“Хоһоон – олох. Онно – барыта баар”. Сэмэн Тумат айар биэчэрэ
“Хоһоон – олох. Онно – барыта баар.
Хаһан хомолто куустаҕына,
Хаһан үөрүү буллаҕына
Хоһоон айыллар,
Хоһоон суруллар…
Хоһоон – олох. Онно – барыта баар…”
Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат СГУ саха тылын, литературатын салаатыгар үөрэнэр сылларыгар биллиилээх литературнай кириитик Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн салайар “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүтүн биир көхтөөх чилиэнэ этэ. Оччолортон хоһоон суруйара, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэрэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылыгар доҕотторо, биир идэлээхтэрэ “Чолбон”-нор, Семен Андреевич 22 сыл устата айымньылаахтык үлэлээбит сурунаалын “Сэмсэтигэр” суруйааччы эрдэтээҥи хоһооннорун “Сүрэх ырыата” диэн аатынан таһаарбыттар.
“Өй-санаа күүстээҕэр, чэбдигэр суруллубуттарынан уратылаахтар – эрдэтээҥи хоһооннорум, бастакы холонууларым” , — диир Сэмэн Тумат бэйэтэ.
Дьэ бу, чахчы даҕаны “Сүрэх ырыата” буолбут эдэр сааһын лирикатыттан турар истиҥ хоһооннорун хомуурунньугун утары уунан, суруйааччы күн бэҕэһээ, олунньу 27 күнүгэр Дьокуускайга, Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай мусуойга күндү ыалдьыттарын көрүстэ.
Бу күн манна, норуот суруйааччыта, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Семен Андреевич Попов-Тумат 75 сааһыгар аналлаах айар биэчэрэ буолла.
Дьоро киэһэни, суруйааччы айар үлэтин, олоҕун, уопсастыбаннай киэҥ хабааннаах үлэтин сырдатан, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева аста, үбүлүөйдээх биир идэлээхтэрин, доҕордорун истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Бу күн үгүс үтүө тыл этилиннэ, ырыа ылбаҕайа ылланна, хоһоон хомоҕойо ааҕылынна. Талааннаах биир дойдулаахтарыгар, мустубут ыалдьыттарга киэн туттар ырыаһыттарбыт Александр Дьячковскай-Саарын, Марианна Федотова-Намыына, Татьяна Андросова, о.д.а. ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр.
Саха норуодунай суруйааччытын, ытыктыыр биир дойдулааҕын Семен Андреевиһы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев истиҥник эҕэрдэлээтэ. Кининэн Чурапчы улууһун дьоно-сэргэтэ бука бары киэн тутталларын, үлэтин үрдүктүк сыаналыылларын эттэ.
—Эн уус-уран айымньыларыҥ үйэлээхтэр! Сыл-хонук сүүрүк курдук субуллан аастаҕын аайы суолталара өссө улаатан, дириҥээн иһиэхтэрэ, үүнэр көлүөнэҕэ, кэнчээри ыччакка дьоһун бэлэх буолуохтара, — диэн туран, Москва куоракка Бэс Чагда санаторийга сынньанарыгар, доруобуйатын бөҕөргөтүнэригэр анаан путевка бэлэх туттарда.
Үбүлүөйдээх норуот суруйааччытыгар СӨ Култууратын, духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов, дьиэлээх хаһаайыттар — Былатыан Ойуунускай аатынан Литературнай мусуой кэлэктиибин аатыттан Линда Иванова, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Николай Аммосов, “Сахабэчээт” АТ генеральнай дириэктэрэ Филипп Пестряков, С.А.Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров, кылаабынай эрэдээктэр Валерий Луковцев, куораттааҕы “Чурапчы” түмсүү салайааччыта Иван Макаров, ХИФУ профессора Василий Илларионов, уо.д.а. истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр.
“Чуораанчык” сурунаал эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова, “Эдэр коммунист” хаһыат эрдэхтэн Семен Андреевичтыын бииргэ үлэлээбит, билигин “Киин куорат» хаһыат эрэдээктэрэ, суруйааччы Иван Ушницкай уонна биллэн турар, суруйааччы доҕотторо, биир идэлээхтэрэ Николай Винокуров-Урсун, Павел Харитонов-Ойуку, Тумарча, Василий Иванов, Аита Шапошникова, Елена Слепцова-Куорсуннаах, Саргылаана Гольдерова – Саргы Куо, Альбина Борисова, Данил Макеев, Иван Иннокентьев, Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Аграфена Кузьмина, Ираида Попова, Ойуур Уйбаан юбилярга баҕа санаа бастыҥын тиэртилэр.
Суруйааччы дьиэ кэргэнэ – уола юрист идэлээх Василий Семенович, кийиитэ биллэр-көстөр суруналыыс Людмила Попова, сиэннэрэ – 11-с кылаас үөрэнээччитэ Эльдар, 9-с кылаас үөрэнээччитэ Сеня уонна детсад киһитэ Сахаян Поповтар дьоро киэһэни тэрийиигэ күүс-көмө буолаллар.
Оттон эдэр суруйааччылар убайдаатар-убайдарын үбүлүөйүн тэрийсиигэ сүүрэ-көтө, кыһалла-мүһэллэ сылдьалларын киһи эмиэ олус үөрэ көрөр.
Ол курдук, манна мусуойга Семен Андреевич эрдэтээҕи дневниктэринэн, илиинэн суруллубут сурунаалларынан, бастакы бэйэ оҥоруу кинигэлэринэн, үгүс сыллар тухары архыыпка кичэллээхтик тиспит о.д.а. докумуоннарынан олус интэриэһинэй быыстапка тэриллибит.
Маны көрөн туран саныыгын: чахчыта даҕаны, эдэр суруйааччыларга чаҕылхай холобур буолар, ис сүрэхтэн тахсар махталлаах, кэскиллээх, айымньылаах үлэ маннык саҕаланар буоллаҕа!
“…Сүрэхтэри кэрийэр,
Сүрэхтэргэ уйа туттар.
Ситтэрбэт, муҥурдаммат
Олоҕу кини эрэ олорор –
Сүрэх ырыата!”.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Аграфена Кузьмина, Светлана Диодорова уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.