Хоҥор Биэҕэ харантыын биллэрилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 21 күнүттэн Нам улууһун Салбан нэһилиэгин Хоҥор Биэ сэлиэнньэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан харантыын биллэрилиннэ. Бу сэлиэнньэҕэ анал дьаһал тахсыар диэри хааччахтыыр миэрэлэр ылыныахтара.

edersaas.ru

Ол курдук, олохтоохтор атын нэһилиэктэргэ бэйэлэрин кыһалҕаларыгар тахсаллара бобуллар. Бу кэмҥэ сэлиэнньэ таһыгар атын нэһилиэктэргэ сылдьар олохтоохтор дьиэлэригэр төннөллөрө бобуллар. Хоҥор Биэттэн атын сиргэ барар баҕалаахтар 14 күннээх обсерваторга олорон баран тахсаллара көҥүллэнэр. Бу түгэҥҥэ анаммыт обсерватор сэлиэнньэҕэ үлэтин саҕалаата.

Сулууспа кыһалҕатынан тахсыахтаах дьон пропуск оҥостоллоро модьуйуллар. Хоҥор Биэҕэ киирэр суолга өрөспүүбүлүкэтээҕи ИДьМ пропуск бэрэбиэркэлиир поһа арылынна.

Хоҥор Биэ олохтоохторо бэйэни хааччахтаныы эрэсиимин тутуһуохтаахтар. Хааччахтаныы кэмигэр дьоҥҥо көмөлөһөр волонтердар үлэлэрин саҕалыахтара.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0