Хоһоонньут ийэлээх Испирдиэнэптэр

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү дьоруойбун, Олимпиада Спиридонованы, үөрэҕэ суох ийэтэ барахсан кинини төрөппүт акушерка аатынан сүрэхтээбит. Биир уол, үс кыыс иһирэх ийэтэ, сэттэ сиэн эбэтэ Олимпиада Спиридонова аата кэнники сылларга элбэхтик иһиллэр буолла.

edersaas.ru


Кыайыы-хотуу, ситиһии өрөгө­йүн билэ, бар дьонун тапталынан угуттана сылдьар ыал ийэтэ онуоха бэ­йэтин сүрэхтэммит аатыгар махтаммата, аат суолтатыгар итэҕэйбэтэ кэлиэ дуо? Кини – Кэмпэндээйигэ Спиридоновтар ­диэн сис ыал истиҥ ийэтэ, СӨ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, «Саха сирин норуоттарын култууратын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэ ха­һаайката, «Ньургуһун» түмсүү чилиэнэ.

Тойбохой эбэ дьикти ааттаах кыыһа

Олимпиада Серафи­мовна Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгэр ахсынньы аам-даам тымныытыгар элбэх оҕолоох үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Дьикти аатынан сүрэхтэммит кыракый кыысчаан 5 сааһын туолбутун кэннэ Тойбохойго көһөн киирбиттэрэ. Онтон ыла ойор күннээх оҕо сааһа Тойбохой эбэ ­киэҥ нэлэмэн сыһыытыгар арыт лыаҕы сырсан, арыт отонноон ааспыта. Дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүт кыыс бырааттарын, балтыларын харайсан улааппыта. Социалистическай Үлэ Дьоруойа Георгий Бессонов тэрийбит мусуойдарыгар, оранжереятыгар, «тыыннаах муннугар», ботаническай саадыгар буһан-хатан, айылҕа дьиктилэрин сэргии, таптыы улааппыта.

1976 с. оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, икки сыл үлэлээн баран, Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин 1982 с. бүтэрэн, учуутал үрдүк аатын ылыаҕыттан, олоҕун оҕо иитиитигэр, үөрэтиитигэр анаата. Ол иһигэр, оҕо уһуйааныгар 11 сыл үлэлээбитэ.

Чөл олох туруктаах олоҕу түстүүр

Олимпиада Серафимовна билигин Кэмпэндээйигэ В.Иванов аатынан оскуолаҕа муусука учууталынан үлэлээн, эдэр көлүөнэни кэрэ эйгэҕэ иитэр. Иллэҥ кэмигэр кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин, доҕотторун, айылҕатын хомоҕой хоһоонноругар хоһуйар.

Бүгүҥҥү дьоруойбуттан дьиэ кэргэн туруктаах буоларыгар туох сүрүн оруоллааҕын ыйыталаспыппар:

«Киһи олох олорорун тухары оҕолорун, сиэннэрин туһугар кыһаллар. Төһө кыалларынан, өрүү кинилэри араҥаччылыы сатыыр. Дьиэ кэргэн туруктаах буоларын туһугар, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ чөл олох тутуһуллуохтаах дии саныыбын. Ол аата оҕо кыра сааһыттан кэрэ эйгэҕэ сыстан, онно ылыммыт үгэстэрин олоххо табатык туттан туһанарын ситиһиэхтээхпит. Биллэн турар, тулалыыр айылҕаны бэлиэтии көрөн харыстыы сылдьыахтаах. Айылҕа бэлэх уунар отун-маһын, булдун-алдын, күөллэрин-өрүстэрин ааттарыттан саҕалаан үөрэтэн билэр буолуохтаах. Оччоҕо эрэ оҕо айылҕаны таптыы, харыстыы улаатар. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа саастаахтары ытыктыыр буола улааталларын ситиһэ сатыыбыт. Ол аата, дьиэ кэргэн туруктаах буоларыгар чөл олох, айылҕаны харыстааһын уонна бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы, ил, эйэ, таптал баар буолуохтаах».

Хоһоон хонуутугар

Олимпиада Серафимовна (бэйэтэ ­этэринэн – олох хойут) үс сылтан бэттэх хоһоон суруйуу алыбар ылларбыта.

