Саха Сиригэр
Тугу булаары кэлбиккиний?
Таас хайалары уҥуордаан,
Тас дойдуга үөскээбэтэххиний?
Туһалааҕы оҥороор диэн
Тыйыс тымныы дойдуга
Таҥара талан ыыттаҕа…
Толкуйдаан баран эттэххэ,
Туох толкуйдаах киһигиний
Тахсар сырдык күҥҥэ
Туоххун ууран биэрэҕин?
Таҥара биэрбит олоҕун
Толору олоробун диигин да?
Туман,буруо быыһыгар
Тумнастан эрэр курдуккун…
Талах тостор-эн курдук,
Табах умуллар-эн курдук.
Тайҕаҕа хаалан хааллахха,
Тардан ылар киһи суох,
Тирэх буолар доҕор суох.
Тостон баран оспот суох
Тугуй,бэринээри гынаҕын?
Таайтарбакка этэбин
Талба талыы буолбатаххын,
Таптал диэни билбэтэххин
Тоһоҕо курдук токуллан,
Табах уобан тураҕын…
Тардыһыахтааххын сырдыкка,
Талаһыахтааххын кэрэҕэ.
Тоҕо ону умнаҕын?
Тохтоон баран тураҕын?

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0