Хоһоон: «Сайа саныыр санаата, Сайа айар тыллара…»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сахабыт дьонугар үөрүүлээх сонун тилийэ көтөн суруйар, ааҕар эйгэҕэ баар дьону үөрүү-көтүү. Биллиилээх сөбүлүүр поэтессабыт Михалева Наталья Владимировна СӨ Норуодунай суруйааччы үрдүк аатын ылбытынан, Сулустаах чааһа үүммүтүнэн ЭҔЭРДЭ буолуохтун!

САЙА — САХА СИРЭЙЭ

Сайа саныыр санаата,
Сайа айар тыллара
Салгын курдук турукка
Сайа охсон киирэллэр.

Саха тыла имигэс,
Саха тыла дэлэгэй
Диэни тута өйдүүбүн
Айымньытын аахтарбын.

Сайа — саха сирэйэ
Саха тылын түөлбэтэ!
Сайа — саха эрэлэ
Поэзия сүмэтэ!

Полина-Победа
Уус Алдан
2021с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0