Хочуолунайдары тутарга сойуом бэриллэрэ бигэргэннэ

Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эрэгийиэннэр сайдыыларыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын президиумун вице-премьерэ Марат Хуснуллин бэрэссэдээтэллээх мунньаҕар кытынна.

edersaas.ru

Манна Саха Өрөспүүбүлэкэтигэр хочуолунайдары уонна ититии ситимнэрин модернизациялааһыҥҥа 273 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх сойуом бэриллэрэ сөбүлэһилиннэ.
Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, бырайыактар Саха сиригэр 4 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 254 олорор дьиэни уонна 3 социальнай эбийиэги холбуур кыаҕы биэриэхтэрэ. Таатта улууһун Чычымах сэлиэнньэтигэр «Саҥа оскуола» механизациялаах хочуолунайы тутуохтара. 8,9 килэмиэтир уһуннаах ититии саҥа ситимэ ууруллуоҕа. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суолатыгар 1,03 Гкал «Моорук-1» хочуолунай баар буолуоҕа. Онтон Амма улууһун Абаҕа сэлиэнньэтигэр «Емельяновка» микрооройуоҥҥа 2,06 Гкал модульнай хочуолунай тутуллан үлэҕэ киллэриллиэҕэ.
Бу бырайыактары барыларын олоххо киллэрэргэ 341,5 мөлүйүөн солкуобай наада буолар. Итинтэн 68 мөлүйүөнтэн тахса үп «СӨ Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба» ГУП бүддьүөтүгэр угуллуоҕа, 273 мөлүйүөнэ — ДьУоКХ пуондатын сойуомун үбэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0