«Хоһооннорум миэхэ ис туругум сайдарыгар, санаабын сайа этэрбэр, сахам тылын дириҥник ааҕа, ырыта, үөрэтэ сатыырбар уонна тулалыыр эйгэбин таптыырбар, өй-санаа өттүнэн сайдарбар көмөлөһөллөр», – диир.

Кини хоһоонноро үксэ тапталга ананаллар. Көҥүл тылбааска холонор уонна элбэх ырыаһыкка сонун хайысханы киллэрдэ. Ол курдук, уруккуттан биллэр омук уонна нуучча ырыаларын матыыптарын сахалыы тыыннаата. Олимпиада Серафимовна айбыт хоһоонноругар ордук элбэх ырыаны былырыыҥҥы «Үрдэл» телевизионнай ­биэрии Гран-притын хаһаайката, дьүөгэтэ Анна Тотонова, Николай Протопопов уонна Валерий Платонов суруйбуттара. Аны билигин хит буолбут ырыалар тылларын тылбаастыыр. Олимпиада ааспыт сыл бүтэһик күннэригэр «Ис кутум долгуннара» диэн бастакы кинигэтэ күн сирин көрбүт үөрүүтүн дойдутугар уонна Дьокуускай куоракка бар дьонун кытары үллэстибитэ.

Дьахтар – таптал таҥарата

«Дьахтар барахсан аан дойдуну тутан олорор диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Кини – сир симэҕэ, ыал ийэтэ, эбээтэ, эдьиий, саҥас, кийиит, балыс… Дьахтар – таптал таҥарата. Кини кэрэтин номоҕон сэбэрэтигэр, таҥна-сапта, тутта-хапта сылдьарыгар, тылыгар-өһүгэр, астыыр аһыгар, үүннэрэр үүнээйитигэр – барытыгар көрүөххэ сөп.

Оттон эр киһи күүһэ киэҥ көҕүстээҕэр, мындырыгар, сатабылыгар, айылҕалыын алтыһыытыгар, дьиэ кэргэнигэр харысхаллаах сыһыаныгар, кэргэнин таптыырыгар, үлэтигэр, ылыммыт соругар бэриниилээх буоларыгар сытар. Ол аата, эр киһи киэҥ холку, мындыр өйдөөх уонна дьахтарга ытыктабыллаах сыһыаннаах буолуохтаах».

Оҕону иитии

«Киһи — өйүнэн, сүөһү — өҥүнэн», – ­дииллэр. Киһи барахсан өйдөөх буоллаҕына, үөрэхтээх, үлэһит, олоххо туһалаах миэстэлээх буолар. Уол оҕону бултуурга, үлэҕэ иитэҕин, кыыһы ийэ буоларга бэлэмниигин. Уопсайынан, уол-кыыс оҕону иитии улахан уратыта суох, уол аҕатын кытта сылдьан барыга барытыгар үөрэнэр, оттон кыыс оҕо — ийэтиттэн. Ол иһин, төрөппүттэр оҕолоругар холобур буолуохтаахтар».

Спиридоновтар оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн сынньалаҥнарын айылҕаҕа атаараллар. Оҕолорунуун илим үтэ, кустуу, сир астыы бараллара оҕо саастарын биир умнуллубат түгэннэринэн буолаллар. Оҕолорунуун бары да муусукаҕа, ырыаҕа сыстаҕас буоланнар, үгүс бырааһынньыгы, тэрээһини киэргэтэллэр.

Оҕолоох буоламмын

Оҕолоох буоламмын быһыыта

Олоххо тардыһыым күүстээҕиэн.

Олоҕум оһуорун ойуута

Мин оҕом күлэрин түстүүрүөн.

Үөрэммин сэгэйэр түгэммэр,

Уол оҕом сэгэйэ түһүөҕэ,

 Хараастар санньыйар кэмнэрбэр,

                                                                            Кыысчааным сүүрүүнэн кэлиэҕэ.

                                                                     Сааһырдахха харчы кэлиитэ

                                                                            Сиэнчээним албыннаһан ыллыа.

                                                                               Киэһээтин сылайыы түбүгүттэн

                                                                        Уоскутаары кэргэним сыллыа.

                                                               Сылайыы, дабайыы түгэнэ

                                                                         Хаайбатын сиэннэрим туругун.

                                                                     Ханнык да мин кэмим кэрдииһэ

                                                                   Харгыстаабатын олохторун.

Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0